Мархаҕа чааһынай инвестор уопсастыбаннай баанньыгы арыйда
«Ааспыт сыл атырдьах ыйыгар суударыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн концессионнай сөбүлэҥи түһэрсибиппит. Ол быһыытынан куорат инвесторга урукку «Факел» маҕаһыын быраҕыллыбыт дьиэтин биэриэхтээх, оттон инвестор бу дьиэни чөлүгэр түһэрэн, нэһилиэнньэҕэ олус наадалаах эбийиэги үлэлэтиэхтээх диэн этэ. Маны сэргэ биһиги нэһилиэнньэ кэккэ араҥаларыгар чэпчэтиилэри олохтууру кэпсэппиппит. Оттон бүгүҥҥүттэн бу эбийиэк Марха, «Севернай» кыбаартал, «Сатал» түөлбэ олохтоохторун биир сөбүлүүр миэстэлэрэ буолар аналын толорон саҕалаата. Саха сирин курдук тымныы дойдуга баанньык суолтата тугунан да кэмнэммэт. Бу үтүө бачыыны холобур оҥостон, куораппытыгар элбэх маннык баанньыгы тутуохпутун наада»,– диэтэ Евгений Григорьев.
Ил Түмэн дьокутаата Павел Петров тутуу кэмигэр элбэх уустугу көрсүбүттэрин, ол да буоллар эбийиэк кэмигэр үлэҕэ киирбитин бэлиэтээтэ. Марха олохтооҕо Николай Баишев бу олус суолталаах эбийиэги олоххо киллэриигэ кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махтанна.
«Бизнес Инфо» ХЭТ салайааччыта Петр Федотов бырайыак олоххо киириитигэр тирэх буолбут Олохтоох дьаһалтаҕа, чуолаан куорат баһылыга Евгений Григорьевка махталын биллэрдэ.
Санатар буоллахха, саҥа баанньык уопсайа 2123 кв. и иэннээх икки этээстээх дьиэҕэ үлэлиир, оттон бырайыагы олоххо киллэриигэ 130 мөл. солк. үп туһаҕа тахсыбыт. Концессионнай сөбүлэҥ болдьоҕо – 35 сыл.
Бэлиэтээн эттэххэ, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрэ уонна 7-гэр диэри саастаах элбэх оҕолоохтор босхо сууналлар, 1,2 группалаах инбэлииттэр уонна 8-тан 14-гэр диэри саастаах элбэх оҕлоохтор – 50% чэпчэтиилээх, байыаннай дьайыылар кыттыылаахтара уонна биэнсийэлээхтэр – 30% чэпчэтиилээх.
Баанньык аадырыһа: Марха бөһүөлэгэ, Маҕан трагын 2 км, 7/6, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата