11.04.2024 | 14:00

«МедЭкспо» доруобуйа дьаарбаҥкатын дьон сэҥээрэр эрээри...

«МедЭкспо» доруобуйа дьаарбаҥкатын дьон сэҥээрэр эрээри...
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ муус устар 3-5 күннэригэр”Куруһаала” атыы-эргиэн киинигэр XI-с төгүлүн “МедЭкспо. Здоровье и красота” быыстапка-дьаарбаҥка буолан ааста. Тэрээһин муус устар 7 күнүгэр бэлиэтэнэр аан дойдутааҕы Доруобуйа күнүгэр ананна уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн өйөннө диэн тэрийээччилэр иһитиннэрдилэр.

Бэйэ битэмииннэрэ

Ханнык да тэрээһиҥҥэ сахалар бородууксуйаларын бэлиэтиир, олохтоох оҥорон таһаарааччыны өйүүр үгэстээхпит. Үгүс кыттааччылартан дьон сэҥээриитин “ARCTICBIO” битэмииннэрэ ыллылар.

Ол курдук, кинилэр “Д3 биэтэмиин + Омега-3” 900 мг дозалааҕын оҥорбуттар. Биир капсулаҕа холекальциферол (Д3 битэмиин) уонна омега-3 полинасыщеннай сыалаах кислота киирбиттэр. Сүрэх-тымыр систиэмэтигэр, организмҥа сыалар уонна кальций атастаһыытыгар туһалаах; сылайбыт, сэниэ эстибит туругуттан таһаарар кыахтаах; сүһүөх сүһүрүүтүн утары үлэлиир битэмиин.

Омега-3 мэйиигэ эниэргийэни биэрэр, онтон сиэттэрэн килиэккэлэр бэйэ-бэйэлэригэр импульс биэрэллэрэ күүһүрэр – ол аата үөрүү гормона үөскүүр, эмоциональнай күүрүү сымныыр, ол иһин хат буолуон баҕалаахтарга уонна оҕо күүтэр дьахталларга кытта барсар эбит.

Хаапыланан “Д3 битэмиин” оҥорбуттар. Д битэмиин саҥа төрөөбүт оҕоттон саҕалаан аҕам саастаахтарга тиийэ куруук наада буолар эттик. Д битэмиин организмҥа кальций үлэтигэр төһүү буолар, уҥуоҕу бөҕөргөтөр. Сүрэх-тымыр систиэмэтигэр, периферическэй ньиэрбэ систиэмэтигэр, иммуннай систиэмэ стероиднай гормоннары оҥорон таһаарыытыгар, организмҥа бары гормоннар таһымнарын нуормаҕа тута сылдьарга туһалаах. Маны таһынан, Д3 битэмиин араак килиэккэлэрэ үүнүүтүн тохтотор кыахтааҕа дакаастанан турар.

“Магний цитрат” – хоту сиргэ олорор дьон магнийы элбэҕи барыыллар. Магнийтан киһи организмыгар барар 350 биохимическай реакция тутулуктаах эбит. Магний организмҥа бэйэтэ үөскээбэт, барытын аһылыктан ылыахтаахпыт. Күүрүүнү утары үлэлиир битэмиин, утуйар ууну сааһылыырга көмөлөһөр.

“С битэмиин” – “ARCTICBIO”  С битэмииннэрэ бороһуок гына оҥоһуллубут, ууга суурайан иһэҕит дииллэр. Ыарыылары сэрэтэрин таһынан, кырдьыыны утары үлэлиир уратылаах. Күүстээх антиоксидант, тулалыыр эйгэ буортулаах дьайыыларыттан харыстыыр; бааһы-үүтү оһордор; тулуурдаах уонна сэниэлээх буоларга төһүү буолар; коллагены үөскэтэр; тимир битэмиинин иҥэринэргэ көмө буолар.

 

Хатыҥтан уонна лабыктаттан

COVID-19 хамсык киэҥник тарҕанарын саҕана бу ыарыыны сэрэтэр уонна эмтиир, хатыҥ туоһуттан уонна лабыктаттан оҥоһуллубут саха учуонайдарын БАД-тара “БЕТУКЛАДИН” туһунан истибит буолуохтааххыт. Ааптарынан биологическай наука доктора, СО РАН Биологическай проблемалар уонна криолитозона институтун научнай үлэһитэ Борис Кершенгольц буолар.

“Бетукладин” 2018-2019 сылларга анал клиникаларга кэккэ клиническэй чинчийэн көрүүлэри ситиһиилээхтик ааспыт, био-эбилик (биодобавка) быһыытынан сэллиги эмтээһиҥҥэ уонна сывороточнай гепатиттарга – В уонна D олус үчүгэйдик эмтиирэ дакаастаммыт.

Оттон 2020 сылга ыытыллыбытБетукладин” COVID-19 утары үлэлиир кыаҕын чинчийии түмүктэрэ эмиэ үчүгэйдэр эбит. Коронавирус хамсык кэмигэр улаханнык сэбиргэхтэппит, пневмониялаабыт дьон реабилитацияларын кэмигэр “Бетукладины” испиттэрэ ыарыы содулун намыраппыт, ону кытта күүрүүттэн, депрессияттан тахсарга төһүү буолара бэлиэтэммит. Онно тэҥнээтэххэ, “Бетукладины” испэккэ сылдьыбыт дьон ремиссиялара 1-2 ый уһаабыт.

