02.11.2023 | 10:00

Марианна Андреева: «Баҕа санаабыт биир – интэринээппит саҥа дьиэлэнэрэ буоллар...»

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – В.И. Кононов аатынан Капитоновкатааҕы Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин медицинскэй чааһын сэбиэдиссэйэ Марианна Иннокентьевна Андреева. Кини – ыарахаттартан толлон турбат сытыы-хотуу, үлэтигэр бэриниилээх, аһыныгас сүрэхтээх киһи.
Марианна Андреева: «Баҕа санаабыт биир – интэринээппит саҥа дьиэлэнэрэ буоллар...»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Бэйэм туспунан

– Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм, онтон ийэм Екатерина Николаевна дойдутугар – Абый улууһугар көһөн, оҕо сааһым онно ааспыта. Ийэм бэйэтэ Абый Сыаганнааҕа. Инньэ гынан Белай Гораҕа уһуйааҥҥа сылдьыбытым, орто оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитим. Бииргэ улааппыт, үөрэммит доҕотторбун кытта билигин да ситиммитин быспаппыт, билсэ турабыт. Оскуоланы бүтэрбиппит быйыл номнуо отут сыла буолла. Онтон төттөрү куоракка көһөн кэлбиппит. Аҕам Иннокентий Егорович Макаров – Чурапчы улууһун Сылаҥа. Биһиги наһаа халыҥ аймахпыт. Онон Абыйбын да, Чурапчыбын да дэниэхпин сөп, барыларын кытта тэҥ үчүгэй сыһыаннаахпын.

Орто оскуоланы 1993 сыллаахха бүтэрэн баран, Саха судаарыстыбаннай университетын медицинскэй факультетыгар үөрэнэ киирбитим. Үөрэнэ сылдьан ыал буолан, оҕолонон академическай уоппускаланан, үөрэхпин 2001 сыллаахха бүтэрэн быраас дипломун ылбытым. Медицина өттүгэр икки идэлээхпин – лор бырааспын уонна тэрийээччи медикпин, итиэннэ педагог идэтин эмиэ баһылаабытым.

Бастакы үлэлээбит сирим – устудьуоннар поликлиникалара, итиннэ икки сыл лор-быраастаабытым. Онтон 11 сыл «водниктар» балыыһаларыгар – Уһук Илиҥҥи уокуруктааҕы медицинскэй кииҥҥэ сэбиэдиссэйдээбитим, бэйэм эмиэ ууну, өрүһү кытта сибээстээхпин – оҕо сааһым Индигиир өрүс биэрэгэр ааспыта. Биэс сыл аны ЯФАН балыыһатын медицинскэй чааһын начаалынньыгынан үлэлээбитим. Үс аҥаар сыл Кальвица 3 №-гэр Дьокуускай куорат медицинскэй киинигэр терапия сэбиэдиссэйэ этим. Билигин гериатрияҕа көһөн, Капитоновкатааҕы Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин медицинскэй чааһын сэбиэдиссэйэбин.

Бэйэм сөҕө, интэриэһиргии уонна күлэ саныыбын –  кирилиэһинэн тахсар курдук, бастаан эдэр оҕолору кытта үлэттэн саҕалаан, онтон орто көлүөнэни кытта үлэлээн баран сааһыран истэҕим аайы аны кырдьаҕас дьону кытта үлэлиир буоллум. Кырдьаҕас дьону кытта үлэлиир үчүгэйэ диэн саастаах дьоҥҥо хайдах сыһыаннаһары билэҕин, уопутураҕын. Саастаах төрөппүттэрдээх, аймахтардаах дьоҥҥо сүбэлиэм этэ, хайа сатанарынан хамсаныахтарын, олох сытынан кэбиһиэ суохтарын наада эбит. Биһиги кырдьаҕас эдьиийбит 85 саастаах, билиҥҥэ диэри наһаа түргэнник хаамар-сиимэр. Аҕабынан эбэм 94 сааһыгар диэри олорбута, эдьиийбитин 45 сааһыгар төрөппүт. Наһаа тэтиэнэх, барыны-бары билэр-көрөр, дьаһайар этэ, түөһэйбэккэ өйүн тута сылдьыбыта.

