Матвей Лыткин: «Былааммыт киэҥ, үлэбит — элбэх»
Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлинэн былырыын сайыҥҥыттан Матвей Иванович Лыткин үлэлиир. Кини бэлиэтээбитинэн, сүрүн үлэлэринэн нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы, бырааптарын көмүскээһин, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын үлэлэрин хонтуруоллааһын, киин куорат социальнай-экономическай сайдыытын торумнааһыҥҥа, дьоһун суолталаах боппуруостары быһаарыыга уопсастыбаннас санаатын истии, олохтоохтор көхтөөх кыттыыларын көҕүлээһин буолар.
Матвей Лыткин, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ:
– Уопсастыбаннай палаата быйыл балаҕан ыйын 8-10 күннэригэр ыытыллыбыт быыбардарга Дьокуускай быыбардыыр уокуруктарын уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэринэн хааччыйыыга көхтөөхтүк үлэлэстибит. Ол курдук, кэтээн көрөөччүлэр докумуоннарын хомуйууга, кинилэри үөрэтиигэ күүстээх үлэ барда. Барыта 300-тэн тахса уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү уонна кинилэри кытта үлэлэһэр 12 биригэдьиир-куратор түмэ тардылынна. Сайабылыанньалары уонна туһааннаах докумуоннары хомуйан, үс күннээх быыбарга дьуһуурустуба олохтоммута.
Быйыл, 2023 сылга, палаатабытыгар 21 киһи 5 хамыыһыйанан үлэлээтэ:
1. Тупсаран оҥоруу уонна бары өттүнэн табыгастаах куорат эйгэтин боппуруостарынан хамыыһыйа;
2. Социальнай боппуруостарынан үлэлиир хамыыһыйа;
3. Этика хамыыһыйата;
4.Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна тутуу боппуруостарынан үлэлиир хамыыһыйа;
5. Олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарар уонна уопсастыбаннай холбоһуктары кытта үлэлиир хамыыһыйа.
Уопсастыбаннай палаата 5 хамыыһыйа, 5 оробуочай бөлөх састаабын оҥорон бигэргэттэ. Палаата чилиэннэрэ үлэлэрин баҕа өттүнэн уонна төлөбүрэ суох, этэргэ дылы, «на общественных началах» оҥороллор. Отчуоттуур болдьох иһигэр (9 ый тухары) палаататтан 6 киһи барда. Ол курдук, 4 киһи Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутаата буолла, 2 киһи баҕа өттүнэн тохтоото. Билигин, куорат Дууматын сессиятын кэнниттэн, Дуума быһаарыытынан саҥа хандьыдааттары күүтэбит.
Уопсастыбаннай палаата бигэргэтиллибит сыллааҕы былааҥҥа олоҕуран үлэлиир. Матвей Иванович кэпсээбитинэн, бу дьыл 9 ыйыгар палаата 9 араас хабааннаах мунньаҕы ыытта, онно былааҥҥа киирбит боппуруостары сэргэ гражданнартан киирбит кыһалҕалаах боппуруостары дьүүллэстилэр.
Социальнай боппуруостарынан үлэлиир сис хамыыһыйа мунньахтарыгар, былааҥҥа уонна регламеҥҥа олоҕуран, сүрүн боппуруостар көрүлүннүлэр:
– Дьокуускай куорат ыччатын үлэнэн хааччыйыы туруга (куорат социальнай сулууспаларын информацията);
– Куорат 390 сылын көрсө «Якутск 4.0.0» форум торумнарын олоххо киллэрии хаамыыта уо.д.а.
Палаата чилиэннэрэ гражданнары уонна кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэри кытта тиһиктээхтик көрсөллөр. Итиннэ тоҕоостоох түгэнинэн араас таһымнаах тэрээһиннэр буолаллар – уокуруктар муниципалитеттарыгар көрсүһүүлэр, уопсастыбаннай мунньахтар уонна дьүүллэһиилэр, төгүрүк остуоллар, форумнар, эриэйдэлэр уо.д.а. Тэрээһин ахсын баар кыһалҕалары дьүүллэһии уонна кинилэри уопсастыбаннас, Олохтоох дьаһалта, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрин көмөлөрүнэн быһаарыы, итэҕэстэри туоратыы оҥоһуллар.
Матвей Лыткин, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ:
– Быйылгы мунньахтарбытыгар куорат уокуругун олохтоохторугар дьоһун суолталаах боппуруостары уонна кыһалҕалары дьүүллэстибит, ол курдук:
– сааскы-сайыҥҥы өттүгэр куорат уокуругун суолунан ыарахан уйуктаах тырааныспар сырыыта;
– Дьокуускай куораты тырааныспарынан хааччыйыы;
– тупсаран оҥоруу;
– ыччат политиката уонна доруобуйа харыстабыла;
– чөл олох, арыгыттан аккаастаныы.
2023 сылга Уопсастыбаннай палаата чилиэннэрэ олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын кытта кэккэ тэрээһиннэри ыытта:
Олунньу 17 күнүгэр Уопсастыбаннай палаата куорат баһылыгын иһинэн үлэлиир Ыччат дьаһалтатын кытта көрсүһүү тэрийдэ. Манна нэһилиэнньэ «алкоголизациятын» кыһалҕатын дьүүллэстибит. Итини сэргэ, көрсүһүүгэ куораты тупсарыыга, ыччат политикатыгар уонна доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах көҕүлүүр этиилэр киирдилэр.
Олунньу 21 күнүгэр Уопсастыбаннай палаата уочараттаах мунньаҕа ыытылынна, манна Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Василий Петрович Амбросов кытынна. Былааҥҥа олоҕуран, киин куорат тырааныспарынан хааччыллыытын боппуруоһа көтөҕүлүннэ, итиэннэ тырааныспар инфраструктуратын сүрүн кыһалҕаларын көрдүбүт.
