Марина Герман: 92,5 тыһыынча оҕоҕо биир кэлим босуобуйа ананна
Атырдьах ыйын 15 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр 92 586 оҕоҕо уонна 3 374 хат дьахтарга судаарыстыбаннай өйөбүл саҥа көрүҥэ ананна. Бу сыалга Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата 8 млрд 214 мөл. солк. ыытта, диэн Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Марина Герман иһитиннэрдэ.
Санатар буоллахха, саҥа босуобуйаны ыларга дьиэ кэргэн 12 ыйга, ол гынан баран сайабылыанньа биэриэх иннинэ биир ый иннинээҕи дохуота ааҕыллар. Ол эбэтэр 2023 сыл балаҕан ыйыгар сайабылыанньа биэрэр буоллахха, дьиэ кэргэн 2022 сыл атырдьах ыйыттан 2023 сыл от ыйыгар диэри дохуота учуоттанар.