Маны тутан олорон туһан
“Дыгын оонньуулара--2021” бириистэрэ. Уопсай түмүккэ, хас көрүҥ аайы миэстэлэспиттэргэ мэтээллэр, дипломнар.
Муҥур кыайыылаах Аан Дархаҥҥа -- 1000000 солкуобай. Спонсор тутааччы—Алексей Пинигин.
Уопсайга иккис миэстэҕэ -- квадроцикл
Үһүс миэстэҕэ -- матасыыкыл
Дьэ, Дьокуускайга саамай элбэх киһини түмэр, сорохтору иннэ—бүргэс үрдүгэр олордуулаах, ыһыытатар-хаһыытатар, үгүстэри үөрдэр-көтүтэр, кими эрэ хомотор-хоҥкутар улахан түһүлгэбит аныгыскы өрөбүллэргэ, бэс ыйын 26-27 күннэригэр, дьай дьаҥнаах кэм ыгыытынан көрөөччүтэ суох “Туймаада” стадиоҥҥа ыытыллыа.
“Ыалдьыы” араастаах
Дьиҥэ, улахан событиеҕа онно сылдьан эккинэн-хааҥҥынан билэриҥ туохха тэҥнэһиэй? Спорт курдук дьон уларыйыытын түргэнник хамсатар баара саарбах. Ким эрэ сибилигин хайҕаабыт киһитэ хотторбутуттан үөҕэн туруо. Ытыа даҕаны—үөрүүтүттэн да, хомолтотуттан да. Ким эрэ холкутук ыалдьар, ким эрэ ииримтийбиттии ыстаҥалыыр. Сорохтор кини сөбүлүүр киһитин утаралларыттан кыыһыран кыһыылаах тылынан барахсан кыйахансаллар. Тоҕо мин киһим хотторбутуттан үөрдүҥ, диэн дуу, уксууга сүүйтэрбит абаларыттан да, уолуктаһан, дайбаһан барааччылары да син балайда көрбүтүм. “Дыгын оонньууларыгар” биир кырдьаҕас киһи ыалдьар киһитин сүрүн утарсааччытын кырыы сылдьарын бопсон, ыараханнык саҥарсан турабыт. Миэхэ итинник түгэннэргэ өйдөһөн, фан-доҕор буолбут үгүс.
Баар-суох уоланнарбытын бары үчүгэй турукка киирэллэригэр кыһаныахтаахпыт. Оччоҕо бииртэн-биирдэрэ дьоҕурдарын дьэ ситэри аһыа этилэр. Чаҕылхай хамсаныыларын, дьулуурдарын илэ уонна тэлэбиисэринэн көрүүттэн, араадьыйаҕа истииттэн, кэрэ кэпсээнтэн, бэчээккэ соргулаах суруйуулартан уос номохторо үөскээн, саамай сүрүнэ – үүнэр көлүөнэҕэ дьайыа этэ. Ийэ-аҕа, чугас дьон уолаттары итинник бары өттүнэн кыахтаах эр бэрдэ буол диэтэллэр, халыҥ хахха, суон дугда боотур элбээн, күүһүнэн өттөйөн атаҕастааччы аҕыйаан, норуот сомоҕолоһуо.
Урут Күөх экран дэнэр билигин араас өҥүнэн дьиримниир хаптаҕай холбуйанан ону-маны, ордук спорт түгэннэрин чугаһатан, хатылаан, бытаардан, үчүгэйдик комментарийдаан көрдөрүү сорох өттүнэн стадиоҥҥа сылдьардааҕар ордуктардаах.
