26.09.2021 | 11:00

Мария Турантаева олоҥхоҕо айана

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олоҥхо тыйаатырын РФ норуодунай артыыһа, ССРС уонна  РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Андрей Борисов өр сылларга иһигэр иитиэхтээн тэрийбитэ. Виталий Власов дириэктэрдээх   эдэркээн тыйаатыр  кылгас кэм иһигэр аар-саарга аатырда,  суон сураҕырда.

Бу күннэргэ Олоҥхо тыйаатырын дириэктэринэн  Мария Турантаева ананна. Бу иннинэ дириэктэри солбуйааччынан ситиһиилээхтик үлэлээбит  Мария Васильевнаны кытары  тыйаатыр айар үлэтин, олоҥхо суолтатын  туһунан кэпсэттибит. 

МАРИЯ ТУРАНТАЕВА: 
– Саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи  Былатыан Ойуунускай “Сүүс сыллаах улуу былаан” диэн дириҥ философиялаах  кэпсээнигэр саха норуота хурустаал таас дьиэлэргэ мустуохтара диэн суруйан турар.  Оттон биһиги билигин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин  киэҥ уораҕайыгар кэлэн, саха эпоһын – олоҥхону истэбит.  1906 сыллаахха  бирикээсчиктэр кулууптарыгар сахалыы бастакы испэктээкил – Петр Охлопков-Наара Суох “Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн” олоҥхото көрдөрүллүбүтэ. Онон тыйаатыр устуоруйата ити сылтан саҕаламмыт. 
 Саха тыйаатыра норуот эпоһыттан төрөөн-үөскээн  тахсыбытын да быһыытынан, олоҥхо бастакы хардыылара тыйаатыр репертуарыгар киллэриллэн барбыттара. Ол курдук,  “Сычуан үтүө киһитэ”, “Илиир Хоруол”, “Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай”, “Улуу Кудаҥса”  уо.д.а. испэктээкиллэргэ олоҥхо  элэмиэннэрэ бааллар. 
100 сыл буолан баран, ХХI үйэҕэ  олоҥхоҕо ананан турбут бастакы испэктээкилинэн Уус Алдан олоҥхоһута Н.П. Бурнашев-Боодьоҕос “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхото  буолар. Бу олоҥхо аан бастаан көрөөччүгэ тиийбитигэр сүтэрбиппитин булбуттуу,  хайдахтаах курдук өрө көтөҕүллүбүппүтүй?  “Кыыс Дэбилийэ” үгүспүтүн мистическэй транска, экстазка киллэрэн, санаабыт бөҕөргөөбүтэ, иннибит хоту барарбытыгар  алгыс тылларын ылбыппыт, көрөөччүлэр араҥаччылыыр күүстэрин эппитинэн-хааммытынан билбиппит. Онтон кынаттанан,   2002 сыллаахха дойду тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа  ыытыллар “Кыһыл көмүс мааска” бэстибээлгэ тыйаатыр кириитиктэрин анал бирииһин ылбыта, Токиоҕа, Францияҕа тиийэ уонна Азия дойдуларыгар тиийэ көрдөрүллүбүтэ.
 Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччилэринэн Андрей Борисов уонна Степанида Борисова буолаллар. Тыйаатыр аан бастаан саҕаланыаҕыттан үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммут – Герасим Васильев, Зоя Попова, Матрена Корнилова (күн сириттэн күрэммитэ), Петр Баснаев уо.д.а.  Оттон  артыыстарбытынан  Култуура уонна искусствотын Арктикатааҕы судаарыстыбаннай   институтун бүтэрбит оҕолор буолаллар. Бастакы хараҥаччыларбыт – Наташа Слепцова (Корякина), Инга Леонова, Лена Оленова, Галя Тихонова. Билигин тыйаатырга институттан номнуо үһүс выпуск оҕолоро кэлэн үлэлии сылдьаллар. Бары  кыра эрдэхтэриттэн сахалыы тыыҥҥа иитиллибит,   ырыа-тойук эйгэтигэр оҕо эрдэхтэриттэн  сыстыбыт   дэгиттэр талааннаах ыччат. 


