20.10.2022 | 16:00

Мархаҕа 90-тан тахса дьиэ гаас ситимигэр холбонно

Дьокуускай куорат территориятыгар социальнай гаастааһын бырагырааматынан олорор дьиэлэр гаас ситимигэр тэтимнээхтик холбоноллор. Ол курдук, бу күннэргэ Мархаҕа Московскай уул., 44 уонна 65 чааһынай дьиэлэригэр гаас киирдэ диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Мархаҕа 90-тан тахса дьиэ гаас ситимигэр холбонно
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Марха дьоҕус оройуонун дьаһалтатын баһылыга Николай Ксенофонтов информациятынан, гаас ситимигэр 91 дьиэ холбонно.

«Билиҥҥи туругунан, Мархаҕа 69 дьиэ гааһы ыыталларын күүтэр. 52 дьиэҕэ тутар-таҥар үлэ бара турар», - диэтэ Николай Ксенофонтов.

Бу иннинэ Московскай уулусса дьиэлэригэр техническэй биричиинэнэн гааһы холбууртан аккаастаммыттар. Былырыын олохтоохтор кыһалҕаларын «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчиковаҕа эппиттэр. Ити кэнниттэн хамсааһын тахсан, регионнааҕы бырагыраамаҕа уларытыылар киирбиттэр.

Быйыл Московскай уулуссаҕа 4,5 км кэриҥэ гаас ситимин тутан дьиэлэри холбуу сылдьаллар.

«Сахатранснефтегаз» АУо старшай маастара Иннокентий Гуляев эппитинэн, 2022 сылга Дьокуускайга 768, эрдэ түһэрсиллибит дуогабардарынан 1154 дьиэ гаас ситимигэр холбоноро былааннаммыт.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ социальнай гаастааһын бырагырааматынан 335 дьиэни холбоотубут. Күн аайы 10-15 дьиэҕэ гааһы холбуур соругу туруорабыт. Олохтоохтору кытта үлэ көхтөөхтүк барар, этиллибит болдьоҕор холбуубут. Ахсынньы ыйга диэри былааны аһара толорорбут буолуо дии саныыбын», - диэтэ Иннокентий Гуляев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....