04.03.2024 | 15:30

Мархаҕа 2027 сылга диэри оскуола, оҕо саада, спорт оскуолата курдук бөдөҥ социальнай эбийиэктэр баар булуохтара

Мархаҕа 2027 сылга диэри оскуола, оҕо саада, спорт оскуолата курдук бөдөҥ социальнай эбийиэктэр баар булуохтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Марха бөһүөлэгин олохтоохторун иннигэр 2023 сыл социальнай-экономическай түмүктэрин, 2024 сыл былааннарын туһунан Олохтоох дьаһалта отчуотун баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова кулун тутар 1 күнүгэр иһитиннэрдэ.

Наталья Романовна отчуокка мустубут нэһилиэнньэҕэ 2019 сылтан олоххо киллэриллэр «Үөрэхтээһин», «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар», «Демография», «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ», «Култуура» нацбырайыактар хаамыыларын, дойду баһылыга Владимир Путин өйөбүлүн ылбыт маастар-былаан туһунан кэпсээтэ, ол чэрчитинэн бүгүн Дьокуускай куоракка историяҕа суох элбэх оскуола уонна спорт эбийиэгэ тутулларын бэлиэтээтэ.

Чуолаан Марха бөһүөлэгэр «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» нацбырайыагынан 2023 сылга Можайскай уулуссатын Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри кэрчигин уларытан тутуу саҕаламмыт, «Севернай» кыбаартал уулуссаларын (1-кы түһүмэх) хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллар. Ярославскай уулуссатыгар уот тардыллыбыт.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи хаарбах дьиэттэн көһөрүү аадырыстаах бырагырааматынан 68 кыбартыыраттан 200 киһи көһөрүллүбүт, «1000 тиэргэн» бырагырааманан Маҕан трагын 2 км, 1-3 аадырыстаах дьиэ тиэргэнигэр тупсарыы үлэтэ ыытыллыбыт.

Быйыл, 2024 сылга, Можайскай уулуссатын саҥардан тутуу түмүктэнээри турар, «Севернай» кыбаартал (2-с түһүмэҕэ) уонна Мелиоратордар уулуссаларын хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланаллар.

«Севернай» кыбаарталга 2026 сылга 550 миэстэлээх оскуола уонна 360 миэстэлээх оҕо саада баар буолуохтара, оттон 2027 сылга 800 миэстэлээх оҕо спорт оскуолата арыллыаҕа. Чугастааҕы былааннарга Газовиктар уулуссаларыгар оҕо саадын тутуу, Строд уул., 10/3А, Заводская уул., 20/1 тиэргэннэрин өрөмүөнэ тураллар.

Отчуот кэнниттэн үгэс курдук олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдааһын буолла. Ол курдук, нэһилиэнньэ Мархаҕа култуура дьиэтэ, МФЦ арыллалларын, Мархинка үрэххэ муоста тутуутун, ыраастааһын наадатын туруорсар, уулуссалары сырдатыы, сылаас тохтобуллары тутуу, сорох тохтобуллары көһөрүү, дьэллик ыттар, уунан, уотунан хааччыйыы, көҕөрдүү үлэтин кыһалҕалара эмиэ болҕомто киинигэр турдулар.

Түөлбэ олохтоохторо маны сэргэ тротуар, суоллары грейдердээһин, үрдэтии наадатын ыйдылар, Кирзавод оройуонугар ууну араарыы элбээбитин  интэриэһиргээтилэр. Маҕан кылабыыһатыгар олбуору тутарга, храм утары турар умайбыт дьиэни көтүрэргэ, саҥа тутуллубут уопсастыбаннай баанньыкка пандус оҥорорго көрдөстүлэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....