 
«Кыһыл көмүс мааскаҕа»

Москваҕа “Кыһыл көмүс мааска” бэстибээлгэ иккитэ кытынныбыт.  Труппабыт сүрүннээн 2012 сыллаахха тэриллибит буоллаҕына, номнуо икки сылынан “Удаҕан кыргыттары” Москва көрөөччүтүгэр билиһиннэрэр чиэскэ-бочуокка тиксибиппит. Онтон өссө түөрт сылынан 2018 сыллаахха “Дьырыбына Дьырылыаттаны” бэстибээлгэ илдьибиппит. ХХI үйэ искусствотыгар туох эрэ сонун баар буолла диэн сэргээбиттэрэ, хайҕаабыттара. Ол кэнниттэн уус-уран салайааччыбыт Андрей Борисов Олоҥхо тыйаатырын арыйыытын иһин бэстибээл “Кыһыл көмүс мааскатын” ылбыта.
Олоҥхону омуктар 
билиниилэрэ
– “Олоҥхо омуннаах” дииллэринии, тыйаатырбыт төһө да эдэр тыйаатырга киирсибитин иһин,  аан дойдуга бэйэтин номнуо биллэрдэ диэн сэмэйдик, ол эрэн киэн тутта этиэхпитин сөп.
ЮНЕСКО олоҥхобутун киһи аймах кылаан чыпчаалынан  (шедевр) билинэн, аан дойду эпостарын кытта билсэрбитигэр, үлэлэһэрбитигэр аартыкпыт аана аһыллан биэрбитэ.   Эмиэ ЮНЕСКО билиммит Кутияттам санскритскай тыйаатыры (Индия),  Ноо тыйаатыры (Япония), Кабуки тыйаатыры (Япония),   Куньцюй тыйаатыры (Кытай) кытары бииргэ үлэлэһэн, тэҥ таһымҥа таҕыстыбыт. Артыыстарбыт аан дойду тыйаатырдарын биһигэ буолбут Грецияҕа  сабыыта суох,  төгүрүк  Амфитеатрга оонньооһуннара барыбытыгар хаһан да умнуллубат уонна элбэх үөрүйэҕи биэрбит сырыынан буолбута  саарбаҕа суох. 
 Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Степанида Борисова режиссураҕа бастакы үлэтин – “Удаҕан кыргыттарын”  тахсар күннээх Японияҕа илдьибиппитин ис сүрэхтэринэн ылыммыттара. Уопсайынан, омуктар биһиги туруорууларбытын, баҕар, ситэ өйдөөбөттөрүн да иһин, харахтарын уута сүүрэ, ытамньыйа олорор буолаллар. “Төрүттэрбитигэр баары уһугуннардыгыт”, – диэн махтанааччылар.  
2015 сыллаахха Пекиҥҥэ Саха сирин култууратын күннэригэр Олоҥхо тыйаатыра Цинхуа тыйаатырга кытай 16-с үйэтээҕи “Пионовая беседка” пьесатыттан  “Илэ буолбут иччилээх түүлү” (режиссер Степанида Борисова) туруоран, биһирэбили ылбыта. Бу иннинэ Куньцюй опера тыйаатыра   “Туйаарыма Куону”  бэйэтин оператыгар сөп түбэһиннэрэн,  саха олоҥхотун билбэт көрөөччү кытай айымньыта диирин курдук туруорбута.  Онон, Олоҥхо уонна Куньцюй тыйаатырдара биир бырайыакка үлэлээн, икки омук тыйаатырдарын устуоруйатыгар киирбиттэрэ.
2018 сыллаахха Андрей Борисов саҥаттан туруорбут “Улуу Кудаҥса” олоҥхотун Грецияҕа көрдөрүүбүт кэнниттэн  былыргы эллиннэр удьуордара биһигини бэйэлэрин таҥаралара Олимпаларыттан түспүтүн курдук ылыммыттара.
Аан дойдуну аймаабыт хоруона хамсыгын иннинэ аҕай “Бхарат Ранг Махотсав-20” аан дойдутааҕы бэстибээл чэрчитинэн Индияҕа тиийэн Нью Дели уонна  саамай ыраас  Нагпур куоратыгар “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхобутун көрдөрбүппүт. 
Омук сирдэринэн гостуруолларга сылдьан,   былыр-былыргыттан харыстаан илдьэ кэлбит эпостарбытын  өйдөһөрбүтүн, хас биирдии омукка  маарынныыр өрүттэрбит баалларын уонна бэйэ-бэйэбититтэн үчүгэйи эрэ ылыахтаахпытын өссө төгүл өйдөөн, харахпыт аһыллан, үлэлииргэ-хамсыырга куорсун анньынан кэлэбит.