Бээ, манна да ыалдьыы араас. Доҕорум, СӨ, РФ норуотунай артыыһа Иван Степанов биирдэ тустууну араадьыйанан комментарийдаан, саха уола быраҕан эрэрин ойуулаан кэпсээн омуннуран эрдэхпинэ ойон турбут. Онтон:”Һуу! Бэйэтэ тиэрэ баран түстэ!” диирбин кытта бас куолаһынан хаһыытаабытыгар онно ыраах да олорооччулар соһуйан олоппосторуттан охто сыһан, кулгаахтара хайда сыспыт. Оттон сүллүгэс саҕа сутуругунан төгүрүк сандалытын охсубутугар дьиэ эккирии түспүт. Атын остуол үрэллиэ этэ, киниэнэ уус киһи гиэнэ бэйэтин курдук модьу буолан тулуспут. Ону кэлин миэхэ төлөпүөнүнэн күлэ-күлэ көөҕүнүү кэпсээччи:
Баанньа-а, куоскам: “Бу оҕонньор хайдах буолла?” диэтэ быһылаах, киэҥ хараҕа тахса сыыһыар диэри миигин хантайан көрөөт, куоппута. Кэлбэтэҕэ хас да хонно. Ханна тиийтэ буолла? Эдьиийиҥ Татьяна Георгиевна, таһырдьа куоппута: ”Айака, хаһыыҥ улахана бэрт. Дөйөн, ааҥҥын суорҕанынан сабан баран, балаҕаҥҥа баран быыһанным” диэбитэ. Оо, дьэ, кытаанах хаһыы буолуо. Ол балаҕана коттеһыттан тэйиччи да , онно да хаһыыта иһиллэр үһү.
Сорох ыалларга өйдөөбөт дьоно итинник улахан хаһыыта да суох ыалдьааччыны “Үлэлээмээри сүрэҕэлдьээн олороҕун эҥин” диэн сулуйан, сордоон кыыһырсыыны да күөртүүллэр.
Ити гынан биир киһиттэн, кинини сөбүлээччилэр, таптааччылар кэпсиирин кэрэхсээн, быһаарара бэрдиттэн биһирээн, хайдах үөрэр–абарар мимикаларын, хаһыытын, саҥа аллайыытын, өмүрүүтүн-соһу йуутун көрөн, тэлэбиисэргэ, спорка урут оччо кыһаммат да дьон, онно болҕойон экрантан ырааппакка, ол диэки хайыһа, иһиллии, төннө, олох да арахпакка тэҥҥэ ыалдьарга угуйааччылар. Дуоһуйа көрүүттэн үчүгэйдик “ыалдьан” итиннэ баар дьону дьиэлээхтэри, ыалдьыттары-хоноһолору, ыаллары, төлөпүөннээччилэри барыларын, онтон ыла олус фанат, патриот оҥортоон кэбиһээччилэр. Киһи биирдэ эмэ спортан күөртэннэҕинэ, үлэни да ааһан иһэн бүтэрэр. Көхтөөхтүк кыайыы эрчими эбэр, көҕү көбүтэр.
Көрөөччүгэ сүбэ
Бу хаһыаты аттыгыттан араарбакка анаар, ыраатыннарбакка ырыҥалаан, туппутунан тура-хаама толкуйдаан, сылдьа-сыта сыаналаан, билбиккитинэн билгэлээн, оҥостон олорон, чэйдии-аһыы эйэ дэмнээхтик ыалдьыҥ.
Хас көрүҥҥэ ким бастаабыт биир очкуоланар. Салгыы хаһыс буолбуттарын саҕанан очкуолара эбиллэн иһэр. Уопсай түмүккэ ким саамай аҕыйах очкуолаах Аан Дархан, онтон аллараа хаһыс миэстэ буолбуттарынан история таблицатыгар суруллуохтара.
Аттыгар бааллардыын, төлөпүөнүнэн да угустаххытына, өссө ордук күүрүүлээх, кэрэхсэбиллээх буолуо. Уонна таайа сатыыр, онуоха хоруйуҥ таба буолуута эмиэ үлүскэнник үрдээччи.
