28.04.2022 | 12:00

Мадьынылар үөртүлэр

Мадьынылар үөртүлэр
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Муус устар 22-24 күннэригэр Татарстан киинигэр Казань куоракка мас тардыһыыга Арассыыйа чемпионата үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.

Саха сиригэр Автономия төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах сырыы спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун ректора Иннокентий Готовцев, “Сахаада-Спорт» Ассоциация бэрэсидьиэнэ Александр Ким-Кимэн уонна спорт министиэристибэтин, Чурапчы, ХИФУ институттарын үлэһиттэрэ састааптаах бөлөҕүн Бүтүн Арассыыйатааҕы мас тардыһыытын Федерациятын бэрэсидьиэнэ, Ил Түмэн физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев салайан илдьэ сырытта. Айан чэрчитинэн мас тардыһыыны Арассыыйа үөрэнээччилэрин спартакиадатын бырагырааматыгар уонна устудьуоннар лигаларыгар киллэрии туруорсулунна.

Москваҕа Арассыыйа спорка миниистирэ Олег Матыцинныын, Госдуума физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Свищевтыын, биатлоҥҥа Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Анна Богалийдыын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччытын 1-кы солбуйааччыта Александр Сафроновтыын көрсүһүүлэр буоллулар.

Арассыыйа чемпионата быйыл бэс ыйын 21-27 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллар мас тардыһыытыгар аан дойду чемпионатыгар кыттар дойду хамаандатын сүүмэрдиир сыаллаах ыытылынна. Сүрдээх үчүгэй тэрээһин буолла. Поволжскай физическэй култуураҕа, спорка, туризмҥа университетыгар спорт национальнай көрүҥнэрин, мас тардыһыытын сайыннарыыга, баар проблемаларга дьүүллэһиилэр, кэпсэтиилэр буоллулар. Кэпсэтиилэргэ спорт эйгэтин 136 учуонайдара, исписэлиистэрэ 42 дакылааты оҥордулар. Саха сириттэн наука доктордара Михаил Гуляев, Александр Ким-Кимэн, наука кандидата Иннокентий Готовцев, спорт миниистирэ, Азия чөмпүйүөнэ, аан дойду боруонса призера, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Леонид Спиридонов кытыннылар.

Манчаары аатынан Спорт национальнай көрүҥнэригэр киин дириэктэрэ Геннадий Васильев, Арассыыйа мас тардыһыыга Федерациятын толорооччу дириэктэрэ Иван Сивцев күрэхтэһиилэр ыытыллыыларыгар, регионнары кытта үлэҕэ, “легионердар” тустарынан иһитиннэриилэри оҥордулар.  М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физическэй култуураҕа уонна спорка институтун дириэктэрэ Николай Гоголев Арассыыйа устудьуоннарын ассоциациятын тэрийэр туһунан, Чурапчы институтуттан п.н.к. Тарас Артеменко үлэтин хайысхатынан кэпсээтилэр. Физическэй наука кандидата, мас тардыһыыга аан дойду чөмпүйүөнэ Василий Алексеев мас тардыһыыга, Арассыыйа ыччаттарын көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, кандидатскай диссертациятын Набережнай-Челныга бэлэмнии сылдьар Николай Сивцев хапсаҕайга, Бүтүн Арассыыйатааҕы физкультура учууталларын куонкуруһун кыайыылааҕа Петр Собакин сахалыы атах оонньуутугар маастар-кылаастары ыыттылар.

Чемпионат уонна мунньахтары ыытыы далааһыннаах тэрээһиннэрин Арассыыйа, Татарстан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэлэрин спорка министиэристибэлэрэ, физическэй култуураҕа уонна спорка институттара биир өйүнэн-санаанан, тэҥҥэ үбүлээн бэлэмнээбиттэр. Сүбэ мунньахтар, түмсүүлэр, күрэхтэһиилэр ыытыллар сирдэрэ Диана Афанасьева дизайнынан киэргэтиллибиттэр. Саха Автономията төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах оҥоһуктар харахха быраҕыллаллар. Бары тэрээһиннэр ымпыгар-чымпыгар тиийэ, ханан да уу бычыгыраабат гына ыытылыннылар. Спортсменнар, тренердэр Аан дойду универсиадатыгар ананан тутуллубут “Универсиада дэриэбинэтигэр” олоро-түһэ, аһыы сырыттылар. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ саамай спортивнай регион буоларын көрөн итэҕэйдилэр.

