Мария Михалева: «Идэбиттэн дуоһуйууну ылабын»
Соторутааҕыта көрөөччү киэҥ эйгэтигэр тахсыбыт «Агент Мамбо: Трупак» киинэҕэ оонньообут кэрэ кыыс элбэх киһи кутун тутта. Сорохтор кинини Саха тыйаатырын артыыһыгар майгыннаттылар.
Кини бэрт көрсүө майгылаах, оҕолуу ып-ыраас хараҕынан көрөн, эрэдээксийэҕэ киирэн кэллэ. Билсиҥ, Мария Михалева.
ХОТУ ДОЙДУ КЫЫҺА
Мария 1995 сыллаахха Дьааҥы оройуонугар Боронук диэн нэһилиэккэ күн сирин көрбүтэ. Ыал соҕотох, мааны кыыһа оҕо эрдэҕиттэн айар талааннааҕа, туох-ханнык киһи буолуохтааҕа көстөн барбыта. Бэһис кылаастан «Сардаҥа” диэн оҕо телестудиятыгар сылдьыбыта, ол кэннэ оскуоланы бүтэриэр диэри “Саха” НКИХ “Күлүмэн” диэн бырайыагар үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар көрдөөх түгэннэри, сонуннары сэһэргиирэ.
“Күлүмэҥҥэ” сценарий суруйарым, бэйэм артыыстаан ыларым, тэттик киинэҕэ да уһулларым, оннооҕор гимн суруйбутум. Тэлэбиидэнньэ эмиэ киинэ, устуу киэҥ эйгэтэ. Ол саҕаттан артыыс буолуохтаахпын диэн бүк эрэллээх этим.
Уон биирис кылааска саха уонна нуучча литературатын эксээмэннэрин талбытым. Театр режиссеругар туттарсаары, литератураны умсугуйан туран ааҕарым, үөрэтэрим. Артыыс идэтигэр кырасаабыссалары эрэ ылаллар дии саныырым, бэйэбин оннук санаммат этим. Ол иһин тыйаатырга чугас буолар туһуттан, саатар режиссер буолбут киһи диэн баҕа санаалаах этим. Эбэтэр критик, продюсер идэтигэр холонор былааннааҕым. Киин улустарга норуот тыйаатырдара диэн баар эбит буоллахтарына, мин дойдубар оннук диэн ончу суох. Ол эрээри бэйэм КВН хамаандалаах этим. Сыананы, киэҥ-куоҥ театры кытта силбэһэр улахан баҕа санаалааҕым, ол ырам билигин туолла диэхпин сөп. Билигин ураты, ханна да хатыламмат Олоҥхо театрыгар үлэлии сылдьарбыттан олус үөрэбин. Испиктээктэрбитин тойугунан толоробут, эмиэ ураты эйгэ. Ырыаҕа эмиэ кырабыттан сыстыбытым. Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар Степанида Борисова салайааччылаах тойук хайысхатыгар умсугуйан үөрэммитим, Олоҥхо театрыгар талан-талан киирбитим.
АЙАР ҮЛЭ ААРТЫГА
Олоҥхо театрыгар киирээт даҕаны, «Удаҕан кыргыттар” диэн Степанида Борисова туруорбут испиктээгэр хабыллан, сүрүн оруоллартан биирдэстэрин оонньоон саҕалаабыта.
Араас оруолу толорорбун сөбүлүүбүн. Удаҕантан саҕалаан, кэрэ куоҕа тиийэ. Уолу да, кыыһы да сатаан оонньуубун. Хас даҕаны истииллээх, былааннаах артыыстар иһигэр киирсэбин диэххэ сөп.
Театрга үлэлиэхпиттэн арыллан, ырыа суруйар буолбутум. «Бэйбэрикээн» киинэ бастакы уонна иккис чааһыгар уһуллан турабын. Онно Тайаана Куону, Хаардьыт Бэргэн бииргэ төрөөбүт балтын оонньообутум.
