Марха түргэн интернеккэ холбонно
«Ростелеком» Марха микрооройуонугар 210 дьиэни аныгылыы GPON технологиянан түргэн интернеккэ холбоото. Провайдер былаанынан сыл бүтүөр диэри 3500 дьиэҕэ опто-волоконнай сибээс киириэхтээх.
«Биһиги оптическай инфраструктура Саха сирин ыраах муннуктарыгар эрэ буолбакка, Дьокуускай тас өттүгэр тутарга эмиэ улахан болҕомтону уурабыт. Сибээс көрүҥүн саҥардыы түргэн буолбат. Барыта былаан быһыытынан уонна сүрүнэ хаачыстыбалаахтык оҥоһуллар. Холобур, Уһук Илиҥҥэ биир бастакынан Марха микрооройуонугар 2016 сыллаахха киэҥ хабааннаах (БШПД) интернет ситимин холбообуппут. Ити үлэ түмүгэр Марха олохтоохторо 10 Мбит/с. түргэннээх интернеккэ холбонор кыахтаммыттара. Оттон билигин GPON технология көмөтүнэн интернет түргэнэ 100 Мбит/с. тиийиэҕэ. Ол аата уруккутунааҕар 10 төгүл түргэтээн биэрэр», — диэн кэпсээтэ ПАО «Ростелеком» филиала «Сахателеком» дириэктэрэ Константин Войтеховскай.
Былырыын «Ростелеком» GPON технологиянан түргэн интернеккэ Маҕан, Табаҕа уонна Хатас сэлиэнньэлэригэр 3000-тан тахса дьиэҕэ, ону тэҥэ Дьокуускайга Сэргэлээх суолун 8-9 км, Хатыҥ Үрэх суолун 7 км, Покровскайдыыр суол 8 км уонна Сайсары уокуругар холбообуттар.
Аныгы оптическай инфраструктура көмөтүнэн нэһилиэнньэ 100 Мбит/с тиийэр түргэн интернеккэ уонна да атын өҥөлөргө холбонор кыахтанна. Куорат таһынааҕы сирдэргэ оптическай ситимнэри кэҥэтии «Ростелеком» сүрүн үлэтиттэн биирдэстэрэ буолар.