“Прогресс” тутуу тэрилтэтэ (Алексей Пинигин), “Киэргэ“ ювелирнай тэрилтэ (Александр Павлов), “Саха сирин тимир суоллара” (Василий Шимохин), Өлүөнэтээҕи өрүс пароходствота (Сергей Ларионов) кыайыылаахтарга сүрүн бириистэри, ол иһигэр бриллианнары туруорууга үбүнэн көмөлөспүттэрэ махталлаах.

“АК “Барс” Спорт дыбарыаһыгар дойду 33 регионуттан 165 спортсмен  түмүстэ. Сытыы киирсиилэргэ эр дьоҥҥо тоҕус ыйааһынтан сэттэтигэр, дьахталларга биэс ыйааһынтан түөрдүгэр бастаатылар. Онон мас тардыһыыга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ, түөрт спорт көрүҥэр спорт маастара Николай Элляевич Константинов кыайыыга суоттаммыт мадьыныларбыт ситиһиилэринэн үөрэрин, астынарын биллэрэр. 

60 кг түөрт саха төрдүөн миэстэлэстэ. Герман Игнатьев (Сунтаар) быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс миэстэлэммитэ, онон Башкортостантан киирсэн  чөмпүйүөннээтэ. Забайкальскай кыраайтан күрэхтэспит былырыын өрөспүүбүлүкэни, Арассыыйаны, аан дойду Кубогын кыайбыт Дмитрий Неустроев (Амма) – иккис, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын бастакы-иккис нүөмэрдээх уолаттара Василий Муксунов уонна Артур Жирков үһүс буоллулар. 

65 кг өрөспүүбүлүкэ үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, аан дойду Кубогын икки төгүллээх кыайыылааҕа Дмитрий Саввин (Томпо) итэҕэтиилээхтик кыайда, Арассыыйаҕа үсүһүн бастаата. Хамаандаҕа иккис нүөмэрдээх Константин Жирков иккис буолла. Москва, Кабардино-Балкария уолаттара үһүстээтилэр.

70 кг бастакы нүөмэринэн Ньургун Антонов (Сунтаар) барбыта, үһүс буолла. Өлүөхүмэттэн Александр Пшенников иккис нүөмэринэн барбыта уонна иккис миэстэлэннэ. Валерий Никаноров диэн Мэҥэ Хаҥалас ыччата Москва уобалаһыттан кыттан бастакы миэстэни ылла. Бу ыйааһын биир лидерэ Сергей Константинов үһүс миэстэлэннэ.

75 кг бастакы нүөмэринэн Семен Ануфриев (Уус Алдан) барбыта, өрөспүүбүлүкэ быйылгы чөмпүйүөнэ, 75 кг былырыыҥҥы абсолютнай чөмпүйүөнэ, итэҕэтиилээхтик кыайда. Иккис нүөмэринэн Иван Гуляев баран, өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэтин дакаастаата. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар иккис нүөмэринэн киирдэ. Амматтан Геннадий Борисов – үһүс, Өлөөнтөн Айсен Семенов Красноярскай кыраайтан киирсэн үһүс миэстэлэннилэр.

80 кг былырыыҥҥы лидер Булуҥтан Станислав Иванов Аланияттан киирсэн, утарсааччыларын барыларын 2:0 кыайталаан, эрэллээхтик бастаата. Бастакы нүөмэринэн барбыт Горнайтан Дьулустаан Ноговицын иккис буолла. Биллиилээх мадьыны Томпоттон Семен Атаков уонна Чувашияттан Николай Ушаков үһүс миэстэлэннилэр.

90 кг бастакы нүөмэринэн барбыт Уус Алдантан Павел Черноградскай утарсааччыларын 2:0 эрэллээхтик кыайталаан, Арассыыйа чөмпүйүөнүн үрдүк аатын сэттис төгүлүн ылла. Иккис нүөмэринэн Владимир Никитин барбыта, үһүс миэстэлэннэ. Иккис-үһүс миэстэлэри Москва уобалаһын уолаттара ыллылар.

