24.03.2021 | 09:52

“МЭР-2021” оонньуу талааннаах ыччаты түмтэ

“МЭР-2021” оонньуу талааннаах ыччаты түмтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 12-13 күннэригэр «Молодежь – энергия развития города Якутска» («МЭР-2021») дьыалабыай оонньуу тохсус төгүлүн  ыытылынна. Бастыҥнары  Дьокуускай куорат «Точка кипения — Якутск» балаһааккатыгар быһаардылар. Кыайыылаахтары куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Роман Сорокин эҕэрдэлээтэ.

Бүгүҥҥү “Тэтим” балаһаҕа оонньуу былаһын тухары лиидэр хаачыстыбатынан тэҥнээҕин булбатах, биир бастыҥ ыччаты – Захар Иванову билиһиннэрэбит. Кини муус устар ыйга биир күн устата куорат баһылыгын эбээһинэһин толоруохтаах.

- Захар, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар кэпсии түһэриҥ буоллар.

- Сааһым – 34, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тутууну уонна дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ судаарыстыбаннай управлениетыгар сүрүн исписэлииһинэн үлэлиибин.

- «Молодежь — энергия развития Якутска» (“МЭР”) оонньуу сүрүн сыалынан туох буоларый?

- Дьыалабыай оонньуу сүрүн сыала-соруга киин куорат социальнай-экономическай сайдыытын, практическай соруктарын быһаарыыга туһуланар. Ону таһынан инновационнай бырайыактары уонна айар кыаҕы олоххо киллэрии. Маны сэргэ, ыччат научнай уонна айар кыаҕын үрдэтэр соруктаах. Куораппыт талааннаах эдэр дьонун түмэрэ олус кэрэхсэбиллээх диэн бэлиэтиибин.

- Эн туох санааттан манна кытынныҥ?

- Эдэр дьону кытта алтыһаары, билиибин-көрүүбүн кэҥэтээри.

- Ханнык хамаандаҕа киирэн оонньоотуҥ, ол туһунан сырдата түһэриҥ буоллар.

- Мин от күөхтэр хамаандаларыгар киирбитим, оонньуу олус интэриэһинэйдик ааста. Биһиги хамаандабыт хас биирдии чилиэнэ куорат сайдыытыгар, инники кирбиигэ тахсарыгар дьоһун кылаатын киллэрдэ. Араас хабааннаах  граннарга уонна бырайыактыыр куонкурустарга кыттыбыт уопуттаах ыччаттар бааллара, ол биһиэхэ олус көмөлөстө. Сэргэх, сэмэй, кыайыыга дьулуурдаах хамаандаҕа түбэһэн, бэйэм кыахпын толору туһаммыппыттан үөрэбин.

- Оонньуу хайдах ыытылынна?

- Дьыалабыай оонньууга түөрт хамаанда оонньоото. Ол курдук, 40 араас тэрилтэттэн эдэр исписэлиистэр, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара, 18-тан 35-гэр диэри саастаах ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Бастакы күҥҥэ түөрт оҥкул бэриллибитэ. Ол курдук: «Куорат кыһалҕалара»,  «Социальнай тэрээһиннэр», «Территорияны сайыннарыы»,  «Киин куорат бүддьүөтэ». Бары хайысхаларга Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын исписэлиистэрэ консультация биэрдилэр.

Иккис күҥҥэ куораппыт историятын билиигэ, чиҥэтиигэ квест тургутуктарын ааспыппыт. Манна Саха сирин бэлиэ сирдэриттэн,  историческай пааматынньыктарыттан саҕалаан, Саха сирин норуоттарын историятыгар уонна култуураларыгар тиийэ ырытыстыбыт. Кыайыылааҕынан халлаан күөхтэр хамаандалара буолла.

- Эһиги икки күн устата туох үлэни оҥордугут?

- Биһиги 4 оҥкул оҥордубут:

Бастаан Кангалаас сайдыытын оҥкула. Бу олус кыахтаах сир, манна үлэ бөҕөнү тэрийиэххэ сөп. Чох оҥоруу собуотуттан саҕалаан, сынньанар, инбэлииттэри сайыннарар, үөрэтэр, инникитин кинилэргэ үлэ миэстэтэ таһаарар тэрилтэни үлэлэтиэххэ сөп.

Иккиһинэн, Дьокуускай куоракка инвестиция тардыһыытыгар улахан уу пааркатын оҥорорго туруммуппут. Куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара дьиэ кэргэттэрин кытта сыл устата сынньаналларыгар диэн.

Үсүһүнэн, социальнай тэрээһини ыытарга Арассыыйа эдэр ыччатын күнүн оҥорбуппут. Ыччакка сүрдээх элбэх тэрээһини оҥоруохха сөп. Холобур, үлэ дьаарбаҥкатын. Тоҕо диэтэххэ, олус элбэх эдэр ыччат үөрэхтэрин кэннэ кыайан үлэ булбаттар. Ол ахсаанын кыччатарга араас хайысхалаах маастар-кылаастары ыытыахха сөп, биллиилээх дьону ыҥыран кэпсэтиигэ кытыннарыахха сөп.

Төрдүһүнэн, уопсастыбаннай тырааныспар тэрээһинэ. Оптуобустар уонна такси сулууспалара сыыдамнык сылдьалларыгар, суолга туспа балаһа биэриэххэ наада. Ону таһынан оптуобус сырыытын уларытарга бырайыак толкуйдаатыбыт. Хомойуох иһин, суол кыараҕаһыттан сырыы кыһалҕата олус сытыытык турар.

- Куорат ыччата хайдах толкуйдаах, санаалаах эбит дии санаатыҥ?

- Олохпут сайдан истэҕин аайы ыччат өйө-санаата уларыйар, олоҕу көрүүтэ тупсар. Билигин спордунан дьарыктанар, чөл олоххо тардыһар эдэр дьон ахсаана элбээтэ. 

- Оонньуу түмүгүнэн ыччат олохтоох каадыр резервэтигэр киирэллэр диэбиттэрэ, эн хайастыҥ?

- Докумуоммун биэрэ иликпин, бу күннэргэ тириэрдиэм.

- Захар, эн иккис төгүлүн кытынныҥ, оонньуу таһыма үрдээбит дии санаатыҥ дуо?

- Оонньуу халыыба биллэ уларыйбыт, хара саҕаланыаҕыттан таһыма үрдүк этэ.

- Эн санааҕар, бу оонньуу кыттааччыларга тугу биэрэрий?

- Кыайыыга эрэллээх буолууну, хамаанданы кытта биир тыыннаах буолары, Дьокуускайбыт сайдарыгар сонун идиэйэлэри.

- Киин куорат ыччатыгар баҕа санааҥ?

- Туймаадабыт хочотунсайыннарарга хас биирдиибит кыралаан да буоллар, бэйэтин кылаатын киллэриэн баҕарабын. Тохтообокко, чугуйан, толлон турбакка, иннигит диэки эрэллээхтик хардыылаан, кыраттан хомойбокко, хоргуппакка, хас биирдии саҥа үүнэр күнү үөрэ-көтө көрсүҥ.

- Кэпсэтииҥ иһин махтанабын, ситиһиилэри баҕарабын!

- Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Роман Сорокин «МЭР» оонньуу кыттыылаахтара  киин куорат сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрэллэрин бэлиэтээтэ.

«Дьыалабыай оонньуу куорат кыһалҕа-ларын быһаарарга, талааннаах ыччаты буларга көмөлөһөр уонна куорат тупсуутугар саҥа идиэйэлэри олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр», – диэтэ Роман Сорокин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...