07.06.2024 | 16:00

Мас тардыһыы кэскилэ

Мас тардыһыы кэскилэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Георгий Балакшин бэрэссэдээтэллээх Ил Түмэн физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах төгүрүк остуолугар мас тардыһыыны Арассыыйа уонна аан дойду таһымыгар таһаарыы боппуруоһа дьүүллэһилиннэ.

Бүтүн Арассыыйатааҕы мас тардыһыы федерациятын бэрэсидьиэнэ Михаил  Гуляев, Аан дойдутааҕы мас тардыһыы федерациятын генеральнай сэкирэтээрэ Иннокентий Григорьев уонна мас тардыһыыны сайыннарыыга үбүлээһин туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай сүрүн иһитиннэриилэри оҥордулар. Норуот дьокутааттарыттан уонна ыҥырыылаах ыалдьыттартан үгүс ыйытыы, этии киирдэ.

Кэпсэтиилэр сүнньүлэринэн ылыллыбыт рекомендацияҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтэ спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга утумнаах үлэни ыытара бэлиэтэннэ.

Арассыыйаҕа мас тардыһыытын 63 федерацията үлэлиир, дьарыктанааччы кэккэтэ сыллата хаҥыыр. Аан дойдуга 53 дойду мас тардыһыытынан дьарыктанар. Саха сиригэр 10, Арассыыйаҕа 6, аан дойдуга 21 күрэхтэһии, араас дьаһаллар сыл устата ыытыллаллар. 2022 сыл бэс ыйын 21-27 күннэригэр Дьокуускай куоракка Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах аан дойду чемпионатыгар 38 дойдуттан 130 спортсмен кэлэн кыттыбыта. Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэригэр киин мас тардыһыытын бэлиэлэрин, инбэнтээрин, спортсменнар таҥастарын патеннаабыт. Научнай хааччыйыыга үлэ барар. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 2021 с. алтынньы 7 күнүгэр анал дьаһалы таһаарбыт. 2023 с. Аан дойдутааҕы мас тардыһыытын киинэ тэриллибит. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физическэй култуураҕа института (Гоголев Н.Е.) уонна Чурапчытааҕы спорт института (Готовцев И.И.) каадырдары бэлэмнииллэр. Мас тардыһыытын Олимпийскай оонньууларга киллэрии 2036 с. былааннанар.

Спорт национальнай көрүҥнэрин сүүмэрдэммит хамаандаларын материальнай-тэхиньиичэскэй хааччыйыы, үбүлээһин, тренердэр хамнастарын үрдэтии улахан болҕомтоҕо, өйөбүлгэ наадыйаллар.

Итэҕэстэри туоратарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар (К.Е. Бычков), Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтигэр (Л.Н. Спиридонов) Рекомендациялар ылылыннылар. Боппуруос быһаарыллан иһиитин Ил Түмэн Сис кэмитиэтин мунньаҕар аны күһүн көрөргө болдьостулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....