МААССАБАЙ ВАКЦИНАЦИЯ САҔАЛАННА
Тохсунньу 18 күнүттэн коронавирус дьаҥын утары маассабай вакцинациялааһын саҕаламмытын туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб иһитиннэрэр. Билигин вакцина икки көрүҥэ дьоҥҥо бэриллэр: «Гам-Ковид-Вак» уонна «ЭпиВакКорона».
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин 13 улууһугар вакцинация ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 39 быһыы туруорар учаастак үлэлиир. Сотору кэминэн маассабай вакцинацияҕа ананар эбии вакцина кэлэрэ күүтүллэр.
КИМ СЭРЭНИЭХТЭЭҔИЙ?
Вакцинаны ылар көҥүллэммэт:
Вакцина састаабыгар баар хайа эмэ эттиккэ аллергия баар буоллаҕына;
Ыарахан аллергиялаах дьоҥҥо;
Олохсуйбут ыарыыгыт көбө сылдьар кэмигэр (үтүөрдэххитинэ 2-4 нэдиэлэ буолан баран ылыаххытын сөп);
Инфекционнай ыарыылаахтарга;
Хат уонна оҕо эмтэрэр дьахталларга;
18 саастарын туола илик оҕолорго.
Вакцинаны ылыаххыт иннинэ бырааска көрдөрөҕүт. Быраас уопсай туруккутун, температураҕытын, хааҥҥыт кислородун, күөмэйгитин көрөр.
Вакцинацияҕа баҕа өттүнэн сөбүлэһэргит туһунан кумааҕыны хайаан да толороҕут.
Быһыыны икки түһүмэҕинэн туруораллар: бастаан 0,5 мл доза былчыҥҥа бэриллэр, онтон 21 күнүнэн 0,5 мл доза туруоруллар.
Укуолланан баран 30-ча мүнүүтэ балыыһаҕа олорон эрэ бэйэҕитин кэтэнэҕит.
Быһыыны ылбыккыт кэннэ бастакы 5 күн устата температураҕыт тахсыан, уопсай сылаабайдааһын баар буолуон, төбөҕүт ыалдьыан сөп. Кирииптээбит курдук турукка киирэн тахсыаххытын сөп. Баҕар, укуол ылбыт сиргит иһиэ, кытарыа. Хотуолааһын, аппетит намтааһына сэдэхтик бэлиэтэнэр.
Укуол ылбыт сиргитин 3 күн устата илиппэккит, баанньыкка, саунаҕа сылдьыбаккыт, арыгы иһэр, аһара ноҕоруускаланар көҥүллэммэт.
Укуолгут иһэн таҕыстаҕына аллергия эмин, температуралаатаххытына кыраадыс түһэрэр эми иһиэххитин сөп диэн быраастар сүбэлииллэр.
Вакцина ылбыт буоллаххытына харыстаныы миэрэлэрин син биир тутуһаргыт ирдэнэр. Уопсастыбаннай миэстэлэргэ бэрчээкки, мааска кэтэр, социальнай тэйиччи туттууну тутуһуу булгуччулаах.
Вакцина кэннэ быраас визиткатын эбэтэр төлөпүөнүн нүөмэрин биэриэхтээх. Туох эмэ боппуруос үөскээтэ да киниэхэ эрийиэхтээххит.
Гам-КОВИД-Вак (ол эбэтэр Спутник V)
Н.М.Гамелея аатынан эпидемиология киинэ айан таһаарбыта (Москва).
Атырдьах ыйын 11 күнүгэр регистрацияламмыта.
Иккитэ бэриллэр, вакцинация икки арда 3 нэдиэлэ.
Аденовирус уонна коронавирус белогар оҥоһуллубут. Вирус киһи килиэккэлэригэр генетическэй матырыйаалы тиэрдэр, ол эрэн онно элбээн, ууһаан барбат. Организм бэйэтэ антитела үөскэтэн барар.
18 саастарыттан үөһэ улахан дьоҥҥо бэриллэр.
Ким ылбатый:
Ыарахан аллергиялаахтар;
Инфекционнай уонна инфекционнайа суох ыалдьа сылдьар дьон;
Хроническай ыарыы бэргээбит кэмигэр;
Хат уонна оҕо эмтэрэр дьахталлар;
18-тарын туола илик дьон.
Укуол ылбыт сиргит кытарыан, иһиэн сөп. Температураҕыт тахсыан, сүһүөх, былчыҥ, төбө ыалдьыан сөп.
