22.05.2021 | 09:14

Марафон уонна биһиги

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Урут Дьокуускайга марафоҥҥа өрөспүүбүлүкэ чемпионата саҕаланыыта-бүтүүтэ Орджоникидзе болуоссатыгар буолара.

Киһи бөҕө түмсэрэ. ГАИ-лар аартыктарга массыына сырыытын бүөлүүллэрэ, улуйар сиреналарынан, улаатыннарар саҥаларынан бэрээдэги көрөөччүлэр, судьуйалар, милииссийэлэр ыһыылара–хаһыылара сатараан олороро. Рациянан бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэллэрин  ким хаһыс км, хас бириэмэнэн ааспытын биллэрэллэрин долгуйа күүтэрбит. Биэтэккэ кэлээччилэри уруйдуу–айхаллыы көрсөрбүт.

Кэлин марафонецтарбыт аатырдылар аҕай, ол эрээри хайа да куораппытыгар-бөһүөлэкпитигэр оннук уулуссаны аймыыр сүүрүү ыытыллар дуораана иһиллибэт.

 

Саха уһунньут

Ол да буоллар уһуну сүүрээччилэри аһынабын. Афиныга Татьяна Жиркова Олимпиада-2004 күрэхтэһиилэрин көрөөрү, сарсыарда эрдэ туран, киэһэ хойут сүүрэ сылдьар буолара. Улахан сбордарга өҥүрүк куйааска да, томороон тымныыга да марафонецтар эрчиллиигэ күн аайы 50-чэ км сүүрэллэр. Оннук дьулуһуунан  100 км уонна сууккаҕа сүүрүүлэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы улахан кыайыылар кэлбиттэрэ. Хас да киһи “международник” аатын толорбута. Татьяна Жиркова 100 км аан дойдуга үс төгүл бастаан, РФ үтүөлээх маастара буолбута.

Мин ол инниттэн сүрүн болҕомтону олимпийскай көрүҥҥэ – классическай марафоҥҥа (42 км. 195 м) ууруохха баара диирим. Тэҥҥэ сырсааччылар, тилэх уопсааччылар баар буоллахтарына, Олимпиадаҕа да тахсыахпытын сөбүн быһаара сатыырым. Ол санаа кэнники үчүгэй манежтар тутуллан, кадрдар бэлэмнэнэн, уопутуран истэхтэрин аайы күүһүрэр. Ону Сардаана Трофимова Арассыыйаҕа хаста да бастаан, олимпийскай нормативы толорон, бигэргэттэ.

Сардаананы өрө тутан, улахан түһүлгэ тэрийиэххэ

Сүүрүүгэ спортсменнары кытта доруобуйа тупсарынаары, ыйааһын түһэринээри, санаа түһүүтүттэн аралдьыйаары эрчиллээччилэр эмиэ киирэллэр. Бэйэлэрин туруктарын көрүнэн, хаһан баҕарар туорууллара көҥүл. Марафон аан дойдутааҕы ассоциацията 212 дойдуга уопсастыбаннай тэрилтэлээх (Ити футболлааҕар үс дойдунан элбэх. Бэрэстэбиитэлистибэтин ахсаана ХНТ-ҕэр 20 судаарыстыбанан ордук).  

Кэнники уон сылга марафоннарга кыттааччы ахсаана икки төгүл эбиллибит. Быйыл ыам ыйын саҥатыгар Казань марафонугар 29 дойдуттан, Арассыыйа 67 регионуттан 26 тыһыынча киһи стартан туруммута. Омуктар аан дойдутааҕы улахан марафоннарга үрдүк көрдөрүүлээхтэри эбэтэр 2000—5000 долларга тиийэ аһымалга (благотворительноска кыттыбыттары, оннук соруктаах лотереялары атыыласпыттары) эрэ киллэрэллэр. Ол үрдүнэн бырааһынньыктыы ШОУ оҥорон бу пандемия кэмигэр да кыттааччы эбиллэр. Саамай топ-марафоннарга 30-ча тыһыынча, оннооҕор элбэх да кыттааччы старка турар. Кинилэртэн уонна ардыгар 500-чэ тыһыынчаҕа чугаһыыр көрөөччүлэртэн элбэх киһи  араас чаҕылхай маскарад көстүүмнээх, мааскалаах сүүрэллэрин быыһыгар циркачтардыы артыыстаан дьону-оҕону күллэрэллэр-үөрдэллэр. Санааҥ эрэ, аан дойдуга 800-чэ марафон, онтон 50-на Арассыыйаҕа тэриллэр. Онно волонтерствоҕа, аһатааччыга, бэрэээдэк көрүүгэ, спонсорствоҕа, рекламаҕа, инвесторствоҕа төһө киһи хабыллара буолуой?   