Быйылгы түһүлгэ кимнээҕи дьоллуой? Былырыыҥҥы Аан Дархан, Амма ааттааҕа Леонид Филиппов иккистээн субуруччу мөлүйүөнү мөскөтүө дуу? “Туймаада ыһыаҕыттан” Эркээнитигэр супер-бириискэ ылбыт массыыналарынан үстэ айаннаабыт, мөлүйүөнү аан бастаан ылан, амтанын амсайбыт Хаҥалас Хотойо Егор Филиппов Аан Дархан албан аатын түөртэ субуруччу ылан баран, былдьаппытын төннөрөн, биэс төгүллээх буолуо дуу?
Элбэх төгүллээх призер, Нам баатыра Артем Варданян бу сырыыга бастаан кэбиһээрэй?
Кини быраата, “Туймаада ыһыаҕын” алта төгүллээх чемпиона, Николай Дьяконов уола, сүүрбэ саастаах, кэскиллээх эрэл Вячеслав Дьяконов быйыл сүүмэрдиир түһүлгэҕэ холоноот, ааттаахтар иннилэригэр түспүтүн курдук аҕатын туйаҕын хатарар архааннаах аартыкка тахсар дуу? Иккис-үһүс бириистэргэ ким тиксиэй? Спорт диэн соһуччу, атын кими эрэ күөрэтиэн да сөп.
Күөгэйэр күн уонна баат
12 боотуртан ким тугунан ордугуй? Бастатан, хас сыллаахха төрөөбүттэрин күн сирин ким эрдэ көрбүтүнэн туруоран көрүөххэ.
Дьулустан Ноговицын, Горнай, 1990 с.т.
Егор Филиппов, Хаҥалас, 1990 с.т.
Леонид Филиппов, Амма, 1990 с.т.
Николай Матаннанов, Таатта, 1991 с.т.
Артем Варданян, Нам, 1992 с.т.
Дмитрий Петров, Бүлүү—“Боотур” ск. 1992 с.т.
Владимир Федоров, Ньурба, 1992 с.т.
Павел Друзьянов, Чурапчы—“Боотур” ск, 1993 с.т.
Тимофей Большаков, Сунтаар, 1994 с.т.,
Никита Новгородов, Уус Алдан—“Боотур” ск., 2000 с.т.,
Вячеслав Дьяконов, Нам, 2001 с.т.
Айсен Елисеев, Сунтаар 2001 с.т.
Сааһырыыттан бытаараҕын, сылайар буолаҕын, ол эрээри урукку мүччү тутууларгын хатылаабат гына, тоҕоостоох кэми кэтэһэ сылдьан лып гыннараргар мындырыҥ эбиллэн, өйүҥ үлэлиирэ ордук. Киһи күннээх, балык ыамнаах. Күөгэйэр күн сорохторго уруттаан, сорохторго хойутаан кэлэрин көрдөрүүлэриттэн эрэ быһаараҕын.
Эдэр тугунан баҕарар соһутуон сөп. Ким эрэ эрдэ ситэр.
Дьарыгы-эрчиллиини, киирсиини, дьулууру, тулууру, сүр күүһүн тоҕоостоох кэмнэргэ, түгэннэргэ бэйэҥ сааскар сөп түбэһиннэриини эккинэн-хааҥҥынан билгэлээн өйдүүр эрэйиллэр.
Кыһанар, үлэлиир киһини көмүс көлөһүнүн Таҥара көрөр дииллэр. Ол иһин киниэхэ баат диэни бэлэхтиирэ, табыллыыны тосхойоро дуу? Таҥара биэрбэтэҕинэ, эрчиллэргэр, күрэхтэһэргэр сөптөөх киһиҥ, эйгэҥ, тренериҥ, усулуобуйаҥ, онтукаҥ-мантыкаҥ, чугас дьонуҥ да табыллымыахтарын сөп. Ыарыы ыйыппакка ылар, оһол оноолоспокко орооһор. Оннооҕор олох хаһааҥҥытааҕар да ордук туруктаах кыайа сылдьан, мүччү туттартаан, хаһыытаат, сутуруккун охсунаат, ытыскын сотторгор эрэ тиийэҕин.
Оттон баат биэрдэҕинэ ситэ дьарыга суоххар бэйэҕинээҕэр ордук бэлэмнээхтэртэн ордорон таһаарыа. Мантан салгыы ким баччааҥҥа диэри ким туохха бастыҥ көрдөрүүтэ хайдаҕын билиһиннэрэбит. Тэҥ түгэннэригэр алпаабыт бэрээдэгин тутуһабыт.
Ким тугунан ордугуй?
"Үс төгүл үс".
Манна атах оонньуутун маастара, ыстаҥа рекордсмена Е. Филиппов - 34.32. Ыстанарга таҕыста да ыраах түһээт, иккис-үһүс түһүмэхтэри кэтэспэккэ аныгыскы көрүҥнэр иннилэринэ сынньана, бэлэмнэнэ барааччы. Үстүүтэ төхтөрүйэн чугаһаппыт билиҥҥитэ суох.
Н. Матаннанов - 32.90
Л. Филиппов - 32.38
Н.Новгородов - 31.76
А. Варданян - 31.59
В. Дьяконов - 31.44
Т. Большаков - 31.20
П. Друзьянов - 31.04
В. Федоров - 30.92
А. Елисеев - 30.29
Д. Ноговицын - 30.17
Д. Петров - 29.06
"Тутум эргииргэ"
Икки мүнүүтэ иһигэр маһы туппутунан “мостиктаан” хас эргиири ааһар -- оччо очкуо аахсар. Сири таарыйдыҥ -- бүттүҥ. Ким хаста эргийбитэй?
В. Дьяконов - 65
Т. Большаков - 63
Н. Новгородов - 63
Л. Филиппов - 60
А. Варданян - 59
А. Елисеев - 58
Д. Петров - 57
П. Друзьянов - 56
Е. Филиппов - 56
Н. Матаннанов - 55
Д. Ноговицын - 53
В. Федоров - 49
Мас тардыһыыта
Манна сэрэбиэй элбэҕи быһаарар. Икки күүстээх мадьыныга маскын төлө туттардыҥ, хааһыҥ хаахтыйар.
Бу көрүҥ маастардара рейтиннэринэн инникилэр:
В.Федоров, 2020 с-2м, 2018 с-1 м.
Ноговицын, 2019 с.-1 м, 2017 с -3 м.
Е. Филиппов, 2020 с-3 м, 2019 с-3 м.
Варданян, 2019 с -2 м.
"Оҕунан ытыыга"
Оххо долгуйуу, тыал түһүүтэ, ох алдьаныыта мэһэйдэстэҕинэ хайдах да гын, сыыһаргар тиийэҕин. Илэ бодону тардыныы эрэйиллэр.
Л.Филиппов – 35. былырыын олус табыллан ыппыта. Хонууга сахалыы таҥаһын, илиинэн оҥоһуллубут саатын- саадаҕын тута сылдьан тыал түһэригэр-түспэтигэр ымыр гыммакка, Байанайтан иннигэр турар булду 100 бырыһыан таппыта. Айылҕа оҕотугар, Элиэнэ кытылын эҥсиитэ, Сиинэ уолугар Е.Филипповка тыалы кытта тохтотон биэрээччи.
П.Друзьянов - 32
А. Елисеев - 32
Н. Матаннанов - 32
Н.Новгородов - 32
Д. Ноговицын - 32
В. Дьяконов - 27
А. Варданян - 25
Д. Петров - 25
Е. Филиппов - 22
В. Федоров - 21
Хапсаҕайга
Халбас харата. Бөҕө да бөҕөс бүдүрүйэн, сири таарыйан тэбиллиэн сөп. Сэрэбиэй күүстээххэ киллэрдэҕинэ күчүмэҕэй эмиэ моһуоктуур.
Бу көрүҥҥэ мас тардыһыытыгар курдук маастар В.Федоров рейтинэ үрдүк: иккитэ кыттан иккитэ бастаабыта. 2020-1 м, 2018 с. -1 м.,
Е.Филиппов, 2019 с-1 м., 2018 -2 м.
