10.08.2022 | 18:00 | Просмотров: 785

Мархаҕа бассейннаах спорткомплекс аһыллыаҕа

Бүгүн, атырдьах ыйын 10 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ премьера Андрей Тарасенко спорткомплекс тутуутун бэрэбиэркэлээтэ диэн СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс бассейннаах уонна катоктаах буолар.

«Улахан спортивнай комплекс буолуохтаах, манна билигин тренердэртэн саҕалаан араас исписэлиистэргэ тиийэ үлэһиттэр наадалар, холобур, катогунан дьарыктанааччылар. Дьокуускайга муус дыбарыаһыгар итинник үлэһиттэр бааллар, ол эрэн саҥа комплекска туспа үлэһиттэр наадалар. Ити боппуруоһу Спорт министиэристибэтин уонна куорат салалтатын кытта быһаарыахпыт», – диэтэ Андрей Тарасенко.

Тутуу үлэтэ график быһыытынан баран иһэр, сотору кэминэн катогу тымныынан хааччыйар тэрил туруоруллуохтаах.  Катогу сэргэ икки бассейн, эрчиллэр саалалар баар буолуохтара.

«Ый иһигэр бэдэрээтчиктэр тутар-таҥар үлэни бүтэриэхтээхтэр, онтон эбийиэги докумуоннааһын ыытыллыаҕа.  Комплекс күһүн аанын тэлэччи аһыаҕа диэн эрэнэбит. Андрей Владимировичтыын Физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс хааччыйааһынын уонна төһө үлэһиттээх буолуохтааҕын дьүүллэстибит», – диэн телеграм-ханаалга куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.