Марха дьоҕус оройуонугар гаас ситимин тардыы салҕанар
Бу туһунан «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.
Үлэ түмүгүнэн Марха дьоҕус оройуонун Московскай уулуссатын олохтоохторо гаас ситимигэр холбонуохтара.
«Гаас ситимин тардыы атырдьах ыйын бүтүүтэ түмүктэниэхтээх. Балаҕан ыйыгар хайыы-үйэ дьиэ иһигэр гаас ситимэ киириэҕэ. Барыта 4,5 км кэриҥэ ситим тутуллуоҕа. Ити курдук, быйыл социальнай бырагырааманан Московскай уулусса олохтоохторун гаастааһыны болдьоҕун иннинэ түмүктүөхпүт», - диэн иһитиннэрдэ Алексей Колодезников.
Гаас киириэр диэри бу уулусса олохтоохторо дьиэлэрин маһынан оттунан олорбуттара. Билигин 22 ыал социальнай гаастааһыҥҥа сайабылыанньа биэрбиттэр, кинилэри кытта дуогабар түһэрсиллибит.
Урукку сылларга араас биричиинэнэн гааска холбонуу табыллыбакка турбут. Кыһалҕаны быһаарарга «Сахатранснефтегаз» бэдэрээтчитин «ЛенаГаз» ХЭТ үлэлэттэ.