27.06.2020 | 10:05

Марина ЯКОВЛЕВА: “Бас билэр дьиэлээх ордук”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин үгүс саха ыччата туспа тэрилтэлээх, олох суолугар саҥаны, сонуну, аныгылыы хайысханы баһылыыр. Бүгүн кэпсиир ыалдьытым –  дьиэ-уот боппуруоһугар тыhыынчанан дьоҥҥо көмөлөспүт предприниматель, «Приоритет» ХЭУо хаһаайката Марина Яковлева.

-Марина, кэпсэтиибитин саҕалыахха.

-Бастатан туран, Сахам сирин дьонун сайыҥҥы күннэр үүммүттэринэн эҕэрдэлиибин!

Мин, Мэҥэ Хаҥалас Павловскай орто оскуолатын 2007 сыллаахха бүтэрэн баран, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ инженернэй-техническэй институтугар үөрэнэ киирбитим. Идэбинэн тутааччы-инженер буолабын. Устудьуоннуур кэммэр Дьокуускайдааҕы И.И. Фадеев аатынан үп-харчы экономическай кэллиэһигэр кэтэхтэн үөрэнэммин, эбии финансист идэтин ылбытым. Бүтэрэр сылбар икки дипломнаах исписэлиис буолан тахсыбытым. Биллэн турар, үлэ көрдүүр аакка түспүтүм. Мин дьолбор, идэбинэн үлэ көстүбүтэ. Ол курдук, ДСК кэмбинээккэ үлэҕэ киирбитим. Маҥнайгы сылбар сыахха маастарынан сылдьыбытым. Дьэ, ыарахан үлэ этэ. Араас омук дьоно бары үлэлииллэрэ. Кинилэри хонтуоруоллуур, үлэ хаачыстыбатын үрдэтэр эбээһинэстээх этим. Биир сылынан хонтуораҕа инженеринэн ыҥырбыттара. Хамнаһым олох кыра этэ, баара-суоҕа сүүрбэ эрэ тыһыынча. Сүүрбэ тыһыынчаҕа мин дьүөгэбинээн дьиэ куортамнаан олорорум. Хамнаһым туохха даҕаны тиийбэтэ. Кирэдьиит киирэн туран массыына ылыммытым, хамнаспыттан ый аайы бара турара, төлөөн бүтэрэр болдьоҕум өссө да ыраах этэ. Хаалбыт биэс тыһыынча туохха да тиийбэтэ. Оннук балтараа сыл үлэлээн көрөн баран, элбэҕи толкуйдаан, сыымайдаан, маннык хамнастаах сылдьан ырааппаппын диэммин, үлэбин уларытарга күүстээх быһаарыныыны ылыммытым. Эт-тирии баранан, сылайан, бастакы уоппускабар барбытым. Уоппускам да диэхтээн... кып-кыра буоллаҕа дии. Чэ, ити курдук атын сиргэ холонон көрөргө санаммытым.

2014 сыл тосхойбута. Тохсунньу ый уһун өрөбүллэрэ. Бу иннинэ бизнес эйгэтигэр холонон көрө илик этим. Хас даҕаны тэрилтэҕэ резюмебин ыыттым. Ол курдук «Недвижимость столицы” хамсаабат баайынан дьарыктанар тэрилтэттэн эрийэн, бэсиэдэлэһэ, киммин-туохпун билэ ыҥырбыттара уонна тутатына үлэҕэ ылбыттара. Икки сыл риэлторынан үлэлээбитим. Хамсаабат баай-дуол эйгэтигэр туох-баар боппуруостары, ымпыгы-чымпыгы үөрэтэн, уопутуран баран,  бииргэ үлэлиир кэллиэгэм Луиза Спиридонованы кытта бэйэм бас билэр тэрилтэбин арыйарга быһаарыммытым.