ДЬЫЛҔА ДИЭН БААР ЭБИТ
Киинэҕэ артыыс быһыытынан ордук улахан үлэм – буруолуу сылдьар «Агент Мамбо: Трупак» киинэ. Манна кыргыттартан саамай улахан оруоллаахпын. Бастатан туран, киинэ аартык бөҕөнү арыйда, миигин улаатыннарда диэхпин сөп. Сүрдээх түмсүүлээх, биир санаанан салайтарар хамаандаҕа киирэн, элбэх уопуту иҥэринним, маннык эйгэҕэ бастакыбын үлэлээтим. Дьылҕа суола диэбиккэ дылы, былырыын, пандемия кэмигэр, төрөөбүт күммэр миэхэ продюсер Степан Порядин сибээскэ тахсыбыта уонна: “Киинэҕэ холонуоххун баҕарбаккын дуо?” – диэбитэ. Истиигэ кэлээр, көрүөхпүт диэн буолбута. Тиийбитим, сценарийы аахпытым уонна манна хайаан да кыттабын диэбитим, тута оруол биэрбиттэрэ. Ол саҕана артыыс быһыытынан “аччыктыы” сылдьыбытым. Оруол суох, икки киинэҕэ ыҥырыылаах этим да, эһиилги сылга көһөрөн кэбиспиттэрэ.
Киинэҕэ ылбыттарын кэннэ, саха киһитэ буоларым быһыытынан алгыс түһэринэн, дойдубар тиийэн күүс-сэниэ ылыммытым. Айар бөлөхтөн сорох-сорохторун саҥардыы билбитим. Бу диэн эттэххэ, хайдах оонньуурбун көрбөтөх да этилэр. Көннөрү маннык артыыс баар эрэ диэн билэллэрэ. Кырдьык, харахтарынан хайҕаан, талан ылбыт киһилэрэ буолабын. Чэ, ол курдук хамаандаҕа киирэн, биир тыынынан, биир ньыгыл курдук, биир ый тэтимнээхтик устубуппут. Ол сылдьан бэйэбэр эрэлим үрдээбитэ уонна кырдьык даҕаны улахан оруоллары оонньуохпун сөп эбит диэн итэҕэйбитим.
“Бэйбэрикээн” киинэҕэ талааннаах режиссер Константин Тимофеев ыҥырбыта. Кини урут мультиктары уруһуйдуур этэ, мин эмэ оҕо сылдьан мультипликациянан дьарыктанарым. Ыҥырыытын ылынан, тута сөбүлэспитим.
Элбэх көрөөччү эйигин Саха театрын артыыһа Ирина Михайловаҕа майгыннатта, аймаҕыҥ дуо?
Аймаҕым буолбатах. Кинилиин театрга үлэлии кэлэн баран билсибитим, эдьиийим курдук ылынабын. Бастакы көрсүбүт, билсибит киһим – Ира. Кинилиин сылаас, чугас сыһыаннаахпыт. “Майгынныыгыт” дииргитигэр сөбүлэһэбин. Бу түгэн миигин үөрдэр эрэ, тоҕо диэтэххэ, биир киэн туттар артыыһым, кини таһымыгар тиийиэхпин баҕарабын.
БАРСЫБАТ ОРУОЛ ДИЭН СУОХ
Иэйии араастаан киирэр уонна тахсар. Иэйии киирэр да түгэнигэр, атын киһи буолан хаалбаккын. Уларыйан хаалар туругуҥ суох, оруолгун бэйэҕэр сыһыардаххына, ис туруккун дьүөрэлээтэххинэ, дьиҥнээх, ураты уобарас төрүүр. Холобур, билигин уолу оонньоо диэтэхтэринэ, ханна да маарыннаабат, ханна да суох уолу оонньуохпун сөп. Хас биирдии артыыс, айар куттаах киһи улахан үлэни оҥорор. Кини айылҕаттан бэриллибитигэр туора дьайыылары эбэн, холбоон олох атын эйгэни таһаарар. Бу айар үлэ биир үктэлэ. Мин оруолларым бэйэбэр барсаллар. Тоҕо диэтэххэ, айылҕабар эбэн эрэ кэбиһэбин. Барсыбат оруол диэн суох. Эн өскөтүн артыыс буоллаххына, ханнык баҕарар оруолу оонньуохтааххын.
