02.08.2022 | 18:00

Магистратураҕа үөрэниэн баҕалаах элбиир

ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, саҥа үөрэх дьылыгар магистратураҕа үөрэниэн баҕалаахтартан икки тыһыынчаттан тахса сайабылыанньа киирбит.
Магистратураҕа үөрэниэн баҕалаах элбиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Иһитиннэриигэ этиллэринэн, магистратура бары хайысхаларыгар докумуоннары тутуу от ыйын 30 күнүгэр түмүктэннэ. Киин приемнай хамыыһыйаҕа 2234 сайабылыанньа киирдэ.

Билигин абитуриеннар киирии тургутуктары ааһаллар, атырдьах ыйын 11 күнүгэр киирээччилэр куонкурустаах испииһэктэрэ биллиэхтээх. Атырдьах ыйын 15 күнүгэр целевой үөрэххэ, онтон атырдьах ыйын 19 күнүгэр тургутуу түмүгүнэн сүрүн миэстэлэргэ киирии бирикээһэ тахсыахтаах.  

Абитуриеннар ордук финансовай-экономическэй институт «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы (Цифровой куорат)» хайысхатын талаллара көһүннэ. Социология уонна персоналы салайыы кафедратын доцена, бырагыраама салайааччыта

Оксана Романова иһитиннэрбитинэн, быйылгы үөрэх дьылыгар устудьуоннары бастакы төгүлүн очнай көрүҥүнэн үөрэтэллэр. Үөрэх бырагыраамата судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы менеджердэрин бэлэмнииргэ туһуламмыт.

«Үөрэҕи бүтэрээччилэр куорат дьаһалтатыгар үлэлиэхтэрэ, салайыы технологиятын оҥоруохтара, куорат олоҕун бары эйгэтин цифровой көрүҥҥэ көһөрүөхтэрэ. Итиэннэ атын куораттар дьаһалталарын исписэлиистэрин кэтэхтэн үөрэххэ ылары былаанныыбыт. Бырагыраамабытын Ньурба, Өлүөхүмэ, Үөһээ Дьааҥы уонна Орто Халыма куораттар салайааччылара биһирээтилэр, сөбүлэҥнэрин биллэрдилэр. Кинилэр исписэлиистэрэ биһиэхэ кэлэн үөрэнэн куораттарын сайыннарыахтара диэн эрэнэбит», – диир Оксана Романова.

Куораты стратегиялаахтык салайыы туһунан дьиссипилиинэни куорат баһылыга Евгений Григорьев ааҕара сабаҕаланар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...