07.06.2020 | 12:36

Мария МИГАЛКИНА: “Экологическай култуураны үрдэтиэххэ”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы Экологическай надзор кэмитиэтэ СӨ Экология, айылҕа баайын туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин  салаатын быһыытынан үлэлиир. Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар кэмитиэт салайааччытын солбуйааччы Мария Андреевна Мигалкина ыалдьыттыыр.

–  Мин Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм. 2-с №-дээх оскуола биолого-химическай кылааһын 1994 сыллаахха бүтэрбитим. Биһиги оскуолабыт университекка бэлэмниирэ олус күүстээх этэ, ол иһин оскуоланы бүтэрэн баран, кылаас оҕолоро бары бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэлэргэ туттарсан киирбиппит. Мин  СГУ Биолого-географический факультетыгар үөрэнэ киирбитим. Устудьуоннаабыт сылларым умнуллубаттык ааспыттара. Үөрэхпэр, уопсастыбаннай олоххо, спортка ситиһиилээх этим. Группабар профком бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбытым, факультет чэпчэки атлетикаҕа хамаандатыгар киирэн, университекка буолар күрэхтэргэ 1-2 миэстэни ылааччыбыт.

1999 сыллаахха биолог идэтин ылан, ол сайын “Специализированная инспекция государственного экологического контроля и анализа Якутского территориального комитета охраны природы” диэн тэрилтэҕэ инженер-химик быһыытынан үлэлии киирбитим. Лабораторияҕа кэлэктииппит олус үчүгэй этэ, бары биир дьиэ кэргэн курдук, бэйэ-бэйэни өйөнсөн, өйдөһөн үлэлээбиппит. Миигин, саҥа эдэр үлэһити, наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, барытын быһааран, көрдөрөн биэрбиттэрэ. Лаборатория үлэтэ наар биир дьиэ иһигэр буолара. Эдэр киһи сотору соҕус хаайтаран барбытым. Кэлиилээх-барыылаах, түбүктээх үлэ эбитэ буоллар диэн санааҕа кэлбитим. Ол иһин биир сыл үлэлээн баран, айылҕа харыстабылын инспекторын дуоһунаһа тахсыбытын истэн, сайабылыанньа суруйан көспүтүм.

2000 сыллаахха Сир харыстабылын отделыгар киирэн, дьэ элбэх кэлиилээх-барыылаах, хас күн аайы куораты биир гына айаннаах, үгүс дьону көрсүүлээх, элбэх докумуон толоруулаах үлэҕэ түбэспитим. Оччолорго Айылҕа харыстабылын кэмитиэтин салайааччыта Юрий Васильевич Конев этэ, отделым салайааччыта Татьяна Аркадьевна Петрова. Түгэнинэн туһанан, кинилэргэ хаһыат нүҥүө муҥура суох дириҥ махталбын тиэрдэбин. Сир харыстабылын отделыгар элбэх сир докумуонун толоруу, тутуу бырайыактарын сөбүлэҥнэрин оҥорорбут. Ол үрдүнэн айылҕа харыстабылын бэрэбиэркэлэрэ ыытыллаллар этэ. Түмүгэ үксүн типографскай бланкаҕа копирка нөҥүө илиинэн суруллар буолара. Ону көрөн, эдэр, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах киһи быһыытынан, бэрэбиэркэ бланкаларын көмпүүтэргэ киллэртээбитим, тэрилтэлэр дааннайдарын базатын, “перечни природопользователей” диэни оҥортообутум. Оччолорго, интэриниэт да, 2 ГИС да курдук бырагыраамалар суох кэмнэригэр, ол наһаа наадалаах этэ.

20 сыл ааста, бу сыллар тухары Уу харыстабылын салаатыгар салайааччынан үлэлии сылдьыбытым, билигин ЯКГЭН салайааччытын солбуйааччытабын. “Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы” диэн иккис үрдүк үөрэхпин Уһук Илин Судаарыстыбаннай сулууспатын академиятыгар бүтэрбитим. Икки сыллааҕыта СӨ Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатыгар  юрист идэтин  ылбытым.

Биһиги министиэристибэбит чэпчэки атлетикаҕа хамаандатыгар киирэн, эстафеталарга кыттабын, былырыын ГТО нормативтарын туттаран, “Кыһыл көмүс бэлиэ” иҥэриллибитэ. Чөл олоҕу тутуһабын, хаалыктаах хаамыы диэн хайысхаҕа элбэх киһини сыһыарбытым, билигин үксүн фитнеһинэн дьарыктанабын.

– Дьокуускай куорат Айылҕа харыстабылын кэмитиэтин үлэтин сүрүн хайысхаларын билиһиннэр.

Билигин Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай экологическай надзор кэмитиэтэ диэн ааттаахпыт,  14 үлэһиттээхпит, бары судаарыстыбаннай инспектордар. Салайааччыбыт – Кирилл Евгеньевич Алчин.

Урукку курдук уу, сир, ресурсалар, салгын уонна оперативнай үлэ отделлара диэн суох. Билиҥҥи инспектордар бары хайысханы барытын баһылыыр, хонтуруоллуур эбээһинэстээхтэр.

Кэмитиэт сүрүн сыала-соруга – СӨ Экология министиэристибэтин боломуочуйаларын Дьокуускай куораттааҕы уокуругар олоххо киллэрии. Үлэбит сүрүн хайысхатынан тулалыыр эйгэни харыстааһын, айылҕа ресурсаларын туһаныыга эконадзор, экологическай хайысхалаах сырдатыы үлэтин ыытыы, экологическай култуура үөскүүрүгэр тирэх буолуу, тулалыыр эйгэ туругун туһунан дьоҥҥо иһитиннэрии, уопсастыбаннай инспектордар үлэлэрин салайыы, кыылы-сүөлү, ураты харыстанар территориялары кытта үлэ, о.д.а.

Госэконадзор Дьокуускайдааҕы кэмитиэтэ үлэтин түмүктэринэн Экология министиэристибэтин биир саамай үчүгэй көрдөрүүлээх салаата буолар. Хас да төгүл бастыҥ инспекция аатын сүгэ сылдьыбыппыт. Сыл аайы биһиги инспектордарбыт 1200-1500 бэрэбиэркэни ыыталлар, 1100-1500 айылҕа харыстабылын сокуонун кэһиини арыйаллар, ыстараап сылга 3 мөл.солк. тиийэ ууруллар. Дьокуускай куорат бүддьүөтүгэр сыллата 7-8 мөл. солк. айылҕаҕа хоромньуну, буортуну оҥоруу иһин киирэр.

Дьокуускайдааҕы кэмитиэт булка көҥүлү биэрэр. 2018-2019 сылларга инспектордар 12000-13000 көҥүлү биэрдилэр, булт болдьоҕо бүппүтүн кэннэ көҥүлү төттөрү хомуйан ылабыт. Кэмигэр туттарбатахтар ыстарааптаналлар. Булт быраабылаларын кэһиини, уодьуганнааһыны, браконьердары эппиэтинэскэ тардыыны эмиэ биһиги инспектордарбыт оҥороллор.

Исковой сайабылыанньалары, хадатаайыстыбалары, суут матырыйаалларыгар эппиэттэри толорон, министиэристибэ интэриэһин көмүскүүбүт. Сыллата 70-90 суукка кыттабыт.

Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай эконадзор кэмитиэтэ көҥүлэ суох бөх мунньуллар сыбаалкаларын хонтуруоллуур. Кэнники сылларга куораппыт син ырааһырда, көҥүлэ суох сыбаалка булуллара аҕыйаата диэн этиэххэ наада.

Күөллэр уонна Өлүөнэ өрүс экологическай туруктарын кэтээн көрүү ыытыллар. Кыбаартал аайы уу уонна уу түгэҕин сөҥмүт буорун боруобата ылыллар. 2019 сыллаахха 82 боруоба ылылынна, ол иһигэр 68 – уу, 14 – уу түгэҕин буорун сөҥүүтэ.

Маны таһынан Сааскы халаан уутун аһарар хамыыһыйаҕа биһиги кэмитиэппит эмиэ киирэр. ЫБММ, Өлүөнэ уутун бассейнын управлениета буолан, мууһу эрбээһин, хараардыы үлэтигэр айылҕаҕа хоромньу тахсыбатын кэтиибит. Ону тэҥэ гидротехническэй тутуулары, АЗС-тары, о.д.а. ууга барар кутталлаах эбийиэктэри кытта үлэлиибит.

Туттуллубут кирдээх ууну көҥүлэ суох сүөкээһини хонтуруоллуубут. Манна үксүн фекальнай массыыналар кирдээх убаҕастарын көҥүлэ суох куорат коллектордарыгар эбэтэр Табаҕа диэки сүөкүүллэрэ тутуллар.

Дьокуускайдааҕы кэмитиэт Наркотигы хонтуруоллуур федеральнай сулууспа тутуллубут наркотигы суох оҥорор анал хамыыһыйатыгар киирэн үлэлиир. 2019 сыллаахха 7 операцияҕа опердары уонна Роспотребнадзор үлэһиттэрин кытта сырыттыбыт.

Биһиги инспектордарбыт өссө баһаары умулларыыга, баһаары сэрэтэр рейдэлэргэ сылдьаллар, инструктажтары ыыталлар.

Куораты көҕөрдүүгэ уонна тупсарыыга көҕүлээһин эмиэ биһиги үлэбитигэр киирэр. Субуотунньуктары ыытабыт.

Нэһилиэнньэҕэ экологическай сырдатыыны ыытыы – үлэбит өссө биир хайысхата. Бэрэбиэркэ, хонтуруол үлэтинэн эрэ муҥурданар сыыһа, экологическай үөрэхтээһини киэҥник тарҕатар, нэһилиэнньэ экологическай култууратын өрө таһаарар наада. Араас таһымнаах тэрээһиннэр, семинардар, лекциялар, субуотунньуктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Сир күнүн көрсө, устудьуоннары кытта Сайсары күөлү ыраастыыбыт. Уопсастыбаннай экологическай сэбиэппитигэр 39 киһи баар.

Көрдөрөр-иһитиннэрэр ньымалары кытта ситимнээхтик үлэлиибит. Араадьыйаҕа, телевидениеҕэ, хаһыаттарга тахсарбыт элбээтэ. Үөрэх тэрилтэлэрин кытта үлэлиибит. Устудьуоннар быраактыкаларын барар балаһааккалара буолабыт.

Ойуурга тахсыы бобуулаах

Эконадзор түмүктэрин кэпсиэххин сөп дуо? Хас ый буола-буола, хайдах ыытылларый?

– Түмүктэри нэдиэлэ, ый уонна кыбаартал аайы таһааран иһэбит. 2019 сыл түмүгүнэн, 1200 экологическай надзор бэрэбиэркэтэ, ол иһигэр 7 комплекснай былааннаммыт бэрэбиэркэ, 648 сэрэтиитэ суох бэрэбиэркэ уонна 550 рейдэ буолан ааста. 915 буруйу оҥоруу булулунна, онтон 629 туоратылынна. 202 ирдэбил туттарыллыбытыттан 80 толоруллубут. 650 административнай накаастабыл, 3462, 8 тыһ. солк. суумалаах 586 ыстараап ууруллубут. 1750,6 тыһ. солкуобайдаах 350 ыстараап ирдэммит. Кыыл-сүөл хоромньутун таһаарбыттарга 4 иск түһэриллибит. 30 булт тэрилэ былдьаммыт.

2020 сыл 5 ыйын иһигэр 415 бэрэбиэркэ ыытылынна. 286 быраабыланы кэһии тутулунна, 129 ирдэбил туттарылынна. 405,5 тыһ. солк. суумалаах 120 ыстараап, 16  тыһ. солкуобайдаах 1 иск ирдэннэ. 13 булт тэрилэ былдьанна.

Билигин коронавируһунан сибээстээн, үлэбитигэр кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Былааннаммыт уонна сэрэтиитэ суох бэрэбиэркэлэр тохтоотулар. Прокуратура сөбүлэҥинэн ыытыллар бэрэбиэркэлэр уонна рейдэлэр эрэ хааллылар. Быйыл булт көҥүлүн судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларынан киирбит сайаапкаларынан онлайн түҥэттибит. Көҥүллэрин төннөрөллөрүгэр электроннай почтанан туттубут. Булт болдьоҕо чугаһаабытыгар, почтанан ыытыы табыгаһа суох буолуоҕун өйдөөн, санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһан туран булчуттарга көҥүллэрин илиилэригэр туттарбыппыт.

– Билигин баһаартан сэрэхтээх буолуу ыйыгар туох үлэ ыытылларый?

– Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар ыам ыйын 26 күнүттэн бэс ыйын 26 күнүгэр диэри баһаары сэрэтэр эрэсиим олохтоммута. Бу кэмҥэ транспорынан ойуурга киирии бобуллар, нэһилиэнньэ тыаҕа тахсыыта хааччахтанар.

Өртөөһүн уонна бөҕү уоттааһын бобуллар. Кэмитиэт инструктажтары рейдэлэр кэмнэригэр, булчуттарга көҥүл биэрии кэмигэр ыытар. ЫБММ уонна ИДЬМ рейдэлэригэр бииргэ үлэлиибит.

Дьокуускайдааҕы лесничество баһаары утары минерализированнай хаһыылары бэрэбиэркэлиир, ойуурга рейдэлэри ыытар.

Ким баҕарар үҥсүөн сөп

Кэнники кэмҥэ нэһилиэнньэ экологияҕа сыһыана төһө уларыйда дии саныыгын? Дьонтон иһитиннэрии, туруорсуу төһө киирэрий?

– Мин аан бастаан үлэлии кэлэрим саҕана “экология” диэн тылы билбэт киһи элбэх этэ, үгүстүк “экономиканы” кытта бутуйаллара. Билигин оннук суох. Эко-үөрэхтээһин сайынна, нэһилиэнньэҕэ сырдатыы үлэтэ хорутуулаахтык ыытыллар буолла. Дьокуускайга билигин аҥаардас уопсастыбанньыктар көҕүлээһиннэринэн, бөҕү наардаан хомуллуу тэриллэр, иккистээн туттуллар бөҕү тутар хампаанньалар баар буоллулар. Куоракка биллэриллэр көҕөрдүү ыйдарыгар тэрилтэлэр сыһыарыллыбыт сирдэрин ыраастыыллар, үүнээйи олордоллор.

Ол эрэн эко-култуура сайынна диир кыахпыт суох. Билигин даҕаны тыаҕа аһаан баран кэннилэриттэн хомуммат дьон элбэх. Ким эрэ кинилэр кэннилэриттэн кэлэн ыраастыахтааҕын курдук саныыллар, өссө бөхтөрүн биир сиргэ чөкөччү муспут буолаллар. Урут ыраас сиргэ бөх аҕалан чөмөхтүү быраҕыллыбытын, эргэ массыына кузовтарын сыллата булабыт. Хас биирдии гражданин айылҕа харыстабылын туһунан толкуйданыар, көннөрүнүөр диэри маннык көстүү хатылана турар чинчилээх.

Дьон эһиэхэ иһитиннэрии, үҥсүү түһэрэригэр тугу гыныахтааҕый?

– Биһиэхэ ким баҕарар сайабылыанньа, үҥсүү, этии киллэриэн сөп. Аадырыспыт: 202 микр., 18/2 корп., электроннай почта: yak_kop@sakha.gov.ru, 43-66-21 төлөпүөнүнэн эрийиэхтэрин сөп.

Айылҕаҕа оҥоһуллар хоромньу хайдах сыаналанарый?

– Манна олохтоммут методикалар бааллар. Холобур, сир дьапталҕатыгар, ууга, ойуурга, бултуур сиргэ, о.д.а. хоромньуну оҥоруу тус-туһунан сыаналанар. Сири буортулааһын – иэнинэн, дириҥинэн; бултуур сиргэ –  кыылын арааһынан, атыыр дуу, тыһы дуу буоларынан, сааһынан ааҕыллар. Ыстараап хас да тыһыынча солкуобайтан саҕалаан, мөлүйүөнүнэн тиийэ ааҕыллыан сөп. Айылҕаҕа хоромньуну оҥорооччулар дьайыыларын хайаан да туоратар эбээһинэстэнэллэр.

– Уопсастыбаннай экологическай сэбиэт диэн баар эбит. Хайдах үлэлииллэрий?

– Хаһыс да сылын үлэлиир. Мунньахтары ыытабыт, кыһалҕалаах боппуруостары быһаарыы кинилэрэ суох ааспат. Бөҕү-сыыһы харайыы, суох оҥоруу, саҥа технологиялары киллэрии, көҕөрдүү былаана барыта уопсастыбаннаһы кытта бииргэ үлэ түмүгэр тахсар.

Дьокуускай экологиятын сытыы кыһалҕалара

Куорат экологията. Тупсар дуу, куһаҕан буолан иһэр дуу? Айылҕабытын харыстыыр туһугар хас биирдии киһи тугу гыныан сөбүй?

– Уопсайынан, куорат айылҕатын харыстыыр үлэ ыытыллар диэххэ наада. Туттуллубут ууну ыраастыыр биологическай ыстаансыйа тутулунна, саҥа водозабор үлэлээтэ. Бөҕү наардыыр собуот, кытаанах бөҕү-сыыһы харайар саҥа полигон, куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ бөҕү тутар ыстаансыйа тутуллуохтаах. Бөҕү көрүҥүнэн арааран тутуу олоххо киирэн эрэр. Кутталлаах тобоҕу суох гынар тэрилтэлэр баар буоллулар, тыһыынчанан кв.м иэннээх сыбаалкалар ыраастаннылар, куорат ханаала уонна күөллэрэ чөлүгэр түһэриллэн эрэллэр.

Дьокуускай экологическай кыһалҕата итинэн эрэ быһаарыллан хаалбата биллэр. Куорат Өлүөнэ кытыытыгар, хочо сир аллараа өттүгэр турар буолан, бадарааннаах сирэ элбэх. Тутуу туох да бэрээдэгэ суох ыытыллар, ардах уутун аһарар систиэмэ үлэтэ быстар мөлтөх. Маныаха эбии уопсай канализация систиэмэтэ эргэрдэ, элбэхтик алдьанан, сиргэ туттуллубут уу барар буолла.

Көҕөрдүү таһыма биһиги куораппытыгар мөлтөх. Саас олордуллубут мастар эһиилигэр өлөн хаалаллара баар суол. Олордон баран, көрбөт-истибэт, харайбат буолар сатаммат. Үүнээйини көрөр-харайар туспа сулууспа наада.

Суолбут хаачыстыбата мөлтөх уонна күөх хонуу ото олордуллубат буолан, куораппыт олус быыллаах.

Куорат ханаалын уонна күөллэри чөлүгэр түһэрии ыытыллыбытын үрдүнэн, күөллэрбит сыл аайы уолан иһэллэр. Уу Шестаковка үрэхтэн уонна сөҥүү  түһүүтүттэн эрэ киирэр. Урукку сылларга куорат күөллэрэ Өлүөнэ өрүһү кытта ситимнээх этилэр, сыл аайы өрүс ыраас уута киирэр кыахтааҕа. 2000 сыллардаахха күөллэрбитин ыраас уунан хааччыйар ыстаансыйа үлэлээн бүппүтэ. Күөллэргэ ууну хачайдааһыны сөргүтүөххэ наада.

Саамай сытыы кыһалҕа  көҥүлэ суох, термининэн эттэххэ “стихийнэй” сыбаалкалар үөскээһиннэрэ буолар. Төһө да сыбаалкалары ыраастаан суох оҥорбут иһин, саҥаттан саҥа сирдэргэ үөскүү тураллар. Биллэн турар, дьон бэйэтэ эрэ буруйдаах.

Билигин даача сезона саҕаланна. Даачалар бөхтөрүн мээнэ быраҕаллара баар суол.  Дьокуускайга көҥүлэ суох бөх быраҕар сирдэр үөскүүллэр. Онуоха ханнык үлэ ыытылларый?

– Сыбаалкалар үөскүү тураллара, чахчы, үксүн даачалар уонна чааһынай дьиэлэр турар сирдэрин кытта сибээстээх буолаллар. Куорат былаастара нэһилиэнньэттэн бөх хомуйаллара, санитарнай туочукалары дьон олорор сиригэр барытыгар тэрийэллэрэ наада. Дьон даачаларыттан бөхтөрүн куоракка аҕалан тоҕоллор, ойуурга таһаараллар эбэтэр аттынааҕы аппаларга өрөһөлөөн эрэр буолаллар. Быраабыланы кэһээччилэри ыстарааптыыбыт, бөхтөрүн хомуйтарабыт. Ханнык эмэ сир киртийбитигэр буруйдаах көстүбэтэҕинэ, ыраастыыр эбээһинэс сири бас билээччигэ сүктэриллэр. Быйыл куорат саҥа санитарнай туочукалары тутар былааннаах, чааһынай секторга “Якутскэкосети” контейнердара турдулар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, Бүлүүлүүр суолга баар полигон 1 кубка диэри бөхтөөх массыыналары босхо киллэрэр.