Кэргэним Баир Александрович Андреев мэхээньик-суоппар идэлээх. Сотору кэминэн эбээ-эһээ буолаары сылдьабыт, сотору «гендернэй вечеринка» тэрийиэхтээхпит. Идэбинэн туйахпын хатарар киһим – кыыһым Екатерина. Кини медицинскэй колледжы бүтэрбитэ, билигин медсиэстэрэнэн үлэлиир уонна мединститут маҥнайгы кууруһун устудьуона. Уолум Егор буҕаалтыр идэлээх. Кыра кыыһым Людмила Л. А. Колосова аатынан  33-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа 9-с кылааска үөрэнэр. Сүрүн үөрэҕин таһынан куораттааҕы Техническэй технологиялар кииннэригэр науканан дьарыктанар, космоһынан үлүһүйэр, чинчийэр. Быйыл Москва куоракка баран күрэххэ кыттан, дипломант аатын сүгэн кэллэ, Н.Э. Бауман аатынан Москватааҕы Судаарыстыбаннай техническэй университекка киирэр баҕа санаалаах. Оҕобутун лааҕырга биэрбиппит, онно кини космоһынан үлүһүйүүтэ саҕаламмыта. Итиннэ эмиэ итинник дьарыктаах оҕолору кытта билсэн, доҕордоһон, иккистээн эмиэ ол лааҕырыгар сылдьыбыта. Билигин Людмила бырайыак оҥоро сылдьар.

Үлэбэр ситиһиилэрбин наҕараадаларым кэрэһилииллэр. Ол курдук, СӨ доруобуйатын уонна киин куорат доруобуйатын харыстабылын туйгунабын. 2020 сыллаахха, Медкииҥҥэ үлэлии сылдьан Москваттан, Патриарх Кирилл аатыттан «За самоотверженный труд по борьбе с коронавирусной инфекцией» махталы – түөскэ анньынар бэлиэни туппутум. Өссө 2021 сыллаахха Арассыыйа Федерациятын Доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Михаил Альбертович Мурашко Махтал суругунан наҕараадалаабыта. Үлэлиир кэммэр медкиин терапияҕа салаата бары көрдөрүүнэн инники күөҥҥэ тахсарын ситиспитим.

Ирдэнэр усулуобуйа барыта баар

Билигин, этэн аһарбытым курдук, Капитоновкатааҕы Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин медицинскэй чааһын сэбиэдиссэйэбин. Үлэбин наһаа сөбүлүүбүн, күн аайы үөрэ-көтө тиийэбин. Интэринээт олохтоохторо наһаа күүтэллэр, үөрэ көрсөллөр. Биллэн турар, бары араас дьылҕалаах, тус-туспа майгылаах-сигилилээх дьон. Барыларыгар сөптөөх сыһыаны олохтуубут, биир тылы булабыт. Ол үлэбит сүрүн уратытынан буолар. Хас биирдии киһи бэйэтэ туспа устуоруйалаах – ким эрэ эдэр сааһыгар көрү-нары батыспыт, ким эрэ сыыһа-халты быһыыламмыт, ким эрэ ыар буруйу оҥорон хаайыыга хараллыбыт, ким эрэ кырдьар сааһыгар оҕолоругар наадата суох буолбут.

Үлэһиттэр социальнай уонна медицинскэй салааларга арахсабыт. Медицинскэй салааҕа икки быраас, үс биэлсэр, старшай медсиэстэрэ уонна икки сэбиэдиссэй баарбыт. Социальнай чааска сиэстэрэ-хаһаайкалар, социальнай үлэһиттэр, дезинфектордар, санитардар бааллар, бары наһаа түбүктээх үлэлээхтэр. Холобур, сытар дьоҥҥо иккилии чаас буола-буола уу бэриллиэхтээх. Билиҥҥи туругунан интэринээккэ 40-чаларыттан 93-гэр диэри саастаах 203 киһи олорор. Итинтэн билигин 196-та баар, сорохторо стационарга сыталлар, уоппускаҕа, санаторийга сынньана сылдьаллар.  Ким баҕалааҕы санаторийга, арыаллааччыны биэрэн туран, сынньата ыытааччыбыт. Билигин ковид дьаҥа эмиэ элбээн эрэринэн сибээстээн, итинник тэрээһиннэри арыый аҕыйаттыбыт.

