25.08.2021 | 10:44

Мархаҕа балаҕан ыйыгар түргэн интэриниэт киирэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Марха дьоҕус оройуона балаҕан ыйын 1-гы күнүгэр волоконнай-оптическай ситимҥэ холбонор, онтон 2022 сылга түргэн интэриниэтинэн куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар Кангалаастан саҕалаан Табаҕаҕа тиийэ хааччыллыахтара. Ол туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев СӨ Баһылыгын Укааһын бырайыагар киирбит киин куорат 2022-2032 сыллардааҕы социальнай-экономическэй сайдыытын стратегиятын дьүүллэһии чэрчитинэн Марха дьоҕус оройуонун олохтоохторун кытта көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ. 
Марха олохтоохторун бүгүҥҥү күҥҥэ уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын саҥа бырайыага оҥоһуллар уонна сылаас тохтобуллар туруоруллар сонуннара үөртүлэр.  2025 сылга диэри 9 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 3 саҥа эбийиэк тутуллуохтаах, спортивнай балаһааккалар оҥоһуллуохтаахтар. 
«Хас биирдии уокурукка, куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга куорат сайдыытын былаанын бииргэ чопчулуурга олохтоохтор санааларын, кинилэри туох долгутарын истээри көрсүһүүлэри тэрийэбит. Эһиги көмөҕүтүнэн, этиилэргитин учуоттаан, Дьокуускай 400 сылын дьоһун уларыйыылардаах көрсүөхпүт. Дьокуускай холобур буолар хотугу куорат буолуохтаах, атын куораттар биһиэхэ тэҥнэһэ сатыахтаахтар», – диэтэ  Евгений Григорьев.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2019 сылтан Марха дьоҕус оройуонугар 10 км кэриҥэ өрөмүөннэммит уонна 2 муостанан туорааһын оҥоһуллубут. Быйыл 6 км курдук уһуннаах Советскай, Олег Кошевой, Заводской, Интернациональнай уулуссалара өрөмүөннэнэр.  Кэлэр сыл былааныгар Мархинскай  уулусса өрөмүөнэ киирбит. 
Былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ, уулуссаны сырдатыы тирээбиллэрин туруоруу 4 төгүл элбээбит. Уулуссаны сырдатыыга 2019 сылга 8 мөлүйүөн солкуобай, оттон быйыл 78 мөл солкуобай көрүллүбүт. Быйыл Интернациональнай, Набережнай, Севернай уулуссаларга саҥа сырдатар лаампалары туруоруу былааннанар. Үс сыл иһигэр 326 сырдатыы тирээбиллэрэ туруохтаахтар. 
Киин куорат 2022-2032 сылларга социальнай-экономическай сайдыытын чэрчитинэн Марха дьоҕус оройуонугар 3 улахан эбийиэк тутуллара былааннанар. Севернай дьоҕус оройуоҥҥа 990 миэстэлээх оскуола, ВЭБ.РФ судаарыстыбаннай корпорация кытта бырайыак чэрчитинэн кадеттар оскуолалара уонна 450 миэстэлээх оҕо уһуйаана  тутуллуохтара. 
Марха дьаһалтатын кытта тутуллуохтаах спорт балаһааккаларын 5 аадырыһа чуолкайдаммыт.  «Ити аадырыстары олохтоохтор бэйэлэрин көрүүлэринэн уларытыахха сөп. Сылын аайы саҥа воркауттары тутарга бүддьүөттэн 1 мөлүйүөн солкуобай көрүөхпүт. Сылаас тохтобуллары ханан туруортараргытын олохтоох дьаһалтаны кытта бэйэҕит быһаарыаххытын сөп», – диэтэ  Евгений Григорьев,олохтоохторго туһаайан.
Көрсүһүүгэ этиллибитинэн, 18 куорат уопсастыбаннай тырааныспарын сырыытыгар 4 % эрэ саҥа. Бүгүҥҥү күҥҥэ муниципальнай оптуобустар бары кыбартаалларга  тиийбэттэр. 
«Бүгүн саҥа оптуобус сырыытын схематын оҥорор уонна эбии 100 оптуобуһу ылар соругу туруорабыт. Бастакы уочарат, куорат иһигэр муниципальнай сырыылары саҥардыы буолуоҕа. Холобур, «Саталга» тырааныспар тиийэр кыһалҕата турар, Севернайга эмиэ итиннки кыһалҕа», – диэн бэлиэтээтэ баһылык.
Билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга сылаас уопсастыбаннай туалеттары тутуу уонна туруоруу бырайыага үлэҕэ киирэн эрэр. 
«Куорат киин өттүттэн саҕалыыр былааннаахпыт, сылаас туалеттары туруорарга 39 сири буллубут. Бастакы эбийиэктэри бу күһүн үлэҕэ киллэриэхпит», – диир  Евгений Григорьев.
Марха олохтоохторо куорат баһылыгыттан сир учаастактарын биэрии, баһылык граннарын, территорияны тупсарыыга субсидиялар, Олег Кошевой скверин өрөмүөнүн, оскуолалар уонна оҕо уһуйааннарын территорияларын тупсаран оҥоруу, саҥа култуура киинин тутуу туһунан ыйыталастылар. Бары ыйытыктарыгар толору хоруйу ылан олохтоохтор куорат баһылыга Евгений Григорьевынан сирэйдээн Уокуруктааҕы дьаһалта ыытар үлэтин иһин махтаннылар. 
Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүгэ баһылык солбуйааччылара, структурнай салаалар уонна муниципальнай тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...