 
Байҕал курдук баай 


– Тыйаатыр исписэлиистэрэ биһиэхэ:  “Омуктар олоҥхоҕутун ылыахтара диэн куттаммаккыт дуо?” – диэччилэр.  Ити санааны кытары биһиги сөпсөспөппүт. Тоҕо диэтэххэ, олоҥхобут өйдөбүлэ киэҥэ бэрт, байҕал курдук баай.  Олоҥхо илдьэ сылдьар ис кистэлэҥэ элбэх буолан,  сахаларга бэйэлэригэр эрэ киэҥник, толору  арыллар.  
Ханнык баҕарар  айымньы арыллар уонна арыллыбат айылгылаах. Ол туоһутунан сорох олоҥхону өр кэмҥэ бүөбэйдээн көрөөччүгэ таһаарыахха сөбө, оттон сороҕун “кылбардык төрөтүөххэ” сөбө буолар.   Сорох айымньылар “миигин ылар кэмҥит кэллэ” диэбиттии, кэтэһэ сыппыт буолаллар.

Саха көрөөччүтүн өйөбүлүнэн

 – Сахабыт сиригэр гостуруолларга сылдьабыт. Кистэл буолбатах, аан бастаан тэриллэрбитигэр бэйэбит дьоммут соччо билиммэттэр этэ, сорохтор  олоҥхону тутахтык өйдүүллэрэ.   Ол да буоллар,  үлэбитинэн, сырабытынан кинилэр билиниилэрин ситистибит дии саныыбыт. Биһиги тыйаатырбыт туруорууларыгар кэлэр буолбуттара, сорохтор ханна тиийэрбитинэн батыһа сылдьан көрөллөрө олус үөрдэр.  
Олоҥхо тыйаатыра биир ньыманы тутуһар буолла.  Сорох нэһилиэктэргэ саха ураһатын санатар  үрдүк, төгүрүк быһыылаах  тутуулар бааллар. Кэккэ испэктээкиллэрбитин итинник дьиэлэргэ анаан толкуйдуу сатыыбыт. Аан бастаан 2013 сыллаахха Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр Иннокентий Тимофеев-Теплоухов  «Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун илдьэ кэлбиппитигэр  олус элбэх киһи мустубута. Онтон Нам улууһун Партизан сэлиэнньэтигэр кинилэр биир дойдулаахтара Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыаттатын”  куруук сэргииллэр. Бу фэнтези жанрынан толкуйдаммыт остуоруйа кэриэтэ испэктээкили дьиэ кэргэнинэн көрүөххэ сөп. 
 2022 сылга Үөһээ Бүлүүгэ барарбытыгар анаан, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах Андрей  Титаров “Хардааччы Бэргэн” уонна Ийэ олоҥхоһуппут Кирилл  Никифоров-Лөкөчөөн “Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн” олоҥхолорун туруорар былааннаахпыт. Уопсайынан, туруорар испэктээкиллэрбитин олоҥхо ааптардарын төрүт дойдуларыгар илдьэн көрдөрдөхпүтүнэ, эттэрэ-хааннара уһуктар, киэн тутталлар, киэҥ эйгэҕэ таһаара сылдьарбытыгар махтаналлар.