ХАС ДА ТЭРИЛТЭЛЭЭХ

-Хамсаабат баай-дуол эйгэтигэр хамнаспыт бэйэбититтэн тутулуктаах. Ким элбэҕи үлэлиир, элбэх дьоҥҥо дьиэ булан көмөлөhөр, ол исписэлиис хамнаһа лаппа үрдүк буолар. Мин санаабар, дьиэни атыылыыр саамай барыстаах эйгэ. Билигин тэрилтэбэр 90 үлэhит баар. Киин куорат үрдүнэн үс офистаахпыт. Сыл аайы тэрилтэм сайдан, улаатан, тупсан иhэриттэн үөрэбин. Дьиэ атыылыырбыт таһынан, өссө  чааһынай дьиэ тутуутунан уонна өрөмүөнүнэн дьарыктанабыт. Икки сыллааҕыта «Строй Приоритет” диэн өссө биир тэрилтэни арыйбыппыт. Сылтан сыл саҥаны, сонуну киллэрэ сатыыбыт. Ааспыт сылтан Москва куорат тутааччыларын кытта үлэлээн саҕалаабыппыт. Быйыл өссө клининговай хампаанньаланныбыт. Онон баҕарбыт баҕа санаам кыра-кыратык олоххо киирэн иһэриттэн олус үөрэбин.

БИИР СИРГЭ ОЛОРБОТ КИҺИБИН

-Хаһан даҕаны биир сиргэ хам баттанан олорбот киһибин. Куруутун айанныы, саҥаны билэ, туох эрэ туһалааҕы бэйэбэр тобула сылдьарбын сөбүлүүбүн. Дьокуускайга олорор эрдэхпинэ, Москваҕа биир ый буола-буола кэлэн барар этим. Ол курдук араас хабааннаах куурустарга кыттабын, атын регионнарга дьиэ хайдах быһыылаахтык атыыланарын уонна улахан тутуу тэрилтэлэрин кытта билсэбин. Атын куоракка дьон, нэһилиэнньэ хайдах үлэлии олорорун үөрэтэбин. Ити курдук Москваҕа көһөн кэлбиппин бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Аныгы үйэ буолан, барытын интэриниэтинэн дьаһайа олоробун.

Тэрилтэм саамай бастакы үлэһитэ Александр Бережнев диэн, билигин  уҥа илиим уонна солбуйааччым. Үлэһиттэрим бары миигин өйүүллэр, ол иһин үлэбит куруук таһаарыылаах. Дэлэҕэ да, салайааччыттан барыта тутулуктаах диэхтэрэ дуо. Салайааччы бэйэтэ сайдар да, соччонон кини үлэһиттэрэ, тэрилтэтэ эмиэ сайдар.

САЛАЙААЧЧЫ – СУОЛ АРЫЙААЧЧЫ

-Мин үлэhиттэрбин партнердар курдук көрөбүн. Хас биирдии киһи туспа, ураты личность буолар. Кинилэр этэр санааларын, тугу гыныахтарын баҕаралларын, хайдах сайдыы суолугар туруналларын барытын учуоттуубун. “Тэрилтэ биир – ол барыбыт киэнэ”, – диэн куруук этэбин. Салайааччы бэйэтин эрэ иннин көрүнүө суохтаах. Дьону үлэлэтэр, хамсатар киһи, бастатан туран, үлэһиттэригэр болҕомтотун ууруохтаах. Бэйэбин тойон, хотун курдук хаһан даҕаны  санаммаппын. Үлэһиттэрбин кытта сыһыаным олус үчүгэй.

САХАЛАР МОСКВАҔА ТАЛАҺАЛЛАР

-Дьон үксэ киин сир диэки  талаһар буолла. Саха сириттэн элбэх киһи көһөн барар, оннооҕор үйэлэрин-саастарын тухары тыаҕа олорбут дьон кытта олорор сирин уларытар буолла. Москва, Питер курдук сирдэргэ дьиэ көрдүүр, булунар уустук. Мегаполис куораттарга араас өйдөөх-санаалаах дьон баар буолар. Ким эрэ албыннатыан да сөп. Биһиги бэйэбит дьоммутугар Москваҕа, Питергэ дьиэ атыылаһалларыгар көмөлөһөбүт. Эппитим курдук, интэриниэти арыйдылар эрэ, дойду хайа баҕарар муннугар турар дьиэни Дьокуускайтан олорон көрөр кыахтаахтар.

