Махтал эйиэхэ, үрүҥ халааттаах аанньал!
Ыам ыйын 12 күнэ – бүтүн аан дойду үрдүнэн Медицинскэй сиэстэрэлэр күннэрэ.
Билиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр 11 тыһыынчаттан тахса орто медицинскэй персонал үлэһитэ операционнайдарга, суһал көмө сулууспатын биригээдэлэригэр, саҥа төрөөбүт оҕо кииннэригэр, стационардарга уонна поликлиникаларга үлэлиир. Саха сирин үрүҥ халааттаах сиэстэрэлэрин СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова эҕэрдэлээтэ.
«Эһиэхэ идэҕит олоххут арахсыспат аргыһа буолан, дьоҕургут, сатабылгыт кыһалҕалаах дьоҥҥо сулууспалыыр. Эһиги үлэҕит ыалдьыбыт дьон үтүөрэригэр олук буолар», — диир Елена Борисова эҕэрдэ суругар. Кини тулуурдаах, дьулуурдаах буолуу, киһи кыһалҕатын, ыарыытын чугастык ылыныы, дьоҥҥо таптал медицинскэй сиэстэрэ сүрүн хаачыстыбалара буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
«Эһиги үлэҕитин билинии, үрдүктүк сыаналааһын бэлиэтэ – үтүөрдүбүт, атахтарыгар туруорбут дьоҥҥут дьоллоох сирэйдэрэ. Идэни толору баһылааһыны сэргэ, үтүө, амарах санааланыы, сайаҕас буолуу – медиктэр сүрүн хаачыстыбалара. Билигин, пандемия кэмигэр, Саха сирин медицинскэй сиэстэрэлэрэ коронавирус дьаҥын кытта охсуһуу инники күөнүгэр сылдьаллар. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин аатыттан барҕа махталбытын тиэрдиэхпин баҕарабын. Талан ылбыт идэҕитигэр бэриниигит, дьоҥҥо истиҥ, үтүө сыһыаҥҥыт иһин махтанабын! Бэйэҕит күүскүтүгэр эрэли, билиигит уонна уопуккут үрдүк ситиһиилэри аҕаларыгар баҕарабын», – диэн түмүктээтэ Елена Борисова.
Бу бырааһынньык 1965 сыллаахтан бэлиэтэнэр эбит. Кэлин, 12 сыл буолан баран, Аан дойдутааҕы медицинскэй сиэстэрэ сэбиэтэ идэлээх күнү бэлиэтииргэ ыам ыйын 12 күнүн талбыта. Ол курдук, бу күн сиэстэрэлэр аһымал сулууспаларын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ Флоренс Найтингейл төрөөбүт эбит.