Интэринээт олохтоохторо – оҕо саастарыттан инбэлииттэр, инсуллаабыт дьон, олигофрения диагнозтаахтар уонна көрөр-харайар киһитэ, олорор дьиэтэ-уота суохтар, ол иһигэр хаайыыга олоро сылдьыбыттар. Бары улахан көрүүнү-истиини, хонтуруолу ирдииллэр. Улахан эппиэтинэс медсиэстэрэлэргэ, санитардарга сүктэриллэр.  Биир хоско үстүү буолан олороллор, этэргэ дылы, сарсыарда ким хайдах настырыанньалаах уһуктуо биллибэт. Кыыһырсан да туран кэлэллэрэ ханна барыай, сороҕор кып-кыраттан иирсэллэр. Ким эрэ утуйуон, ким эрэ тэлэбиисэр көрүөн баҕарар, бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэһэллэр буоллаҕа. Ардыгар интэринээккэ саҥа киирбит киһи бэйэтин быраабылаларын олохтуу сатыыр. Барыларыгар болҕомто, истиҥ кэпсэтии, иирсээн тахсаары гыннаҕына ону намыратыы, уоскутуу ирдэнэр. Биһиги икки психологтаахпыт – клиническэй уонна социальнай, өссө психиатр баар. Баппат дьону учуокка ылабыт, кэтээн көрөбүт, бэсиэдэлэһэбит. Интэринээккэ психическэй ыарыылаах элбэх. Дьиҥэр, итинник ыарыылаах дьоҥҥо туспа интэринээт баара буоллар ордук буолуо этэ. Ыарыһах дьоммут ахсаанын ылан көрөр эбит буоллахха, бастакы миэстэҕэ инсуллаабыт дьон, иккискэ – психическэй ыарыылаахтар бааллар.

Хас биирдии хоско тэлэбиисэр баар, ону көрөн аралдьыйаллар. Интэринээппит иһинэн кулууптаахпыт, кэнсиэртэргэ, ол-бу тэрээһиннэргэ аналлаах сыаналаах. Социальнай үлэһиттэр онно олохтоохторго анаан араас тэрээһиннэри, кэнсиэртэри, үҥкүү киэһэлэрин тэрийэллэр, киинэ көрдөрөллөр. Олохтоохтору күҥҥэ биэстэ аһатабыт, астара тотоойу, иҥэмтэлээх. Аны менюну хас биирдии киһиэхэ туспа, доруобуйатын туругуттан көрөн оҥоробут, барытын учуоттуубут. Холобур, ким эрэ балыкка аллергиялаах буолуон сөп, биллэн турар, оннук киһиэхэ балыгы сиэппэппит. Наһаа ыраастык, чэбэрдик тутан олоробут, социальнай үлэһиттэр кинилэри мэлдьи сууйа-тарыы, бэрийэ сылдьаллар. Интэринээккэ ирдэнэр усулуобуйа барыта баар, ол курдук баанньык-прачка кэмбинээтэ, парикмахерскай үлэлииллэр. Ааҕалларын сөбүлүүр дьоҥҥо библиотекалаахпыт. Ким баҕалаах уонна доруобуйатын туругунан көрөн лечебнэй физкультуранан дьарыктанар, массаастанар, физиокэбиниэт баар, доруобуйаларын туругун тупсараары, иммунитеттарын үрдэтээри күн аайы туһалаах, эмтээх оттордоох фиточэйдэри оҥорон иһэрдэбит. Медиктэр дьоммут доруобуйатын хонтуруолга тута сылдьабыт, сэрэтэр үлэни ыытабыт, ыалдьыбыттары эмтиибит. Холобур, инсуллаабыт дьону, күүстээх чөлүгэр  түһэрии үлэтин ыытан, кэлээскэҕэ көһөрөбүт, онтон атахтарыгар туруорабыт, ходунокка тирэнэн хаамар буолаллар. Бу биһиэхэ, медиктэргэ уонна, биллэн турар, ыарыһахтарга улахан ситиһиинэн, үөрүүнэн-көтүүнэн буолар. Ити – медиктэр, массаастааччылар, лечебнай физкультура үлэһиттэрэ бары уопсай кыайыыбыт. Бииргэ үлэлэһэр дьоммор барыларыгар махталбын тиэрдэбин.

 

Ыал буолуу элбэх

  «Сопровождаемое жилье» бырагырааманан икки киһини иккис сылын туспа олордобут. Биллэн турар, кинилэри көрө-истэ, хонтуруоллуу сылдьабыт. Ол курдук, нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ тиийэн хайдах олороллорун көрөллөр, бэрэбиэркэлииллэр. Билиҥҥитэ наһаа үчүгэйдик дьаһанан, этэҥҥэ олороллор.

Интэринээппитигэр олорор дьон бэйэлэрин аналлаахтарын көрсөн ыал буолар түбэлтэлэрэ элбэх. Ол курдук, билигин хас даҕаны итинник дьиэ кэргэн баар, кинилэр бары туспа хостоохтор, ыалтан туох даҕаны итэҕэһэ суох бэринэн-тэринэн олороллор. Кинилэр хосторугар киирдэххэ, отой дьиэ дьиэнэн, киһи кута-сүрэ тохтуур. Наһаа үчүгэй ыаллар бааллар, холобур, Сурковтар, Хаснутдиновтар, Егоровтар, Макаровтар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин көрөллөр-истэллэр, өйөһөллөр-өйдөһөллөр, быр-бааччы олороллор.

