29.03.2024 | 10:00

Массыына саахалын ахсаанын хайдах аччатыахха сөбүй уонна да атын туһунан

Массыына саахалын ахсаанын хайдах аччатыахха сөбүй уонна да атын туһунан
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Кулун тутар 19 күнүгэр “Саха Өрөспүүбүлүкэтин суолларыгар саахал тахсыытын уонна ону аҕыйатыыга дьаһаллар” диэн пресс-кэмпириэнсийэ буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ СӨ ИДьМ Госавтоинспекция салаатын начаалынньыга Александр Архипов, СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Семен Коркин уонна Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департаменын Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов кыттыыны ыллылар. 
Манна суруналыыстарга 2024 сыл икки ыйын иһигэр төһө элбэх быһылаан тахсыбытын, туох үлэ ыытыллыахтааҕын, баар кыһалҕалары кэпсээтилэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар.

2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 806 ДТП бэлиэтэммит, онно 69 киһи өлбүт, 1066 киһи эчэйбит. 236 сатыы киһини тиэхиньикэнэн түҥнэри көтүү тахсыбыт. Александр Архипов этэринэн, ДТП ахсаана сыллата элбии турар. 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 2023 сылга ДТП – 9,7%, эчэйиини ылбыт киһи ахсаана 8,9% үрдээбиттэр. Ол эрээри өлбүт киһи ахсаана 14,8% көҕүрээбит.

Дьокуускай куоракка 2023 сылга тахсыбыт 492 ДТП өрөспүүбүлүкэ үрдүнээҕи көрдөрүү 61,1% ылар: 17 киһи суорума суолламмыт, 621 эчэйбит, тимир көлөлөр харсыһыылара – 222, сатыы дьону түҥнэри көтүү – 180. Ити 180 түбэлтэттэн 50-на уулуссалар быһа охсуһар сирдэригэр баар регулировкаланар туорааһыннарга тахсыбыт, 30 – светофора суох туорааһыннарга. Хаалбыт 100 түҥнэри көтүү атын сирдэргэ тахсыбыт (тиэргэннэргэ, парковкаларга уо.д.а.).

2024 сыл тохсунньу-олунньу ыйдарыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 118 суол саахала тахсыбыт, ол эбэтэр ааспыт сыл бу кэминээҕэр 26,6% үрдээбит. 30 түгэн сатыы дьону кытта сибээстээх. Ол курдук, 2024 сылга Дьокуускайга тиэхиньикэнэн сатыы дьону түҥнэри көтүү 25 төгүл тахсыбыт (!). Пресс-кэмпириэнсийэҕэ манна даҕатан ордук «кутталлаах» уулуссалар быһа охсуһууларын ааттаатылар: Киров – Горькай, Ойуунускай – Октябрьскай –Поярков, Лермонтов – Сэргэлээх шоссета – Красильников, Хабаров – Ленин проспега.

Суолу сатыы туораан иһэр дьону массыына эргийиитэ эчэтэр. Ону сэрэтэр сыалтан массыына светофорун анныгар маҥан өҥнөөх чыпчыҥныыр уоту эбии киллэрбиттэрин суоппардар аахайбаттар,– диэн Архипов санаатын үллэстэр. Кини этэринэн, бу кыһалҕаны туоратарга сатыы сылдьааччылар уонна массыыналаахтар саамай тоҕуоруһар кэмнэрин араарар эрэһиим көмөлөһүөн сөп. Маннык ньыманы Покровскай, Нерюнгри, Мииринэй куораттарга киллэрбиттэрин кэннэ уулуссалар быһа охсуһууларыгар саахал ахсаана аҕыйаабыт.

СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы  Семен Коркин этэринэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муус устар ый саҕаланыаҕыттан массыына кыһыҥҥы суолларыгар, өрүһу туоруур муус суолларга хааччахтар киирэн саҕаланыахтара, оттон киин улуустарга муус устар 15-20 чыыһылаларыгар эрдэттэн сабыллыахтара.

Ону таһынан саас буолан тиэхиньикэ ахсаана элбээбитэ, онон суол хамсааһынын кыттыылаахтара сэрэхтээх буолаллара ирдэнэрэ бэлиэтэннэ. Суол саахалын сэрэтиигэ министиэристибэ үөрэх кыһаларын кытта үлэлэһэр, сааскы сынньалаҥҥа оҕолору тиэйэр быраабылалары санатар үлэни ыытар.

Профилактика биир хайысхатынан аныгы технологиялары туттуу буолар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ суол быраабылатын кэһиини «тыллыыр» 167 автоматическай фиксация комплекса үлэлиир эбит. Маны таһынан Мэҥэ Ханалас, Чурапчы, Уус Алдан улуустарыгар эбии светофордары туруоруохтара.

