05.11.2023 | 14:00

Мария Данилова: «35 сыл устата элбэҕи биллим...»

Мария Данилова:  «35 сыл устата элбэҕи биллим...»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Мария Данилова айар үлэтин 35 сылын бэлиэтээтэ. Бу үбүлүөйдээх сылыгар Мария Никитична Дьокуускай олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар кэрэхсибиллээх бэлэх оҥордо — “Мэндэ Бухатыыр” олоҥхо, “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйа уонна “Кубулунууттан кырдьыкка эбэтэр төттөрү” моно-испэктээккэ араас оруоллары толорон, дэгиттэр талаанын көрдөрдө. 

Ол курдук, алтынньы 28 күнүгэр Мария Данилова үбүлүөйдээх декадата “Кубулунууттан кырдьыкка эбэтэр төттөрү” Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн худуоһунньуга Прасковья Павлова туруорбут моно-испэктээгинэн түмүктэннэ.

Тыйаатыр фойетыгар көрөөччүлэргэ анаммыт дьоҕус экспозиция артыыс кэрэхсэбиллээх олоҕун кэпсии көрүстэ. Манна Мария Никитична айар үлэтин тухары туттубут мала-сала, гримерочнай сиэркилэтэ, араас тигиилээх көстүүмнэрэ уонна саамай сүрүнэ — олоҕун суолун кэрэһилиир хаартыскалара көрдөрүүгэ турдулар. Испэктээк саҕаланыан иннинэ ыҥырыылаах ыалдьыттар Мария Никитичнаҕа эҕэрдэ этигэнин эттилэр, бэлэхтэрин туттардылар. Үөрүүлээх түгэни көрөөччүлэр ытыстарын тыаһынан доҕуһуоллаатылар.

Марина Силина, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы:

— Бу киэһэ саҕаланыыта да ураты сылаас иэйиилээх. Мария Никитична биһиэхэ сүрэҕин сылааһын уонна сибэкки бэлэхтээтэ. Сибэкки — дьахтарга Таҥара бэлэҕэ. Оттон кини сибэккини кытта көрөөччүлэргэ улахан иэйиитин, тапталын бэлэхтиэҕэ. Декаданы түмүктүүр бүгүҥҥү испэктээк биһигини дьахтар араас уобарастарыгар угуйуоҕа. Итиэннэ тыйаатыр, дьахтар кистэлэҥнээх айылҕатын туһунан толкуйдатыаҕа. Мария Никитична араас элбэх оруолу толорон, бу тыйаатыр тутаах артыыһа буолла. Остуоруйаттан саҕалаан, Медеяҕа диэри уобарас — олус уустук спектр. Бу Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн уратыта — манна артыыс сатабыла элбэх буолуохтаах. Атын тыйаатырдарга хас биирдии артыыс ордорор амплуалаах — драматическай, лирическэй, травести уонна да атын. Оттон Мария оҕо оруолун, трагикомедияны эмиэ толорор. Мария Никитичнаҕа куруук сырдык сулус сандаардын, кини айар суолун өрүү сырдаттын, өр сылларга үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!

Ону таһынан Мария Данилова төрөөбүт сириттэн ыҥырыылаах ыалдьыт – Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгин баһылыга Владимир Текеянов эҕэрдэ тылларын анаата:

— Мария Никитична – биһиги, горнайдар, одьулууннар, биир саамай киэн туттар, ытыктыыр киһибит. Кини дойдутун, Маҕараһын дьиҥнээх патриота. “Дойду дьонунан баай” дииллэрэ чахчы. Мария Никитична курдук киһи баарыттан биһиги дьоллоохпут. Инникитин даҕаны айар үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, чаҕылыйа сыдьаайан, биһигини, чугас дьоҥҥун, оҕолоргун куруук үөрдэ сырыт!

Александр Титигиров, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн режиссера:

— 35 сылы быһа бу сценаҕа Мария Никитична бэйэтэ элбэх оруоллары айан кэллэ. “Талааннаах киһи барытыгар талааннаах” дииллэр. Онон кини остуоруйаҕа даҕаны, улахан уобарастаах трагедийнай даҕаны оруоллары  баһылаан оонньуур диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Бары кэрэни, үчүгэйи, инникитин өссө даҕаны айа тур, үлэлээ-хамсаа, дьоллоох доруобай буол!

Алексей Павлов, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта, СӨ норуодунай артыыһа:

— Мария Никитична биһикки 35 сыл үлэлээн кэллибит. Гастроль бөҕөтүн кэрийэн, испэктээк бөҕө оонньоон, эстрада саҕаттан бииргэ сылдьабыт. Кини эстрадаҕа кэлээтин кытта дьон-сэргэ биһирээбитэ, кини монологтарыттан наһаа күлэллэр, астыналлар этэ. “Кини тахсан истэхпинэ — сытар, киирэн истэхпинэ—сытар” тыла норуокка барбыта. Норуот үөрдэҕинэ-көттөҕүнэ, дьээбэлэннэҕинэ туттар тыллара буолан хаалбыттара. Онтон, дьэ, бу эстрада кэнниттэн тыйаатыр эйгэтигэр кэлэн үлэлээммит кини сүрүн оруоллары оонньуу сылдьар: “Хобороос хоһооно” испэктээккэ — Хоборооһу, “Оҕоҕо баҕарбыт” — Боккуойаны, “Ытык ийэ” драмаҕа — Февронья Малгинаны уонна да атыттары. Ити курдук кини ханнык баҕарар хайысхалаах оруоллары кыайа-хото тутан оонньуур. Оҕо остуоруйаларыттан, холобур, Бэйбэрикээн эмээхсин оруолун толорор. Ити курдук оҕолорго сүрдээҕин сөбүлэтэр, эдэркээн көрөөччүлэр кинини ылыналлар, дохсун ытыс тыаһынан көрсөллөр уонна атаараллар.

Эҕэрдэлэр этиллибиттэрин кэннэ, уот умулунна, быыс арылынна. Сүрүн уонна соҕотох оруолга — Мария Данилова Моэм Сомерсет кэпсээннэригэр олоҕурбут «Кубулунууттан кырдьыкка эбэтэр төттөрү» диэн моно-испэктээккэ дьахтар ис туругун, кутун-сүрүн айманыытын тиэрдэн, сүрэҕэ тугу кэпсиирин арыйан, ураты иэйиилээх уобараһы толордо. Уоттаах-күөстээх, сороҕор психоделическэй туруоруу көрөөччү болҕомтотун тарта.

Мария Данилова, СӨ үтүөлээх артыыһа, сүрүн оруолу толорооччу:

— Мин айар үлэм 35 сыла буолла. Бу эттэххэ дөбөҥ курдук, ол эрээри үлэлээн-хамсаан, олорон кэллэххэ 35 сыл диэн сүрдээх элбэх кэм буолар. Манна 35 сыл устата наһаа элбэҕи биллим, үгүскэ үөрэнним. Ордук дьону биллим. Дьоҥҥо үөрүүлээх уонна хомолтолоох күннэригэр бу сценаҕа араас оруоллары толороммун, көрөөччүлэр олохторун чэпчэтэбин дии саныыбын. “Кубулунууттан кырдьыкка эбэтэр төттөрү” моно-испэктээккэ Моэм Сомерсет суруйбут 4 новеллата киирбитэ: “Джейн”, “Завтрак”, “Луиза” уонна “Слово чести”. Ити араас новелла холбоһон, 4 араас дьахтар уобараһа көстөр. Ону саалаҕа олорор көрөөччүлэр, хас биирдии дьахтар бэйэтин характерын булан ылаллар.

 

Хаартыскалар: Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....