Марха уонна «Сатал» түргэн интернеккэ холбоннулар
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр 1-гы №-дээх Марха орто оскуолатын аактабай саалатыгар Марха дьоҕус оройуонугар уонна «Сатал» СОНТ сибээс волоконнай-оптическай ситимигэр (ВОЛС) үөрүүлээх быһыыга-майгыга холбоноллорун үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. Бүгүҥҥү күҥҥэ 237 км ситим 9 689 дьиэлэри хабар. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ киин куорат баһылыга Евгений Григорьев, баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова, 1-гы №-дээх Марха орто оскуолатын дириэктэрэ Мария Стручкова, «Диапазон» ХЭТ сайдыыга дириэктэрэ Евгений Филиппов, ЦЭС кылаабынай инженерэ Михаил Варейкис уонна дьоҕус оройуон олохтоохторо кытыннылар.
Сибээс волоконнай-оптическай ситимин тутуутун СӨ Ил Дархана Айсен Николаев нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарар сүрүн миэрэлэртэн биирдэстэринэн бэлиэтээбитин куорат баһылыга эттэ.
«Төһө да бырайыак рентабельноһа намыһаҕын иһин бэдэрээччик «Диапазон» ХЭТ кытта дуогабардаһан, олохтоохторго куорат киинигэр курдук тариф оҥоттордубут. Итини таһынан, сибээс оператора мин көрдөһүүбүн ылынан, 186 элбэх оҕолоох уонна тиийиммэт ыалга сыл бүтүөр диэри 50% чэпчэтии оҥоһулунна», – диэтэ Евгений Григорьев уонна «Якутскэнерго» ПАУо, «Горсвет» МУТ уонна бары бырайыак олоххо киирэригэр үлэлэспит дьоҥҥо махталын тириэртэ.
Марха олохтоохторо түргэн интэриниэт киллэрбиттэрин иһин Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа истиҥник махтаннылар. 1-гы №-дээх Марха орто оскуолатын дириэктэрэ Мария Стручкова дьоҕус оройуон тэтимнээхтик сайдарын бэлиэтээтэ. «Бүгүн биһиги дьоҕус оройуоммутугар историческай суолталаах түбэлтэ буолла. Миэхэ, салайааччы киһиэхэ, биһиэхэ болҕомто уураллара уонна көмөлөһөллөрө үөрдэр. Былырыын дистанционнай көрүҥүнэн үөрэнэр эрдэхпитинэ сорох ыал интернеккэ холбонор кыахтара суох этэ», – диир дириэктэр.
«Диапазон» ХЭТ сайдыыга дириэктэрэ Евгений Филиппов хампаанньа партнера «ТрансТелеКом» буоларын бэлиэтээтэ. «Сүрүн сорукпут Дьокуускай киинигэр баар сыананы кытта тэҥник тутуу этэ. «ТрансТелеКом» икки сүрүн тарифтаах – сөкүүндэҕэ 70 мегабит – 1500 солк. уонна сөкүүндэҕэ 100 мегабит - 2400 солк. Итини таһынан, ыйга 950 солк. тариф баар. Үс күн иһигэр холбуубут», – диир салайааччы.
Манна даҕатан эттэххэ, сибээс волоконнай-оптическай ситимэ быйыл сэтинньи ыйга Хатас сэлиэнньэтигэр, ахсынньы ыйга Үрүҥ күөлгэ баар дьиэлэргэ уонна Хатыҥ-Үрэх шоссетыгар, 2022 сылга Кангалааска, Тулагыга, Табаҕаҕа, Сайсары уонна Автодорожнай уокуруктарга киириэхтээх.