Эһээлээх-эбээлээх кэлэктиип


– Ханнык баҕарар кэлэктиип ийэлээҕин-аҕалааҕын, эбээлээҕин-эһээлээҕин быһыытынан, биһиги тыйаатырбыт эһээтинэн Сунтаар Кутанатыттан төрүттээх, 81 саастаах уһуйааччыбыт  Никандр  Тимофеевы ааттыыбыт.   
Кэлэктииппитигэр Ийэ олоҥхоһуттар баалларынан киэн туттабыт. Кинилэртэн биирдэстэрэ – СӨ үтүөлээх артыыһа    Валентин  Исаков.   Уус Маайаттан төрүттээх убаастыыр киһибит  эбэҥкилии да, сахалыы да холкутук саҥарар, олоҥхолуур, тойуктуур.  Ону сэргэ, Герасим   Васильев,  Зоя  Попова, Майя  Власьева сүбэлэрэ-амалара тугунан да сыаналаммат.  Миэхэ итэҕэйэн, тыйаатыр киэҥ эйгэтигэр угуйан, тапталлаах идэбин булбуппар түс-бас киһибит Андрей Саввичка махтаныахпын баҕарабын. 
Артыыстарбыт бары ураты талааннаахтар, сахалыы тыыны илдьэ сылдьаллар.  Кинилэр истэригэр Гаврил Менкяров, Дмитрий Хоютанов, Байбал Колесов уо.д.а. курдук чаҕылхай уолаттар бааллар. Кэлин кэлбит  оҕолортон Петр Иванов, Владислав Иванов, Дмитрий Захаров курдук талааннаах ыччаты  бэлиэтиэххэ сөп. Кыра эрдэҕиттэн олоҥхо эйгэтигэр сыстыбыт Настя Алексееваны билбэт киһи суоҕа да буолуо. 23 саастаах кыыс номнуо бэйэтэ авторскай олоҥхолоох. 
“Олоҥхо тыйаатырын артыыстара сыанаҕа наар гириимнээх, араас мааскалаах, көстүүмнээх оонньууллар. Онон ханнык артыыс  оонньообутун билбэккэ да хаалыахха сөп. Оччотугар тыйаатыр артыыстарын  дьиҥ олоххо төһө билэллэрий?” – диэн ыйытааччылар. Дьэ, билэллэр.  Биһиги артыыстарбытын сүрүннээн сахалыы киинэлэргэ, сериалларга  көрөллөр. Кинилэр эдэрдэр, көрөөччүгэ биллиэхтэрин наада, онон улаханнык толкуйдаан баран,  үксүгэр көҥүллүүбүт.  Ол эрээри Олоҥхо тыйаатырын артыыһа саха итэҕэлин, сиэрин-майгытын, олоҥхо уобарастарын этигэр-хааныгар илдьэ сылдьар киһи буоллаҕа. Онон кини  атын эйгэҕэ омсолоох оруолу оонньуур бырааба да, табыгаһа да суох.
Олоҥхо тыйаатырын артыыһа үчүгэйдик туойар, чуолаан тыла-өһө чуолкайдык иһиллэр буолуохтаах диэн ирдэбиллээхпит. Көрөөччү, бастатан туран, саха тылын сүмэтин истэн кулгааҕын сымната, сүрэҕин сылаанньыта кэлэр. Ону таһынан оонньуу сылдьан туойууну баһылыахтаах. Итини баһылыыр ыарахан уонна элбэх бириэмэ наада.  Аны туран, уолаттар  эт-сиин өттүнэн харахха быраҕыллар көрүҥнээх, бэйэлэригэр сөп быһыылаах-таһаалаах, кыргыттар кэрэ-нарын,   чэпчэкитик хамсанар-имсэнэр буолуохтаахтар. Этэргэ дылы, олоҥхо бухатыырын идеалыгар чугаһыы сатыахтарын наада. Ону таһынан, Олоҥхо тыйаатырын хас биирдии  артыыһа олоҥхону билиэхтээх, толорорго үөрэниэхтээх.  Сорох  дьон талаана хойут арыллар. 
Тыас-уус өттүн   Иванида Бугулова (Алексеева), Вероника Лыткина уонна Прокопий Сыроватскай киэргэтэллэр.   Вероника уонна Прокопий “Кыл саха” диэн төрүт дорҕоон ансаамбылыгар оонньооччулар. Кинилэр  муусукаан эрэ буолбакка, олус интэриэһинэй тойуктаахтар.  
Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, тыйаатыр 36 артыыһа инникитин саамай чыпчаалга тиийиэҕэр – олоҥхоһут буолуоҕар, онтон уһуйааччы быһыытынан салгыы үлэлиэҕэр бигэ эрэллээхпит. 