Быраҕыллыбыттар, кинилэртэн аккаастаммыттар...

Хомойуох иһин, кистэл буолбатах, үгүс интэринээккэ олорооччулар аҥаардас буолбатахтар, оҕолоох-уруулаах дьон. Сорохтору оҕолоро кэлэн көрсөллөр. Аны саамай киһи сөҕүөҕэ – быраҕыллыбыт төрөппүттэр оҕолоро кэлэллэригэр биэнсийэлэрин сыыһын мунньаллар уонна биэрэн ыыталлар. Кырдьар саастарыгар төрөппүттэрин манна аҕалан туттараллар. Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн курдук, биһиэхэ эмиэ  «Аһымал салаата» («Отделение милосердия») диэн баар. Онно 203 киһиттэн 80-на олорор. Ити – илиитэ-атаҕа суох, бэйэлэрин кыайан көрүммэт буолбут доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон. Үгүс киһи аһыы утахха умсан, арыгылааһын содулунан итинник турукка киирэн сылдьар. Илиилэрин-атахтарын үлүппүт дьон эмиэ бааллар. Киһи аһыныах, хомойуох, «Аһымал салаатыгар» наһаа эдэр дьон суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыталлар. Холобур, биир 1982 сыллаах инсуллаабыт кыыс сытар, кинини Иркутскайтан аҕалбыттара. Ийэтэ кэлэн көрсөн барбыта. Өссө «Ветеранское крыло» диэн баар, онно кырдьаҕас, кыаммат дьон олороллор. Итиннэ сүрүннээн оҕолоро аккаастанан аҕалан туттарбыттар бааллар, кинилэр элбэхтэр.

 

Сүтэрсибит дьон булсаллара ордук долгутуулаах

Өссө биир кэпсиэхпин баҕарар түгэним – сүтэрсибит дьону, аймахтары буларга көмөлөһүү. Ол курдук, социальнай үлэһиттэрбит 10-15 сыл устата сүтэрсэн сылдьыбыт дьону көрдөөн булаллар, быстыбыт ситими салгыыллар. Аймахтар, чугас дьон көрсүһэллэригэр диэн туспа хостоохпут. Инньэ гынан уһун сылларга сүтэрсэн баран булсан харах уулаах, “бырастыы гын” диэн көрдөһүүлээх долгутуулаах көрсүһүүлэр буолаллар. Социальнай үлэһиттэрбит отой маладьыастар, ити кинилэр сыралаах үлэлэриттэн тахсар. Биир тылынан наһаа наадалаах уонна хайҕаллаах дьыаланы оҥороллор. Ити түмүгэр сорох дьону интэринээттэн көһөрөн илдьэ бараллар, сорохтор сибээстэрин быспакка билсэ тураллар.

Хаһыат ааҕааччыларыгар туһаайан эттэххэ, «ВКонтакте» социальнай ситимҥэ «Капитоновский дом-интернат» диэн бөлөх баар, онно киирэн, баҕар, ким эмит аймахтарын булуон сөп. Сүтэрсибит дьон элбэхтэр ээ.

 

Талааннаахтары таба көрөн

Ковид пандемията саҕалана илигинэ дьоммутун киинэҕэ, кэнсиэртэргэ, араас тэрээһиннэргэ сырытыннара сатааччыбыт. Социальнай үлэһиттэр интэринээт олохтоохторун ортотуттан талааннаах дьону буланнар араас тэрээһиннэргэ кытыннараллар – ким ыллыыр-туойар, ким үҥкүүлүүр, ким хомустуур. Манна даҕатан эттэххэ, интэринээккэ араас талааннаах дьон наһаа элбэх. Холобур, Герман Никитин диэн иистэнньэҥ киһи баар. Киниэхэ грант оҥоруохпутун наһаа баҕарабыт, бэйэтигэр иистэнэр массыына ылынан, сөбүлүүр идэтинэн дьарыктанарын курдук. Билигин кыралаан иистэнэр, таҥастары кылгатан биэрэр. Герман өссө наһаа үчүгэйдик ыллыыр. Өссө ырыаһыттар, худуоһунньуктар бааллар. Быйыл биир худуоһунньукпутугар быыстапка арыйдыбыт. Александр Брагин диэн киһи атах таҥаһын оҥорор, баайар. Ити курдук наһаа көхтөөх, барыга бары кыттан иһэр дьоннордоохпут. Биллэн турар, ити эмиэ киһи майгытыттан-сигилититтэн тутулуктаах, сорохтор тэтиэнэх, үчүгэй туруктаах буолан баран туохха да кыттыахтарын баҕарбаттар, сытан тахсаллар. Ханна баҕарар итинник дьон баар буолар буоллаҕа.