Сыл саҕаланыаҕыттан, тохсунньу ыйтан балаҕан ыйыгар диэри, бэйэбит көҕүлээн быыбар уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэрин хомуйууну тэрийдибит, кинилэри үөрэттибит.
Атырдьах ыйын 26-27 күннэригэр Уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин Норуоттар икки ардыларынааҕы чөл олох академиятын V-с отчуоттуур-быыбардыыр уонна научнай-практическай конференциятыгар кытынна. Тэрээһиҥҥэ кини Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын аатыттан тыл эттэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин чөл олох боппуруостарыгар ситиһиилэрин туһунан кэпсээтэ.
Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Уопсастыбаннай палаата сааскы-сайыҥҥы өттүгэр куорат уокуругун суолунан ыарахан уйуктаах тырааныспар сырыытын бэрээдэктиир туһунан куорат уопсастыбаннай мунньаҕын ыытта. Манна Олохтоох дьаһалта структурнай салаалара, ГИБДД үлэһиттэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Массыына суолун судаарыстыбаннай хонтуруолун территориальнай салаатын, суол сулууспаларын, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ, урбаанньыттар кытыннылар.
Балаҕан ыйыгар Уопсастыбаннай палаата Олохтоох дьаһалта структурнай салааларын, СӨ Урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрин уонна ИДЬМ үлэһиттэрин кытта «арыгы атыылыыр туочукаларынан» эриэйдэлэргэ сырытта.
Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин өрөспүүбүлүкэтээҕи Чөл олох күнүгэр анаммыт «Чөл олох территорията» форумҥа кытынна, тыл эттэ.
Матвей Лыткин, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ:
– Уопсастыбаннай палаата чилиэннэрэ куорат муниципальнай былааһын коллегиальнай уорганнарын састаабыгар киирсэллэр. 2023 сылга кинилэр олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын араас хайысхалаах мунньахтарыгар кытыннылар уонна маннык боппуруостары дьүүллэһиигэ кытыннылар:
– куорат суолун туругун уонна сайыннарыытын туһунан;
– дьиэ таһынааҕы территориялар туруктара уонна тупсаран оҥоруу миэрэлэрин туһунан.
2023 сылга уопсастыбаннай хонтуруол маннык хайысханан ыытылынна:
– итирдэр бородууксуйаны атыылыыр уопсастыбаннай ас-үөл туочукаларын үлэлэрин бэрэбиэркэлээһин (Олохтоох дьаһалта 118п №-дээх уурааҕар олоҕуран);
– Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыччатыгар физическэй иитиини уонна чөл олоҕу тутуһууну үрдэтии туһунан уопсастыбыннай дьүүллэһии тэрилиннэ;
Уопсастыбаннай мунньахтар түмүктэринэн туһааннаах докумуоннар бэлэмнэннилэр уонна Олохтоох дьаһалтаҕа, ОГИБДД уо.д.а. тэрилтэлэргэ ыытылыннылар.
Уопсастыбаннай хонтуруол түмүгүнэн киирбит этиилэр, сүбэлэр уонна докумуоннар информацияны киэҥник тарҕатар тиһиктэргэ, куорат дьаһалтатыгар, бары туһааннаах тэрилтэлэргэ ыытылыннылар.
Хонтуруоллуур үлэни сэргэ Уопсастыбаннай палаата куорат, регион уопсастыбаннай олоҕор, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар.
Быйылгы сыл 4-с кыбаарталыгар сүрүн былааммыт туһунан этэр буоллахха, бастатан туран, палаатабыт састаабыттан тахсыбыттар оннуларыгар уочараттаах мунньаҕы тэрийэн атын чилиэннэри киллэриэхтээхпит. Былааммыт киэҥ, кылгастык билиһиннэрдэххэ:
– Култуура, доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии уонна социальнай өҥөнү оҥорор эйгэлэр үлэлэрин хаачыстыбатын сыаналыыр тутулуга суох уопсастыбаннай сүбэлэри тэрийиигэ кыттабыт. Гражданнартан киирэр ыйытыыларынан, туруорсууларынан, көрдөһүүлэринэн үлэбитин салгыыбыт;
– Куорат көхтөөх олохтоохторуттан уопсастыбаннай көҕүлээһиҥҥэ сыһыаннаах информацияны хомуйабыт. Сыл бүтүөр диэри гражданскай көҕүлээһини уонна уопсастыба сайдыытын өйүүр миэрэлэри чопчулааһын;
– Гражданнар этиилэринэн, үҥсүүлэринэн Олохтоох дьаһалта структурнай салааларын кытта оробуочай, ол иһигэр көһө сылдьар мунньахтары ыытыы;
– Гражданскай уопсастыбаны сайыннарыы сүрүн боппуруостарынан төгүрүк остуоллары, уопсастыбаннай дьүүллэһиилэри, конференциялары тэрийии;
– Олохтоох дьаһалтаны кытта итирдэр утаҕы атыылыыр уопсастыбаннай ас-үөл туочукаларынан эриэйдэлэргэ сылдьыы;
– Медицина өҥөтүнэн хааччыллыы сүрүн кыһалҕаларын көрүү;
– Куораты тупсарыы үлэтин былаанын көрүү, көҕөрдүү үлэтинэн нэһилиэнньэ ортотугар ыйытыгы ыытыы;
– ОДьКХ боппуруостарынан мунньахтарга кыттыы;
– Быраабы араҥаччылыыр уорганнары кытта патриотическай иитиигэ үлэлэһии уо.д.а.