ЭпиВакКорона
“Вектор” вирусология уонна биотехнология киинэ оҥорон таһаарбыта (Новосибирскай).
Сэтинньи 13 күнүгэр регистрацияламмыта.
Иккитэ бэриллэр, вакцинация икки арда 3 нэдиэлэ.
Пептидтартан турар вакцина, ол аата искусственнай белок туһаныллар. Организм иммуннай эппиэтин уһугуннарар, антитела үөскээн барар.
18-60 саастаахтарга ананар.
Ким ылбатый:
Ыарахан аллергиялаахтар;
Инфекционнай уонна инфекционнайа суох ыалдьа сылдьар дьон;
Хроническай ыарыы бэргээбит кэмигэр;
Хат уонна оҕо эмиийдиир дьахталлар;
18-тарын туола илик дьон.
“Первичный иммунодефицит” ыарыылаахтар;
Укуол ылбыт сиргит кытарыан, иһиэн сөп. Температураҕыт 38,5-тэн тахсыан сөп.
Вакцинацияламмыттарга коронавируска иммунитет иккис укуолу ылбыккыт кэннэ 3 нэдиэлэнэн үөскүүр.
Билиҥҥитэ иммунитет 5-7 ый баар буолара бигэргэннэ. Сабаҕалааһын быһыытынан вакцина кыччаабыта сыл устата туһалыахтаах. Чуолкайын салгыы ыытыллар чинчийиилэр быһаарыахтара.
Вакцинация иннинэ:
Быһыыны туруортарыаххыт иннинэ “Госуслуги” киирэн регистрацияланар тоҕоостоох. Манна тус кабинеккытыгар вакцинациялааһын түһүмэхтэрин туһунан толору иһитиннэрии киирэр. Бэйэни кэтэнэн көрүү дневнигэ толоруллар. График быһыытынан вакцинаны иккитэ туруортарбыккыт кэннэ СЕРТИФИКАТ кэлэр.
КУЛУН ТУТАРГА ӨССӨ БИИР ВАКЦИНА ТАХСЫАҔА
2021 сыл кулун тутар ыйыгар Арассыыйа наукатын академиятын Чумаков аатынан иммунобиологическай препараттары оҥорор уонна чинчийэр Федеральнай научнай киинэ оҥорбут коронавирустан вакцината тахсыаҕа диэн ТАСС иһитиннэрдэ.
Иһитиннэриини «Россия-1» ханаалга «Вести недели» бырагыраамаҕа инновация уонна бырайыактыыр үлэ киинин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Константин Чернов тириэртэ: «Биһиги коронавирустан вакцинабыт, быһа холоон, кулун тутарга тахсара былааннанар», — диэтэ.
Чернов бэлиэтииринэн, коронавирус геномугар 50-тан тахса араас белок баара бэлиэтэммит. «Эккэ-хааҥҥа эттиккэ баар испиэктири барытын билиһиннэрдэххэ, ордук комплекснай харыстаныы күүтүллэр», — диэн кини быһааран эттэ.
65+ СААСТААХТАРГА БОЛЬНИЧНАЙ ЛИИС ОҤОҺУЛЛУОХТААХ
65 саастарын ааспыт судаарыстыбаннай сулууспалаахтарга больничнай лиис биэрбэт түгэннэригэр, үлэ инспекциятыгар үҥсүөхтэрин сөп.
Бу туһунан суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина үгэс буолбут брифинг кэмигэр кэпсээтэ: «65 саастарын ааспыт дьоҥҥо больничнай биэрэргэ аккаастыыллар диэн иһиттибит. Оннук түгэн таҕыстаҕына, гострудинспекцияҕа тыллааҥ, кэмигэр дьаһайыахха наада», – диэтэ кини.
Санатан эттэххэ, саҥа тахсыбыт Ил Дархан ыйааҕар олоҕуран, хааччахтааһын миэрэлэрэ олунньу 15 күнүгэр диэри уһаатылар. Аҕа саастаах дьоҥҥо бэйэ изоляциятын кэмигэр больничнай, төлөнөр уоппуска эбэтэр дистанционнайдык үлэлииргэ кыах бэриллиэхтээх.
Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ Великобританияттан кэлэр дьон Арассыыйаҕа төннүбүт күннэриттэн 14 күннээх бэйэ изоляциятын эрэсиимин тутуһаллара булгуччулаах. Великобританияҕа коронавирус саҥа штаммын булбуттара.