Көмө хаһан баҕарар наада

Урукку сылларга интэринээт бэйэтэ кэтэх хаһаайыстыбалаах –  сибиинньэлэрдээх, оҕуруоттаах эбит. Хомойуох иһин, пандемия саҕаланыаҕыттан ити тохтоон турар. Быйыл сайын тэпилииссэ туппуппут, матырыйаалын бэйэбит харчы кыттыһан атыыласпыппыт. Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, ону-маны мээнэ атыылаһарбыт көҥүллэммэт. Хаһыат нөҥүө биһиэхэ итинник түгэннэргэ көмөлөһөр спонсордар бааллара буоллар диэн баҕа санаабытын тиэрдиэхпин баҕарабын. Холобур, киинэ көрдөрөргө биһиэхэ проектор наада. «Сахафильм» биһиэхэ сахалыы киинэлэрин биэрэн көрдөрүөх буолбута. Олохтоохтор ахсааннара элбэх буолан, остуол оонньуулара тиийбэт. Шефтэһэр тэрилтэлэрбитин этэр буоллахха, Художественнай уонна Дизайн колледжтарын кытта дуогабардаһан үлэлиибит, кинилэр биһиэхэ хартыыналарын бэлэхтииллэр. Өссө парикмахердар кэлэн баттах кырыйаллар, оҥороллор. Биллиилээх стилист Василий Афанасьев кэлэн тыҥырах оҥорон, кэрэ буоларга көмөлөһөн, сүбэлээн-амалаан барбыта, киниэхэ махталбыт улахан. ХИФУ-ну кытта дуогабар оҥорсо сылдьабыт. Устудьуоннар биһиэхэ кэлэн дипломнай үлэлэрин чэрчитинэн, холобур, физкультурниктар «адаптивнай» физкультуранан дьарыктаан бараллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.  

 

Дьиэбит олус эргэрдэ...

Быйыл от ыйыгар Нам улууһуттан биһиэхэ 11 киһини аҕалан кылгас болдьоххо олордубуттара. Тоҕо диэтэххэ, Намҥа «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн 65 миэстэлээх саҥа интэринээт-дьиэ тутулла турар, сотору үлэҕэ киириэхтээх. Саҥа интэринээт олус үчүгэй оҥоһуулаах, тупсаҕай усулуобуйалаах. Эбийиэк тутуллар кэмигэр интэринээт олохтоохторун араас сирдэринэн тарҕатан олордоллор.

Намнааҕы интэринээт-дьиэ тутулларыгар наһаа ымсыырдыбыт диэххэ наада. Биһиги интэринээппит Миниистирдэр сэбиэттэрин уурааҕынан Капитоновка сэлиэнньэтигэр 1971 сылтан үлэлиир. Дьиэбит эргэрдэ, усулуобуйабытын тупсарыахпытын, саҥа дьиэлэниэхпитин наһаа баҕарабыт. Холобур, кыаммат кырдьаҕастар, инбэлииттэр сылдьалларыгар лифт тыын суолталаах, онтубут да эргэрэн куһаҕаннык үлэлиир.  Биһиэхэ атаҕа суох, кэлээскэлээх, куһаҕаннык хаамар киһи наһаа элбэх. Дьиҥэр, Капитоновкатааҕы Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ уһун сыллар тухары үчүгэй үлэлээҕинэн биллэбит. Биһиэхэ оннооҕор сытар ыарыһахтар хаһан даҕаны «пролежень» буолбаттар, бары олус үчүгэй көрүүгэ-харайыыга сылдьаллар. Биһиэхэ билигин 15 сытар ыарыһах баар.

Урукку өттүгэр сылга отуттан тахса киһи олохтон туоруур эбит буоллаҕына, былырыыҥҥы көрдөрүүбүт 17-18 этэ. Онон киһи өлүүтэ аҕыйаата диэн үөрэбит. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги Москва куораттааҕы «Старость в радость» аһымал пуондатын кытта үлэлэһэбит, кинилэр интэринээппитигэр наһаа көмөлөһөллөр, өйүүллэр. Биһиги кинилэр пилотнай бырайыактара буолабыт. Куорпустарга, биллэн турар, өрөмүөн оҥоһуллар, ол эрэн эргэ дьиэ аата син биир эргэ буоллаҕа. Инньэ гынан кэлэктииппит, интэринээт олохтоохторо саҥа дьиэ тутулларын ыра санаа оҥостон наһаа күүтэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...