22.11.2023 | 17:50

Марина Герман: Саха сиригэр 106 тыһыынчаттан тахса оҕоҕо босуобуйа ананна

Марина Герман: Саха сиригэр 106 тыһыынчаттан тахса оҕоҕо босуобуйа ананна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2023 сыл сэтинньи 15 күнүнээҕи дааннайдарынан, Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биир кэлим босуобуйаны 106 323 оҕоҕо уонна 4 273 хат дьахтарга анаата. Ити сыалга уопсайа 14 052 847 721 солкуобай туһуланна. Бу туһунан Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Марина Герман иһитиннэрдэ.

«Биир кэлим босуобуйа 17 сааһын туола илик оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, дохуота муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт буоллаҕына ананар. Саха сиригэр ити кээмэй: бастакы зонаҕа (Арктическай зона оройуоннара) – 25 396 солкуобай; иккискэ – (киин улуустар уонна Дьокуускай куорат) – 21 272 солкуобай», – диэтэ кини.

Марина Герман санаппытынан, биир кэлим босуобуйа базовай кээмэйэ бастакы зонаҕа 13 197 солкуобай 50 харчыга тэҥнэһэр, ити оҕо олорор регионугар муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%-на.

Иккис зона биир кэлим босуобуйатын базовай кээмэйэ – 11 054,5 солкуобай (оҕо олорор регионугар муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%-на).

75%-наах суума, 50% кээмэйдээх босуобуйаны анаабыттарын үрдүнэн, дьиэ кэргэн дохуота муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт буоллаҕына төлөнөр. 75%-наах төлөбүр кэнниттэн алын кээмэйгэ дохуоттара син-биир тиийбэт буоллаҕына, 100% кээмэйдээх босуобуйа төлөнөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....