ХОҺООН, ГИТАРА, ЫРЫА
Айар үлэҕэр өйүүр, көмөлөһөр дьонуҥ кимнээҕий?
Көмөлөһөр киһим – ийэм. Кини миигин өйдүүр, итэҕэйэр, ханнык да түгэҥҥэ куруук сүбэлиир-амалыыр. Уонна үөһэттэн көрөн олорор эһэм. Кини театрга үлэлии киирбиппэр наһаа үөрбүтэ, астыммыта уонна олохтон күрэниэр диэри бастыҥ артыыс буолуохтааххын диирэ. Эһэм эппит тылын быһа гыммакка, үлэлии сылдьабын. Эбэм олох оҕо сырыттахпына барбыта, ол да буоллар төрүттэрбин куруук саныыбын, сүгүрүйэбин, өйдүүбүн.
Оҕо эрдэхпиттэн хоһоону, ырыаны суруйарбын сөбүлүүбүн. Айар үлэбин өйөөбүт уонна эрэммит дьонум – эһэлээх, ийэм. Эһэбин кытта оһох иннигэр олорон хоһоон суруйарбытын бу баардыы көрөбүн. Миигин музыкальнай оскуолаҕа үөрэттэрээри, дэриэбинэттэн Үөһээ Дьааҥыга бэйэтигэр көһөн киирбиппит. Онно киирэн матыыбы сатыыр буолбутум, онтон ырыа суруйар кутум киирбитэ. Билигин биир ырыабар килииптээхпин, ырыам сахалыы араадьыйаларга тыаһыыр. Маны сэргэ сотору кэминэн альбом таһаарыам.
СОНУН ИДЭНИ БАҺЫЛЫЫ ҮӨРЭНЭБИН
СММ диэни баһылаабыт эбиккин дии, төһө сөбүлээтиҥ?
Пандемия кэмигэр социальнай ситимнэргэ маркетинг уонна пиар эйгэтигэр үөрэнэн, билигин араас ситимнэргэ блогердар, маҕаһыыннар, урбаанньыттар аккауннарын рекламалыыбын, атыылаһааччылары булабын. Бу идэ миэхэ наһаа барсар, тоҕо диэтэххэ, тугу көрбүппүн, сэҥээрбиппин Сорук Боллур курдук кэпсии сылдьабын. Кэтээн көрдөххө, СММ үлэһиттэрэ, нууччалыы эттэххэ, «бойцы невидимого фронта» курдуктар. Бэйэм аккауммар айымньылаахтык сыһыаннаһабын, сороҕор блогердыыбын.
ТАПТАЛ КИҺИЭХЭ КҮҮС БИЭРЭР
Тапталтан иэйиилэнэбин. Чугас дьонум, кэллиэгэлэрим, доҕотторум миигин кынаттыыллар. Кинилэр миигин хайгыыр, итэҕэйэр буоланнар, онтон өссө өрө баран, саҥаттан саҥаны айа-тута сылдьабын.
Таптал киһиэхэ күүс биэрэр. Ийэбин, гитарабын, дьиэбин-уоппун таптыыбын. Таптал баар буолан, үтүө санаа үөскүүр, дьоҥҥо истиҥ сыһыан олохтонор.
Карьера диэн баран дьон үрдүнэн хаһан даҕаны хаамыам суоҕа. Киһи боростуой, үтүө санаалаах, тапталлаах буолуохтаах. Тапталлаах уонна үтүө санааны тута сылдьыҥ, оччоҕо биирдэ кэлбит олоххут сырдыгынан сыдьаайыа.
Билиҥҥи ыччат наһаа сайдыылаах. Тугу барытын түргэнник ылынар. Эдэр дьон киинэҕэ да уһуллаллар, тыйаатыры да таптыыллар, атын дьарыгы да үлэ оҥостор кыахтаахтар. Ону биһиги Мария Михалева холобуругар көрдүбүт. Истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын, айар үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.