А.Варданян, 2019 с.-3 м., 2017 с-2 м,
Л.Филиппов, 2020 -3м.
“Кыыһы эккирэтиигэ”.
400 м. сүүрүүгэ ким быһыйын быһаарсыыга билиҥҥи бэртэрбит бары биэтэккэ кэлбит бириэмэлэрэ тэҥниҥи, тэҥҥэ бардахтарына, атын буолуо:
В. Дьяконов - 0,55
Н. Новгородов - 0,56
В. Федоров - 0,56
Е.Филиппов - 0,56
Л.Филиппов - 0,56
Д. Петров - 0,57
Н. Матаннанов - 0,57
А. Варданян - 0,57
А.Елисеев - 0,58
Д. Ноговицын - 0,58
П.Друзьянов - 0,59
"Таас көтөҕүүтэ"
Бу саамай бүтэһик көрүҥ. Инники көрүҥнэргэ кэнники хаалан иһээччилэр саҕалыыллар, лидердэр түмүктүүллэр. Онон икки күн күрэхтэһииттэн сындалыйбыт буолан, хаһыс миэстэ буоларга оччону илдьэргэ сыралаһыы тыҥааһыны ыгааччы. Эбэтэр сиппиттэрин билэн наһаа сыралаһа сатыа суохтарын сэрэйэн ыалдьаччылар да уоскуйаллар. Дьиҥэ, таас көтөҕүүтэ эрдэ ыытыллара буоллар тааһы өр көтөҕөн ыраатыннара сатаан ньоҕойдоһуо этилэр.
Д.Ноговицын - 230.00. таһыччы кыахтаах. Көрдөрүүтүн өссө да ыраатыннарыан сөп.
Е. Филиппов - 210.05
Д. Петров - 200.00
В. Дьяконов - 173.68
П. Друзьянов - 164.81
В. Федоров - 164.19
Н.Матаннанов - 157.71
А.Варданян - 147.57
Н. Новгородов - 130.01
Л.Филиппов - 110.10
А. Елисеев - 108.48
Уопсай түмүккэ
“Дыгын оонньууларыгар” Е.Филиппов түөртэ бастаабыта (2016, 2017, 2018, 2019 с). Былырыын –3 м.
Л.Филиппов–2020 с. Аан Дархана. 2019- 3 м.
А.Варданян икки төгүл 2 м. (2017, 2019 с.), 2016 с -3 м.
Матаннанов –2018 с-2м.
2021 с... ?
Ити ааттаммыт лидердэри кытта эдэрдэр хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар киирсэллэрэ уустук, ол оннугар сүүрүүгэ, тутум эргииргэ очкуо аахсалларынан уопсай түмүккэ эрийсиэхтэрэ.
***
Дьэ, ол күннэргэ эрчиллиилэрин муҥура ситэн, баат барыларыгар бэриллэн, табыллыы талааннарын арыйан, өй өрөгөйдөөн, дьоҕур дьоллоон, чаҕылхай хамсаныылары көрөн үөрүөҕүҥ. Кэнэҕэски ыччат кэпсээнэ, ороһу дьон олоҥхото оҥостор түгэннэр үөскээтиннэр. Ким бэлэмнээх – ол кыайдын!
“Дыгын оонньуулара-2021” дуолан түһүлгэҕэ аналлаах балаһаҕа куорат спорка управлениетын салайааччыта Константин Бурцевка, “Модун” төһүү үлэһитэ Владислав Коротовка, ону сэргэ спорду сэҥээрээччилэргэ: Валерий Шелковниковка, Василий Васильевка статистиканан ситэрсибиттэригэр уонна Тимон Габышевка 24-с сирэйбитин сиэдэрэйдээбитигэр махтанабыт! Онно ааҕааччылар уонна ыалдьааччылар үөрэ кыттыһаргытыгар эрэнэбин!