42 км. 196 м. бастыҥнар 2 чаастан ордугунан чэпчэкитик кылбаҥната эргийэ дайан түмүктүүллэр. Саамай бытааннары ким даҕаны ыксаппат. Биэтэккэ кэлэрин син биир кэтэһэллэр. Ол былаһын тухары кыттааччылары, тэрийээччилэри, ыалдьааччылары эрэ буолбакка, хаһаайыттары, кинилэр куораттарын, кэрэ-бэлиэ сирдэрин көрдөрөллөр-кэпсииллэр.

Сардаананы былаах оҥостон, манна марафон бары ирдэбилигэр сөп түбэһэр киини (центр) арыйыахха баара. Уонна Дьокуускайга омуктар кыттыылаах супер-марафоҥҥа, марафоҥҥа, марафон аҥаарыгар, орто, кыра дистанцияларга улахан түһүлгэни үчүгэй усунуостаан, бириистээн, бырааһынньыктыы тэрийиэххэ баара. Берлин марафонугар дьахталларга кыайыылаахха 500.000 евро бириис туттарбыттара. Эбэтэр бастаан утаа аҕыйах тэҥнээхтэри ыҥыран ШОУ матч ыытар ордуга дуу?

Сорохтор живописнай кэрэ айылҕаны, сорохтор экстремальнайы талаллар. Биһиги оттон тымныы кыһыммыт? Сандал сааспыт? Көмүс күһүммүт бэрт өйдөбүлү биэриэ этэ.

Буолан баран ирдэбилгэ эппиэттиир маршрут мээрэйдэнэн, оҥоһуллан регистрацияламмыта. Лицензиятын сөргүт да, бүтэр. Чугас эргин итинник түһүлгэ суохха дылы. Арай чугас Омскайдааҕы, Токиотааҕы, Осакатааҕы марафоннар бааллар. Онно оҕолору-оҕонньоттору, кыргыттары-эмээхситтэри, кыанары-кыамматы 1 км да кытталларын көҥүллүөххэ. 80 саастаахтар уонна кэлээскэлээх инбэлииттэр араас дойдулар марафоннарын кэрийэ сылдьан кытталлар. Дьэ, маассабас, туризмы тардыы диэн ол буолуо этэ.

 

Аан дойду чемпионун тренерэ үлэтэ суох сылдьар

Уруккуттан билсэр дьоммун кытта санааларбын үллэһинним. Чурапчы тренерэ Гаврил Нохтунскай, бастакы маастарбыт Артур Феофанов урукку хаартыскалары көрдөххө, суол икки өттүнэн көрөөччү бөҕө. Ити үөһэ эппит идеябын олоххо киирдэр олус бэрт буолуо эбит диэтилэр.

Хомойуох иһин, Артур Егорович, аан дойду чемпионнарын ииппит тренер, курус куолаһынан билигин үлэтэ суох сылдьарын кэпсээбитин истэн олус соһуйдум. Бачча тахса турар кэммитигэр кини билиитэ, ирдэбилэ олус туһалаах буолуо этэ... Ити киини тэрийдэхпитинэ, дьоҥҥо доруобуйа хааччыйар үлэ миэстэлэрэ да тахсыа этилэр.

Бу туруорсууларбын тустаах тэрилтэлэр, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа, салалтата өйүөхтэрэ, болҕомтоҕо ылыахтара дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ марафон тардыыта улахан киһини барытын 42 кг сүүрүҥ диэн буолбакка, кинилэри онуоха-маныаха диэри эккирэтии—доруобуйа, тулуурга-дьулуурга буһарыллыы-хатарыллыы.

Г. Нохтунскай Бороҕоҥҥо олорор спорт билээччитин уонна сылыкчытын Василий Васильевы билиһиннэрдэ.

2020 сыл ахсынньы 6 күнүгэр Сочига Сардаана Трофимова Арассыыйа чемпионатыгар 2.27.15 кэлиэ диэбит. Сардаана 2 чаас 27 мүнүүтэ 8 сөкүүндэнэн түмүктээбитэ. 7 сөкүүндэнэн эрэ сыыспыт, – олус сөҕөр аатырбыт сүүрүк, тренер. Мантан аллара Васильев ыыппыт статистиката улахан болҕомтону тардыа дии саныыбын:

 

ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ МАРАФОҤҤА БАСТАКЫ ЧЕМПИОНАТА

1979 с. ЫЫТЫЛЛЫБЫТА. 29 СПОРТСМЕН  СҮҮРБҮТҮТТЭН 26 БИЭТЭККЭ КЭЛБИТЭ. ҮС БАСТАКЫ МИЭСТЭҔЭ УУС АЛДАН УҺУН ТЫЫННААХТАРА ТАХСАН ХАМААНДАНАН ЭРЭЛЛЭЭХТИК БАСТААБЫТТАРА. 

