14.05.2024 | 16:13

Массыанньыктар албынныыр ньымалара араас

Массыанньыктар албынныыр ньымалара араас
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр 12 киһи массыанньыктар угаайыларыгар киирэн биэрэн, харчытын сүтэрдэ.
СӨ Прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, түөрт киһи уопсайа 4 484 875 солк. суумаҕа инвестицияҕа “оонньоон”, харчыларын үлүннэриэхтэрин баҕарбыттар, оттон 1,3 мөл. солк. массыанньыктар ФСБ сотрудниктара буолан кубулунан көрдөөн ылбыттар. 
Маны таһынан Саха сирин олохтоохторо онлайн ньыманан кирэдьиит ылаары албыннаппыттара бэлиэтэммит. “Суотабай оператортан эрийэбит” диэн албыннаан, 664 тыһ. солк. сойбоппуттар. 
Үс киһи бассаабын “алдьатан”, кинилэр ааттарыттан дьонтон харчы көрдөөбүттэр, уопсай хоромньу – 147 тыһ. солк.
Албыннаппыт дьон бары араас эйгэлээхтэр, араас саастаахтар, идэлээхтэр, кинилэр ортолоругар биэнсийэлээхтэр, күөгэйэр күннэригэр үлэлии-хамсыы сылдьар эдэр дьон кытта бааллар. Массыанньыктар дьону албынныыр ньымалара үгүс. Сэрэххитин сүтэримэҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...