Ийэ тылга таптал, ытык иэс


Мария Турантаева  Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх. Үөһээ Бүлүүгэ ССРС норуодунай учуутала Михаил  Алексеев аатынан гимназияны ситиһиилээхтик  бүтэрбитэ. Саха тылыгар уонна литературатыгар уһуйбут дьонунан  гимназия  учууталлара: кыра эрдэҕиттэн олоҥхоҕо уһуйуллубут Ийэ олоҥхоһут Кирилл  Никифоров-Лөкөчөөн кыыһа Татьяна  Никифорованы, Григорий  Попову-Боотойу, ону сэргэ Николай Павлович Корякины ааттыыр.  Онтон 2 №-дээх оскуолаҕа   Ирина  Филиппова эмиэ  бастыҥ үөрэнээччитигэр саха литературатыгар тапталы иҥэрбитэ.   
9-11 кылаастарга үөрэнэр сылларыгар саха графикатын аҕатынан ааттанар Эллэй Сивцев “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон  оҥорбут улахан хартыыната  элбэх оҕоҕо саха буоларынан киэн туттууну үөскэппитэ, идэлэрин талалларыгар көстүбэт күүһү биэрбитэ.  Былатыан Ойуунускай хартыыната эмиэ көстүүлээх сиргэ  ыйанан турара. Онон, Мария бэйэтэ да этэринэн,  олоҥхоҕо айана оскуола саҕаттан саҕаламмыт эбит. 
 Мария оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо Лена Маркова-Яковлева уонна Руслан Тараховскай 1998 сыллаахха Москваҕа М.Щепкин аатынан тыйаатыр устуудьуйатыгар үөрэнэ киирбиттэрэ. Оттон экэнэмиис идэтин талбыт Мария  үөрэҕиттэн быыс булан, кинилэргэ,  бэһис устуудьуйа олус доҕордуу  оҕолоругар, куруук кэлэ-бара сылдьан,  Чурапчыттан сыдьааннаах Геннадий Турантаевы кытары чугастык билсибитэ... 
М. Щепкин аатынан училище бэһис устуудьуйатын ыччаттара үөрэхтэрин бүтэрэн, 2002 сылтан Саха тыйаатырыгар үлэлиир үрдүк дьолу билбиттэрэ. Доҕотторо тыйаатырга үлэлии сылдьар кэмнэригэр  Мария 2007 сылтан Саха тыйаатырыгар тастан сылдьар юриһынан кэлбитэ (бу иннинэ атын эйгэҕэ үлэлээбитэ). Онтон Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Виталий  Власов кинини  тыйаатырга үлэлии кэлэригэр ыҥырбыта. Мария тыйаатырга төһө да олоҕун аргыһа, чугас доҕотторо үлэлии сырытталлар, тута сөбүлэспэтэҕэ. Ол да буоллар, хаһыс да сырыытыгар сөбүлэҥин биэрэн, Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиир дьылҕата быһаарыллыбыта. 
Мария Турантаева:
– Гимназияҕа “Оҥорбуккун, саҕалаабыккын тиһэҕэр тириэрдиэхтээххин” диэн быраабыланы олохтоон, улахан эппиэтинэһи сүктэрэллэр уонна патриотизм тыыныгар иитэллэр эбит. Ол да иһин,  Олоҥхо тыйаатыра бэйэтэ ыҥыран ылла быһыылаах. Ону сэргэ, 1990-с сыллардааҕы  концепция оҕолоро национальнай култуураҕа уһуйуллубуппут улахан оруоллаах. 
Биллэн турар, олоҥхону ааҕар да ыарахан, биир өттүнэн сорох тылларын да өйдөөбөккүн.  Ол гынан баран, бу хамсык   кэмигэр мин Былатыан Ойуунускай  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун аахтым. Бу иннинэ хас да кылгас олоҥхону аахпытым эрээри, билиҥҥитэ бу сүдү олоҥхоҕо тэҥнээҕи була иликпин. Дьиҥэр, билсэ илик олоҥхолорум эмиэ элбэх буоллахтара, аахтахпына, баҕар, санаам уларыйыа.  “Ньургун Боотуру”   киинэ, сериал курдук көрөн олорон аахтым. Тыла-өһө, сюжета барыта  ис иһиттэн тапталлан  тахса турар. Омуммар үс күнүнэн ааҕан бүтэрбитим.  
Сүҥкэннээхэй баайбытын – Олоҥхону бачча харыстаан илдьэ кэлбиттэрин биһиги тарҕатар уонна салгыы илдьэ сылдьар ытык иэстээхпит. 
Эн этэриҥ курдук, кэнэҕэһин Олоҥхо тыйаатырын тэриллиитин устуоруйатыгар киириэхпититтэн үөрэбит эрэ, онуоха эппиэттиир курдук үлэлии-хамсыы сылдьабыт. 
Хас биирдии киһи олоҕор сүбэлэһэр, санаа үллэстэр дьонноох буолуохтаах дии саныыбын. Дьиэ кэргэниҥ, чугас доҕотторуҥ онно төһүү күүс буолаллар. Миэхэ сүдү улахан көмөнү уонна күүһү биэрэр киһинэн Федора Иннокентьевна Кобякова – Эдьиий Дора буолар. Онон дьоммор, доҕотторбор, Эдьиий Дораҕа махталым улахан.

