01.08.2020 | 12:47

Массыына атыылаһааччыларга юрист сүбэтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин тимир көлөнү атыылаһарга саамай табыгастаах кэм үүннэ. Сайын массыына атыыта элбиир, таларга кыах бэриллэр. Массыынаны атыылаһарга сокуон тугу ирдиирий?

Сандаара Кулаковская – юрист: – Массыына атыытыгар сүрүн докумуон - атыы-эргиэн дуогабара (договор купли-продажи). Ону баттастыгыт да, массыына бас билээччитэ (собственник) уларыйар. Сорох дьон ГИБДД-га тиийэн учуокка туруордахха уларыйар дии саныыр. Оннук буолбатах. Дуогабар баттаһыы уонна харчы бэрсии туспа барар. Ол иһин харчы чахчы илииттэн илиигэ барбытын туһунан эбии хайаан да араспыыска баар буолуохтаах. Мин, кимтэн эрэ бачча харчыны массыына атыытыгар ыллым диэн. Боростуойдук. Мобильнай баанынан ыытыстахха, араспыыска наадата суох буолуон сөп. Мөккүөр үөскээтэҕинэ баан выписката баар буолар. Аны нолуок туһунан. Массыына атыылаабыт киһи дохуоттанар. Дохуот баар буолла да, судаарыстыбабыт 13 % онтон эрэйэр. Ол аата 2020 сылга дохуот киирдэҕинэ, 2021 сылга муус устар ый бүтүөр диэри 3 НДФЛ декларация туттаран, бачча дохуот ыллым, 13 %-на бачча буолар диэн толорон ыытар уонна от ыйын 15 күнүгэр диэри төлүүр. Нолуок 250 тыһыынчаттан элбэх буоллаҕына төлөнөр. Онтон кыра буолла да төлөммөт. Массыынаны 3 сыл устата илдьэ сылдьан баран атыылаатахха, нолуок төлөммөт. Төһө баҕарар сыанаҕа да атыылаа. 3 НДФЛ туттарар наадата суох. Массыынаны 500 тыһыынчаҕа ылан баран, 3 сыл иһигэр 550 тыһыынчаҕа атыылаатахха, нолуок 50 тыһыынчаттан эрэ төлөнөр. Дьиҥнээх барыһа оччо эрэ буоллаҕа. Массыынаны 300 тыһыынчаҕа атыылаатахха, 50 тыһыынчаттан 13 % төлөнөр (250 тыһыынчаттан тахсыбыт сууматтан). Итиннэ барытыгар туоһу буолар дуогабардар баар буолуохтаахтар. Онон урукку дуогабардары мунньа сылдьар оруннаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....