1. АНАТОЛИЙ  ЗАБОЛОЦКАЙ

2. ЛЕОНИД  САКВАРЦ

2 . ВЛАДИМИР  СЛЕПЦОВ

 

ААН ДОЙДУ, ЕВРОПА, АРАССЫЫЙА ТҮҺҮЛГЭЛЭРИГЭР

 ТАТЬЯНА  ЖИРКОВА – ААН  ДОЙДУ  ҮС  ТӨГҮЛЛЭЭХ  ЧЕМПИОНКАТА (2002 с.,  ТОРХАУТ,  БЕЛЬГИЯ – 7,37,06; 2004 с., ВИНСХОТЕН – 7,10,32; 2008 с.,  ЭТОРУСК,  ИТАЛИЯ – ЕВРОПА  РЕКОРДА).

ЕВРОПАҔА  ИККИТЭ БАСТААБЫТА (2003 с.,   ЧЕРНОГОЛОВКА – 7,19,51; 2008 с.,  ЭТРУСК,  ИТАЛИЯ, 89 КМ)

ЮАР СУПЕР–МАРАФОНА. 1 М. КОМРАДС, 56 КМ.

ФРАНКФУРТ,  2005.   2 ,37,06   – САХА СИРИН РЕКОРДА

НИКОЛАЙ  БУСКАРОВ – ЕВРОПА  ИККИ ТӨГҮЛЛЭЭХ БОРУОНСА ПРИЗЕРА (1997,   ФАЕНЗА, ИТАЛИЯ: 6,47,57; 1998,   ТОРХАУТ: 6,40,45) 

1994 с. КАЛИНИНГРАД,  АРАССЫЫЙА ЧЕМПИОНАТА –   2,19,09.

НИКОЛАЙ МАТЧИТОВ –АРАССЫЫЙА ЧЕМПИОНА

АРТУР  ФЕОФАНОВ  БАСТАКЫ  ССРС  МААСТАРА,   1991 – 2,19 58.

ГАВРИЛ  НОХТУНСКАЙ  БАСТАКЫ  АРАССЫЫЙА  МААСТАРА.  2 18,14 – САХА  СИРИН РЕКОРДА.

МИХАИЛ  ЕРЕМИСОВ 24  ЧААСТААХ СҮҮРҮҮГЭ  264  КМ  400 М. ПОДОЛЬСК, САХА СИРИН РЕКОРДА.

САРДААНА ТРОФИМОВА –РФ БИЭС ТӨГҮЛЛЭЭХ ЧЕМПИОНА (2015, 2018, 2019, 2020, 2021), РФ КУБОГЫН ХАҺААЙКАТА (2016), МОСКВАТААҔЫ ААН ДОЙДУТААҔЫ МАРАФОН ҮС ТӨГҮЛЛЭЭХ КЫАЙЫЫЛААҔА (2017, 2018, 2020).

С.ТРОФИМОВА БИРИЭМЭТИНЭН КӨРДӨРҮҮЛЭРЭ:

2011 СЫЛ,  2,43,28    МОСКВА

2012 СЫЛ,  21,097  1,26,17

2013 СЫЛ,   2,35,48

2015 СЫЛ,  КАЗАНЬ   ЧР  2,29,30

ФРАНКФУРТ  2,24,38

КР   2,34,55

2017 СЫЛ, ВОЛГОГРАД   2,31,32

ММММ  2,3О,29

2018  ВОЛГОГРАД  2,28,55  ЧР

ММММ  2,28,35

2019  КАЗАНЬ  ЧР   2,31,31

ДОХА  ЧМ  2,52 46

2020  ММММ   2 28,02

СОЧИ  ЧР  2,27,08

 

Олимпийскай оонньууларга марафоҥҥа дьахталлар көрдөрүүлэрэ

2000 сыл. Такахаси, Япония – 2 чаас 23 мүнүүтэ 14 сөкүүндэ.

2004 сыл. Ногучи, Япония – 2 чаас 26 мүнүүтэ 26 сөкүүндэ.

2008 сыл. К. Томеску, Румыния – 2 чаас 26 мүнүүтэ 44 сөкүүндэ.

2012 сыл. Т. Гелена, Эфиопия – 2 чаас 23 мүнүүтэ 14 сөкүүндэ.

2016 сыл. Д. Сумгонг, Кения – 2 чаас 24 мүнүүтэ 4 сөкүүндэ.

2020 сыл кулун тутар ыйга Токиотааҕы быйылгы марафоҥҥа олох аҕыйах киһи кытынна. Дьахталларга Лона Чемтай-Сальпетер (Израиль) 2 чаас 17 мүнүүтэ 45 сөкүүндэ бириэмэни көрдөрөн бастаата.

2007 сылтан ыытыллар марафон  саамай үрдүк көрдөрүүтэ.

Дьэ, бэйэҕит тэҥнэтэлээҥ, көрүҥ. Сахалар инникитин хайдах буолуохпутун сөп эбитий?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...