Кэргэннии Турантаевтар


 Мариялаах Геннадий  устудьуоннуу сылдьыахтарыттан  бэйэ-бэйэлэрин чугастык билсэн ыал буолбуттара эһиил 20 сылын туолуо. Күҥҥэ көрбүт соҕотох кыысчааннара  Кыыдаана 11 саастаах, Дьокуускай куорат  17-с оскуолатыгар  үөрэнэр. Уруһуйдуурун олус  сөбүлүүр. “Эрэл” үҥкүү тыйаатырыгар “Эрэлчээн”  бөлөххө  дьарыктанар. Төрөппүттэрин кытары сылдьан, сыана диэн тугун билэр-көрөр  тыйаатыр оҕото. 
Ыал аҕа баһылыга Геннадий Турантаев Чурапчы улууһун Бахсытыттан төрүттээх, төрөппүттэригэр соҕотох оҕо. Гена төрөппүттэрэ Марина Николаевна уонна  Николай Лаврьентьевич олохторун тыа хаһаайыстыбатыгар  анаабыт дьон, бастакы фермердэр, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Бахсыттан төрүттээх баар-суох аймаҕа Иван Турантаев – ааспыт үйэ 30-с сылларыгар киэҥник биллибит тыйаатыр артыыһа (Бахсы нэһилиэгэ ускуустуба элбэх деятелин, артыыһын таһаарбытынан биллэр). Кини кэнниттэн аймахтарыгар артыыс буолбут ким да суоҕа, онон ситим быста сыһан баран, биир үйэ кэриҥинэн артыыс Геннадий Турантаев аата ааттанна. 
Мария дьоно  Үөһээ Бүлүү Кэнтигиттэн уонна Харбалааҕыттан төрүттээхтэр. Кэнтиги хос эһэтэ Боччойо Кууһума  тэрийбит эбит. Онтон эһэтэ Харбалаахтан төрүттээх, ийэтинэн аймахтара –  Бүлүү Чочутуттан силистээхтэр. Мария дьоно билигин Үөһээ Бүлүүгэ олороллор,  бииргэ төрөөбүт быраата ыал, үс оҕолоохтор. Ийэлэрэ Зинаида Николаевна сааһын тухары  военкомакка, аҕалара Василий Николаевич  суут бириистэбигэр үлэлээбиттэрэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Мария эһэтэ Николай  Иванов сэриигэ барыан иннинэ холкуос  тыйаатырыгар  оонньуу сылдьыбыт.   Ону ыһыахтарга  Ньургун Боотур буолбут хаартыскалара кэрэһилииллэр.  Эбэтэ Мария  Потапова Кэнтик нэһилиэгин ааҕар балаҕанын бастакы бибилэтиэкэрэ этэ.

***

Хамсык хааччахтара намыраатахтарына, тапталлаах артыыстарбытын тыйаатыр сыанатыгар үөрэ-көтө көрсөр күммүт үүнүөҕэр эрэнэбит. Оттон Мария Турантаеваҕа Олоҥхо тыйаатырын үлэтэ-хамнаһа инникитин да аар-саарга аатыра турарыгар, саҥа тыын, саҥа  испэктээкиллэр көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөҕөллөрүгэр баҕарабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...