105 кг Уус Алдантан Дмитрий Попов холкутук бастаата. Калугаттан Константин Курдюков иккис буолла. Василий Сивцев (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Амма ыччата Егор Баишев Забайкальскай кыраайтан киирсэннэр, үһүс миэстэлэннилэр.

125 кг Калугаттан аан дойду чөмпүйүөнэ, аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ Иван Галкин бастаата. Биһигиттэн нүөмэринэн Үөһээ Бүлүүттэн Эрчим Баппаҕай үһүс миэстэни ылла. Иккис нүөмэринэн барбыт Михаил Гоголев иккис буолла. Москва уобалаһыттан Роман Калинин үһүстээтэ.

125 кг үөһэ саамай ыарахан ыйааһыннаахтарга Смоленскай бухатыыра Виктор Колибабчук күүстээх утарсааччыларын 2:0 хотуталаан бастаата уонна Арассыыйа уон төгүллээх чөпүйүөнэ буолары ситистэ! Өлүөхүмэттэн Евгений Попов иккис миэстэлэннэ. Үһүс – Смоленскай уонна Чувашия уолаттара.

Кыргыттарга 55 кг аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ, аан дойду Кубогын кыайыылааҕа, Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин хастыы да төгүллээх чөмпүйүөнэ Наталья Черноградская (Үөһээ Бүлүү) кими да илиилээх-атахтаах оҥорбото. Чувашияттан Вероника Григорьева иккис, биһигиттэн иккис нүөмэринэн барбыт Татьяна Дьячковская уонна Сахалин кыыһа үһүс миэстэлэннилэр.

65 кг Саха сириттэн бастакы нүөмэринэн барбыт Норайаана Трофимова (Амма) эрэллээхтик бастаата. Иккис уонна үһүс миэстэлэри Калуга, Чувашия, Москва кыргыттара ылаттаатылар.

75 кг Томпоттон аан дойду чөмпүйүөнэ Ирина Севрюк кими да тулуппата. Финалга Ульяновскайтан Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллэ сылдьыбыт атлет көрүҥнээх Виктория Яковенко эрэ биир маһы ыла сырытта. Ирина Севрюк күүстээх утарсааччытын 2:1 хотто уонна хаһыс да төгүлүн Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолары ситистэ. Иккис уонна үһүс бириистээх миэстэлэргэ Ульяновскай, Калуга, Чувашия кыргыттара тигистилэр.

85 кг Арассыыйа лидерэ Калугаттан Мохинур Абдузойирова бу да сырыыга бастаата. Калуга, Чувашия кыргыттара иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаатылар. Биһигиттэн Сайыына Сивцева үһүс буолла.

85 кг үөһэ, кэтэһиллибитин курдук, Амматтан Татьяна Баишева барыларын 2:0 тоҕута тыыталаата. Бу иннинээҕи Арассыыйа лидерин Кабардино-Балкарияттан Кристина Кочесокованы финалга букатын тулуппата. Наталья Старкова (Уус Алдан) уонна Чувашияттан Арассыыйа хамаандатыгар киирэ сылдьыбыт Надежда Осипова үһүс миэстэлэннилэр.

Бүтүн Арассыыйатааҕы мас тардыһыы федерациятын бэрэсидьиэнэ Михаил Гуляев салалтатынан “Модун” спорткомплекска буолан ааспыт пресс-конференцияҕа “легионерствоны” бэрээдэктиир, прописканы, үлэ киниискэтин ирдиир туһунан кэпсэтиилэр буоллулар. Аан дойду чемпионатыгар бэлэмнэнии сыаллара-соруктара туруорулуннулар. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ бары бастакы нүөмэринэн киирэллэр. Иккис миэстэлэри ылбыттар, аан дойду балаһыанньата сымнаатаҕына, күһүн эбэтэр кыһын Европа чемпионатыгар кыттыахтара. Үһүс миэстэлэри ылбыттар “резервнэй” састаапка Арассыыйа хамаандатыгар үһүс нүөмэринэн сылдьаллар. Сүүмэрдиир түмсүүлэр (сбордар) ыам ыйыттан саҕаланаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...