Мелиоратордар уулуссаларыгар өрөмүөн түмүктэнэ илик
Марха дьоҕус түөлбэтигэр хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ 2024 сыл алтынньы 31 күнүгэр диэри түмүктэнэрэ былааннанар. Манна сатыы дьон сылдьар тротуардара уонна уу ааһар турбалара оҥоһуллаллар.
«Аҕыйах хонуктааҕыта социальнай ситимҥэ куорат олохтооҕо, Мархаҕа Мелиоратордар уулуссаларын хапытаалынай өрөмүөнүттэн астымматаҕын биллэрэн, видео уһулан таһаарбыта. Кырдьык, онно ситэ оҥоһуллубатах тротуар уонна уу лотуоктара көстөллөр. Ол эрээри Мелиоратордар уулуссаларыгар суол үлэтэ түмүктэнэ илик диэн өйдүөххэ наада», – диэн иһитиннэрдилэр олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатыгар.
«Главстрой» тэрилтэ суол тутуутугар салаатын начаалынньыга Петр Андреев бэлиэтээбитинэн, бу эбийиэккэ уу ааһар турбаларын туруоруохтара, бэдэрээтчит бу нэдиэлэ бүтүүтэ үлэтин саҕалыаҕа.
«Муниципальнай хантараагынан суол икки өттүнэн тротуарданыахтаах, гаас ситимэ, канализация уларытыллыахтаахтар, сырдатыы үлэтэ ыытыллыахтаах уонна аспаалланыахтаах», – диэтэ Петр Андреев.
«Рик Автодор» АУо бырамыысаланнас уонна тэхиньиичэскэй салаатын начаалынньыгын солбуйааччы Вадим Кардашевскай иһитиннэрбитинэн, бу нэдиэлэ бүтүөр диэри суол бэлиэлэрин туруоруохтара уонна тротуары аспааллыахтара.
Хаартыска: yakutskcity.ru саайт