16.07.2021 | 15:46

Матрена Ноговицына – сүүс харахтаах дуобат чемпионката

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойдутааҕы гроссмейстер, Чурапчы улууһуттан төрүттээх Матрена Ноговицына Саха сирин устуоруйатыгар классическай бырагыраамаҕа сүүс харахтаах дуобакка бастакы чемпионканан буолла. 
Күрэхтэһии Эстонияҕа Таллинн куоракка ыытыллыбыт. Матрена болдьоҕун иннинэ, биир тууру оонньоот, чемпионка үрдүк аатын ылбыт. 
«Спортсменкабытын, тренердэрин, өрөспүүбүлүкэ дуобакка Федерациятын эҕэрдэлиибит. Биһиги спортсменнарбыт өссө төгүл улуустарын аатыртылар. Матрена Саха сирин устуоруйатыгар классическай бырагыраамаҕа бастакы, Арассыыйаҕа иккис чемпионканан буолла. Оройуоммутугар физическэй култуураҕа уонна маассабай спортка улахан болҕомто ууруллар», - диир Чурапчы улууһун баһылыга Андрей Ноговицын.
Чемпионка ийэтэ – Мария Николаевна кэпсээбитинэн, Матрена «технаардар» уонна дуобатчыттар дьиэ кэргэннэригэр улааппыт. Кини аҕата – Степан Тимофеевич – дуобакка маастарга хандьыдаат. Ыал аҕата уонна уолаттара бары дуобаттыыллар, оттон ийэтин өттүнэн аймахтара бары техническэй хайысхалаах идэлээхтэр эбит. 
Матрена биэс сааһыттан дуобаттаан саҕалаан, салгыы уһуйааҥҥа, оскуолаҕа оонньообут. 
«Атын дьарыктааҕын сатаан ойуулаан көрбөппүн. Иллэҥ кэмэ да суох. Биирдэ эбит айылҕаҕа сынньанарбытын сөбүлүүбүт. Иллэҥсийдэҕинэ кыыһым ааҕар, доҕотторун кытта көрсөр, ас астыырын сөбүлүүр. Ийэ киһи быһыытынан спортивнай ситиһиилэри сэргэ оҕом дьахтар уонна ийэ быһыытынан дьоллоох буолуоҕун баҕарабын. Матрена классическай дуобакка Аан дойду чемпионката буоллахпына биирдэ ыал буолар туһунан толкуйдуоҕум диэн күлбүтэ», - диир ийэтэ Мария Николаевна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...