02.11.2022 | 18:00

Маастар-кылааска балаклавалары тигэллэр

Национальнай художественнай музейга «Мы вместе» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн байыаннай сулууспалаахтарга балаклава тигиитигэр маастар-кылаастары тэрийэллэр.
Маастар-кылааска балаклавалары тигэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Маастар-кылаастар сэтинньи 6 күнүгэр диэри күҥҥэ иккитэ ыытыллыахтара. «Хас биирдии тикпит балаклавабытыгар «Үс кут» ойуулаах этикеткэлэри иилэбит. Харысхалбыт саллааттарбытын араҥаччылыы сырыттын», - диэн кэпсиир Худуоһунньук дьиэтин методиһа Варвара Заровняева.

Алтынньы 14 күнүттэн барыта сэттэ маастар-кылаас ыытыллыбыт. Ити кэм устата сүүрбэ үөрэнээччи 34 балаклаваны тикпит.

«Маннык аахсыйалары ыытар наада, хас биирдиибит төһө кыалларынан көмөлөһөр эбээһинэстээхпит дии саныыбын. Уопсай дьыалаҕа көмө буолбуппуттан киэн туттуом. Сулууспалыыр дьоммут кыһалларбытын, кинилэри күүтэрбитин билиэхтээхтэр», — диир СӨ Доруобуйа харыстабылыгар миниистирин солбуйааччы Надежда Федорова, аахсыйа кыттыылааҕа.

Аахсыйаҕа кыттыан баҕалаах дьон оптуорунньуктан субуотаҕа диэри 10-18 ч. Дьокуускай, Лермонтов уул., 31/2б аадырыһыгар тиийиэххитин сөп. Билсэр төлөпүөн: +7 (924) 661-57-55.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...