08.04.2022 | 20:00

Маастардар кэккэлэрэ хаҥыыр

Маастардар кэккэлэрэ хаҥыыр
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Адаптивнай спорт доруобуйаларыгар сүһүөхтэринэн хааччахтаах спортсменнара олорон эрэ волейболга өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар дьахталларга уонна эр дьоҥҥо аҕыстыы хамаандалара түөрт күн күрэхтэстилэр.

Чемпионат үөрүүлээхтик аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, Арассыыйа Паралимпийскай кэмитиэтин Саха сиринээҕи региональнай салаатын бэрэссэдээтэлэ, өрөспүүбүлүкэ адаптивнай спорка Федерациятын салайааччыта Николай Дегтярев, Адаптивнай физическэй култуура уонна спорт Өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин дириэктэрэ Анастасия Михайлова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин волейболга федерациятын бэрэсидьиэнэ Янис Ефимов, “Сахава” бочуоттаах маастара Зинаида Афанасьева чемпионат кыттыылаахтарыгар эҕэрдэлэрин анаатылар.

Арассыыйаҕа миэстэлэспит Ньургуйаана Барахсинаҕа, Светлана Софроноваҕа, Евдокия Александроваҕа, Сардаана Прокопьеваҕа олорон эрэ волейболга маастар нуорматын толорбуттарын туоһулуур түөскэ иилиллэр бэлиэлэри уонна дастабырыанньалары туттардылар. Саргылаана Андросова, Татьяна Белова, Александра Капитонова, Станислав Никитин, Дьулустаан Захаров маастарга кандидат бэлиэлэрин уонна дастабырыанньаларын туттулар.

Дьахталларга Светлана Муратова, Анжелика Федорова, Светлана Шишкина, Ньургуйаана Барахсина, Туйаара Копырина, Татьяна Белова, Сардаана Федорова састааптаах Дьокуускай хамаандата бастаата, Нам – иккис, Сунтаар үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.

Олорон эрэ волейболга Европа уонна аан дойду чөмпүйүөҥкэтэ, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара Алена Дмитриева хапытааннаах Сунтаар дьахталларын хамаандата бириистээх үһүс миэстэҕэ тигистэ: “Сылтан сыл аайы улуустар хамаандалара оонньуур таһымнара үрдээн иһэр. Саҥаттан саҥа оонньооччулар баар буолаллар. Бачча ыраах кэлэн баран сыалбытын-сорукпутун ситистибит диэн үөрэбит. Шура Константинова, Агаша Данилова, Лида Жиркова үчүгэй оонньуулары көрдөрдүлэр. Бэтэрээннэрдээхпит. Уонна, үөрэрим диэн, хамаандабытыгар биэс оҕолоох ийэ баар, барыбытыгар улахан холобур көрдөрөр. Волейбол диэн, мин санаабар, бастатан туран, доҕордоһуу, доҕоттордоноҕун, өйөһүү, өйдөһүү, түмсүү буолар уонна киһи бэйэтигэр баар кыаҕын көрүнэр. Мин бэйэм билигин Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыттан тахсыбытым. Бочуоттаах сынньалаҥ курдук дьиэбэр олоробун, болҕомтобун дьиэ кэргэммэр уурабын. Үлэ биэриэхтэрэ диэн күүтэбин. Олорон волейбол куукунатын билэбин, онон иҥэриммит уопуппун тарҕатыахпын, ыччаттарга, ханнык баҕарар улууска тиийэммин маастар-кылаастары ыытаммын үөрэтиэхпин, инструктор дуу, тренер дуу быһыытынан үлэлиэхпин сөп”.

 

Эр дьоҥҥо Мэҥэ Хаҥалас хамаандата хотторуута суох иһэр чурапчылары уонна дьокуускайдары кыайталаан, инники күөҥҥэ таҕыста. Бу туһунан олорон эрэ волейболга маастарга кандидат Александр Шишигин санаатын үллэһиннэ: “Тыҥааһыннаах оонньуулар буола тураллар. Кыайтарыыта суох иһэбит. Салгыы үчүгэй оонньууларга эрэнэбит. Чурапчылары хоппуппут гынан баран, хамаандалара күүстээх. Күрэхтэһии бүтэ илик. Ким бастыыра биллибэт. Биһиэхэ биир баар суох доруобайбыт Семен Баишев уонна Дима Афонскай үчүгэйдик оонньоотулар, иккиэн эдэр, кэскиллээх уолаттарбыт. Мин 2016 сыллаахтан үлүһүйэн оонньуубун. Түгэнинэн туһанан Баһылай Кириллиҥҥэ улахан махталбын тиэрдэбин, хамаанданы түмэн көҕүлээбитигэр. Атахпын 2011 с. эт таһыытыгар үлэлии сылдьаммын эчэппитим. Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар сүрүн тренербит Константин Гаврильев Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэрэн, дьарыктаан, 2018 с. Арассыыйаҕа үһүс буолбуппут, маастарга кандидат нуорматын толорбуппут. Олорон эрэ волейболга Саха сирин хамаандата сүрдээҕин сайынна. Анастасия Семеновна Михайлова дириэктэрдээх Адаптивнай кииҥҥэ улахан үлэ барар. Үрдүк ситиһиилэр кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин!”

 

Олорон эрэ волейбол сайдар кэскилэ киэҥ.

Дьахталларга Алена Дмитриева (Сунтаар), Диана Готовцева (Нам), Мария Пермякова (Мэҥэ-Хаҥалас), Ньургуйаана Барахсина (Дьокуускай), эр дьоҥҥо Никита Лобанов (Амма), Стас Никитин (Чурапчы), Тиит Иванов (Мэҥэ-Хаҥалас), Александр Шишигин (Мэҥэ-Хаҥалас) бастыҥ оонньооччуларынан ааттаннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....