ХАРЧЫНЫ ТУҺАЛААХТЫК ТУТТА ҮӨРЭННИБИТ

-Аан дойду атыйахтаах уу курдук аймана олорор кэмигэр Америкаҕа сылдьыбытым. Ол дойдуга өссө эрдэ саҕаламмыта. Тэрилтэлэр бары сабыллан киирэн барбыттара. Арассыыйаҕа тэрилтэлэр үлэлэрин тохтотуохтара диэн, ким даҕаны түһээн да баттаппатаҕа. Эрдэттэн, кыралаан син биир харантыын буолуоҕа  диэн бэлэмнэнэн, иннибитин-кэннибитин учуоттанан барбыппыт. Үс ый офистарбыт арендаларын, үлэһиттэрбит хамнастарын төлүүр сыаллаах харчыбытын суоттанан олорбуппут.

Бизнеспит пандемия кэмигэр кыратык эмсэҕэлээтэ. Атын өттүнэн көрдөххө, харчыны туhалаахтык туттарга үөрэннибит. Наадата, туhата суох хайысхалары саптыбыт.

ДЬИЭ СЫАНАТА БИЛИГИН ҮРДЭЭТЭ

-Дьокуускайга сыана билигин үрдээн турар кэмэ. Ипотека бырыhыана кыччаан, элбэх дьон дьиэ ылыан баҕарар. Бэлэм дьиэтээҕэр, ипотека бырыhыана кыра буолан, дьон саҥа тутулла турар дьиэҕэ ылыныан баҕарар. Ол иhин тутааччылар сыананы үрдэттилэр. Пандемия кэннэ сыана өссө үрдүөн сөп. Оттон бэлэм дьиэҕэ сыана түһүөн сөп.

-Бүгүҥҥү күҥҥэ ырыынак сыаната хайдаҕый?

-Дьиэ тутааччылар туттулла турар дьиэҕэ 1 кв. м 95 тыһ. солк. тахса сыанаҕа атыылыыллар. Бэлэм, өрөмүөннээх дьиэ сыаната 1 кв.м. 100 тыһ. солк. тэҥнэспит.

КЭЛИН АТЫЫЛЫЫРГА ЫАРАХАН

-Сайдыылаах үйэ ыаллара иккилии кыбартыыралаах буоллулар. Бары дьиэлэнэллэрэ үчүгэйинэн үчүгэй... Ол гынан баран, кэлин атыылыырга ыарахан буолуо. Наhаа элбэх дьиэ атыыланар буоллаҕына, сыанаҕа барымыан сөп. Үйэҥ-сааһыҥ тухары үлэлээбит, муспут харчыгынан ылыммыт дьиэҥ кэлин босхо кэриэтэ атыыга барара  хомолтолоох.

2 % ипотеканы ылар баҕаттан саастарынан хапсыбат ыаллар арахсаллар даҕаны, сорохтор холбоһоллор.

ДЬИЭ АТЫЫЛАҺАР ДЬОҤҤО СҮБЭЛЭР:

-Дьиэ атыылаhыан баҕарар дьон, ырыынагы кэтээн көрүҥ. Ханнык баан табыгастаах бырыhыаннаах ипотека биэриэн сөбүй, ханнык субсидиянан туhаныахха сөбүй, төһө сууманы ыйга төлүүр хармааҥҥытыгар охсубатын учуоттааҥ.

-Иккис ырыынакка дьиэлээх дьон, кыбартыыраҕытын атыылыыр санаалаах сылдьар буоллаххытына, билигин саамай табыгастаах кэм.

-Кыбартыыраны тутулла турар дьиэттэн ылар ордук. Баан кыра бырыhыаннаах ипотека биэрэр.

-Уу харчынан ылар дьон, иккис ырыынактан ыларгыт табыгастаах.

-Билигин куортамнаан олорордооҕор ипотека ылбытыҥ быдан ордук. Куортамҥа да, ипотекаҕа да биир сууманы кутаҕыт. Ону сорох дьон өйдөөбөт, өйдүүр киһитэ өйдүүр. Куортамнаан олоруохтааҕар бэйэ, бас билэр дьиэлээх быдан ордук буоллаҕа дии...

-Киин куорат ханнык оройуонугар дьон талаһар буолла?

-Сүрүннээн 203-с микрооройуоҥҥа ыла сатыыллар уонна киин диэки, оскуолаттан чугас, холобур, 17-с оскуолаҕа, национальнай, классическай гимназиялар турар оройуоннары сэҥээрэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...