Олохтоох дьаһалта Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департаменын Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов:

– «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыак чэрчитинэн 5 сыл иһигэр куоракка 163,6 км суол, 51 км тротуар өрөмүөннэннэ, 19 км бэлисипиэт суола тутулунна. Маны сэргэ Курашов уулуссатыгар уонна М.Е. Николаев аатынан проспекка оҥоһуллубут проекционнай переходтар көдьүүстээхтэрэ бэлиэтэнэн, ити үлэни быйыл Курашов уонна Ленин проспегар салгыыр былаан баар.

 

Ыстараап кээмэйин ким хонтуруоллууруй?

Василий Амбросов:

– Олохтоох дьаһалта саҥа штрафстоянканы кытта дуогабар түһэрсибитэ. Нэдиэлэҕэ 30-ча массыынаны тиэйэллэр, сүрүннээн массыынаны сыыһа парковкалааһыны кытта ситимнэээх (тротуарга,  элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэригэр бүөлүү туруу о.д.а.). Быйыл “Туйаара” эргиэн киинин аттыгар саҥа парковка арыллара күүтүллэр. Штрафстоянка сыанатын туһунан эттэххэ, кинилэри Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт хонтуруоллуохтаах. Бу сыл тохсунньутугар тырааныспары тиэйии уонна харайыы сыанатын үрдэтэргэ Госкомцен бирикээһэ тахсыбыта. Ол иһин куорат штрафстоянкатын сыаната үрдүөҕэ.

Ону таһынан атын парковкаларга, уопсайынан, куорат суолугар-ииһигэр буолаары турар «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн ыам ыйыттан бэс ыйын 20 күнүгэр диэри күүстээх өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа.

 

Куорат кутталлаах сирдэрэ

Суруналыыстар Бабушкин уулуссатыгар баар сэрэхтээх суол эргийиитин туһунан ыйытыыларыгар кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара уулусса бырайыага госэкспертизалары ааһан үлэлии турарын, ол эрээри аныгыскы хамыыйыһаҕа искусственнай мэһэйдэри туруоруу былааннанарын туһунан хоруйдаатылар. Дзержинскэй уулуссаҕа 5-с нүөмэрдээх оскуола аттыгар баар кутталлаах учаастагы ыам ыйын 9 күнүн кэннэ өрөмүөннүөхтэрэ диэн Василий Амбросов эбэн эттэ.

 

Быраҕыллыбыт массыыналар туһунан

Өскөтүн массыына өр кэм парковкаҕа турар, атын тиэхиньикэлээхтэргэ  мэһэйдиир буоллаҕына, ИДьМ саайтын көмөтүнэн үҥсүү суруйуохха сөп, оттон мээнэ турар буоллаҕына, уокурук дьаһалтатыгар этиэххэ наада. Ол эрээри быраҕыллан турар массыынаттан уоруу түгэнин көрдөххө, полицияҕа тыллыыр табыгастааҕын бэлиэтээтилэр.

Өлүөнэ муостата тутулуннаҕына, Дьокууйскай куоракка тырааныспар коллапса үөскүүр кутталлаах диэн сабаҕалааһыҥҥа сыһыаннаан СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Семен Коркин бу курдук хоруйдаата:

— Биллэн турар, муоста үлэҕэ киириитэ тырааныспар ахсаанын лаппа элбэтиэҕэ. Дьокуускай куорат маастар-былаана бу түгэни учуоттуур. Ол курдук, эргийэр суоллар үлэҕэ киириэхтэрэ, дьону таһыы тэриллиэҕэ, ону таһынан Өлүөнэ муостата “Нам” уонна “Бүлүү” массыына суолларын холбуоҕа.

Массыына 12 дэтээлин уларытыы иһин 5000 солк. кээмэйдээх ыстараап туһунан сымыйа сурах тула

— Биллэн турар, ити сымыйа, — диэтэ Александр Александрович. — Ол эрээри тырааныспар конструкциятыгар улахан уларыйыылар киирдэхтэринэ, чахчы да сөбүлэһиэххэ наада.

Манна көдьүүһэ суох бампердар, агрегаттар, «кенгурятниктар» о.д.а. дэтээллэр киирэллэр. Саҥа дэтээллэр куттала суохтарын техосмотр быһаарбытын кэннэ, тыраанспар пааспарыгар суруллуохтаах. Өскөтүн пааспарга бэлиэтэммэтэх буоллаҕына, саҥа дэтээллэр тэхиньиичэскэй кэһии курдук ааҕыллаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...