Оттон хамсыктан сэрэтии быһыытынан “Бетукладины” сии сылдьыбыт дьон ортотугар коронавируһунан сүһүрүү 13 бырыһыан намыһах. Хамсыкка ылларбыт кэмҥэ бу эми сиэтэххэ ыарыы сытыытык киирэрин 45-53 бырыһыан намтатара бэлиэтэммит.

Оҥорон таһаарааччылар быһаарбыттарынан, бетулин вирус килиэккэлэргэ элбиирин харгыстыыр. Маны тэҥэ, бетулин көтөр кириибин, А типтээх кирииби, герпеһи, С гепатиты, ВИЧ-1 уонна да атын инфекциялары сүһүрдээччилэри утары үлэлиир кыахтаах.

“МедЭкспо” кэмигэр “Бетукладины” билиһиннэрэллэригэр бактериялары, вирустары утары үлэлиирин, сымнаҕас иммуномодулятор буоларын, гепатопротектор, сүһүрүүнү утары, хаан хойдуутун сэрэтэр, холестерин таһымын түһэрэр, саахары нуормаҕа тутарга көмөлөһөр кыахтааҕын чорботон бэлиэтээтилэр.

“Бетукладин” Арассыыйаҕа патент ылла, биоактивнай эбилик быһыытынан регистрацияланан атыыга таҕыста. Күҥҥэ икки капсула сиэниллэр, биир куурус 30-45 күн устата барыан сөп диэн оҥорон таһаарааччылар кэпсииллэр.

PS: БАД – диэн эмп буолбатах, ол иһин иһиэх иннинэ хайаан да исписэлиис консультацията ирдэнэр.

Тэрээһин сүрүн итэҕэстэрэ

Уонтан тахса сыл ыытыллыбыт тэрээһин диэтэххэ, сыллата буолар сирэ кыараҕаһын, элбэх киһи тоҕо анньан кэлэригэр табыгаһа суоҕун бэлиэтиэх тустаахпыт. Быыстапка үс күн буолбутун тухары “Куруһаалаҕа” лыык курдук киһи симилиннэ. Биллэн турар, босхо диагностикалаах сирдэргэ ойоҕос тостор уһун, ардыгар этиһиилээх да уочараттар субурустулар. Ол курдук, биһиги кэтээн көрбүппүтүнэн, дьон ордук оптикаларга, ачыкы ырысыабын суруйааччыларга, харах туругун көрөр аппарааттарга уһуннук уочараттаан тигистилэр.

Ону тэҥэ хаан анаалыһын тутар “СПИД-центр” павильонугар ыга анньан кэбистилэр. Манна үс күн устата 500-чэкэ киһи ВИЧ,  С уонна В гепатит анаалыстарын ааспыттарын “СПИДы утары охсуһар уонна сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин” иһитиннэрдэ. Анаалыс түмүгүн 10-15 мүнүүтэнэн киһиэхэ бэйэтигэр этэллэр, онно эбии ВИЧ сэрэтэр буклеттары кытта презервативы бэлэхтээн-туһахтаан ыыталлар. Манна ордук элбэхтик аҕам саастаах дьон тоҕуоруһара сонньутар. Босхо аата босхо диэтэхтэрэ...

Новосибирскай, Москва курдук мэдиссиинэ сайдыбыт сирдэриттэн аныгы технологиялардаах, биһиги харахтаан көрбөтөх аппарааттарбытын аҕалан туруорбут тэрилтэлэр бааллар – партнердары көрдүүбүт, апарааттары атыылаһан үлэлиэн баҕалаахтары булаары кэлбиппит дэһэллэр. Босхо өҥөлөрө суох буолан, кинилэр павильоннарыгар көрөөччү суоҕун кэриэтэ этэ.

Быйыл Бурятия куруортарын кэпсиир кыттааччылар кэлбиттэр. Арашан уонна Горячинск куруортарыгар ханнык өҥөлөр баалларын билиһиннэрдилэр. “Детокс-курорт” диэн аччыктатан ырыарар санаторийдардаахтарын ордук кэрэ аҥаардар сурастылар.

Маны таһынан массаас арааһыгар угуйар, харах бөрүөһүнүнэн, тарбах суолунан диагностикалыыр, онтон да атын «аптаах» өҥөлөөхтөргө эмиэ дьон элбэхтик тоҕуоруста. Дьиҥэ бу барыта дакаастамматах мэдиссиинэ бэрэстэбиитэллэрэ эбээт...

 

Быһатын эттэххэ, “МедЭкспоҕа” билиҥҥи мэдиссиинэ араас эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ бары мусталлар эбит. Хайалара дьиҥнээхтии туһалыыр өҥөлөөҕүн, хайалара саарбах соҕус буоларын киһи бэйэтин өйүнэн эрэ таайан, сэрэйэн көрөр...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...