Оттон кууһунан атыылыыр базалар бэйэлэрэ бөх тиэйэр тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсиэхтээхтэр. Бөҕү уматар, сиргэ көмөр, лицензията суох дьоҥҥо тиэйтэрэр көҥүллэммэт.

Үлэтэ мөлтөх

“Якутскэкосети” региональнай оператор үлэтин хайдах толороруй?

– 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн регионнааҕы оператор буолбут “Якусткэкосети” хампаанньаны кытта тэрилтэ барыта кытаанах бөҕү тиэйиигэ дуогабардаһыахтаах. Атын тэрилтэни кытта дуогабардаһыы сокуону кэһии буолар. Анал харайыыга наадыйар бөҕү эрэ туһааннаах тэрилтэлэр тутуохтарын сөп. Холобур, аккумулятордары, люминесцентнай лаампалары, о.д.а. тутар хампаанньалар бааллар.

“Якутскэкосети” ХЭТ-ни кытта дуогабара суох буоллахтарына, административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөп. Бөҕү тиэйиигэ дуогабара суохтары 250 000 солк. тиийэ ыстарааптыахпытын сөп.

Бу регионнааҕы оператор үлэтин биһиги соччото суоҕунан сыаналыыбыт. Кытаанах бөҕү харайар, наардыыр, брикеттиир саҥа полигон тутуутугар харчы ылан баран, билигин да тутуу үлэтин саҕалыы илик.  Бүлүүлүүр суол 9 км баар былыргы полигон аһара туолбута ыраатта, сабан баран, рекультивация үлэтэ ыытыллыахтаах этэ. Ол эрэн саҥа полигон тутулла илигинэ сабыллан хаалар кыаҕа суох.

Куорат санитарнай туочукаларыттан бөҕү тиэйии хойутуур, баахтар олус туолан таһынан бардахтарына эрэ тиэллэр буолла. “Якутскэкосети” тиэхиньикэтэ тиийбэт, үлэтин кыайбат.

Атын регионнары, куораттары кытта тэҥнээтэххэ, Дьокуускай экологическай туругун хайдах сыаналыахха сөбүй?

– Атын куораттары кытта тэҥнээтэххэ, биллэн турар, биһиги куораппыт көҕөрдүүтэ мөлтөх. Бөдөҥ собуоттар, фабрикалар суохтара экологиябыт үчүгэй туруктаах буоларыгар тирэх буолар. Салгыны, ууну киртитии, Арассыыйа киин куораттарыгар тэҥнээтэххэ, биһиэхэ  суох. Мин санаабар, биһиги куораппытын тулалаан турар тайҕата быыһыыр.

Бэйэбит кэннибититтэн ыраас сири хаалларабыт

– Эколог киһи айылҕаҕа сынньанара ураты буолуо. Ол туһунан кэпсээ.

– Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сынньанарбытын ордоробут. Оҕолорбутугар кыра эрдэхтэриттэн тулалыыр эйгэҕэ, кыылга-сүөлгэ харыстабыллаах сыһыан үөрүйэхтэрин иҥэрэбит. Бэйэбит кэннибититтэн хаһан да бөхпүтүн быраҕан хаалларбаппыт. Биһиги сынньаммыт сирбит бастаан кэлбиппитинээҕэр ыраас буолан хааларын сөбүлүүбүт, ол иһин сылдьыбыт сирбитин хайаан да хомуйабыт, бөхтөн ыраастыыбыт. Ыалларбытын кытта ыам ыйыгар уулуссабытын тахсан хомуйар үгэстээхпит. Хайаан да оҕолору кытыннарабыт. Уулуссаны эт илиитинэн хомуйбут оҕо хаһан даҕаны бөҕүн таһырдьа мээнэ быраҕан кэбиһиэ суоҕа. Төрөппүт бэйэтин холобурунан эрэ айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иитэр кыахтаах.

– Эколог буоларга ханна үөрэниэххэ сөбүй?

– Бу идэҕэ дойду үгүс университеттара үөрэтэллэр. Биһигиттэн чугас ХИФУ буолара биллэр. Бэйэбит университеппыт бэлэмниир специалистарыгар 100 бырыһыан эрэниэххэ сөп. Быйыл дьаҥ тарҕаныытын сабыдыалыттан эксээмэннэрин туттараллара уустуктардаах буолбут абитуриеннарга ситиһиилэри баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...