19.10.2023 | 12:30

Маассабай көҕөрдүүнэн эрэ куорат быылын суох оҥоруохха сөп

Маассабай көҕөрдүүнэн эрэ куорат быылын суох оҥоруохха сөп
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Программа хааччыйыытыттан бүтүн систиэмэ үлэтэ тутулуктаах. Саха сиригэр, чуолаан Дьокуускайга,  бу кэскиллээх хайысханан дьарыктанар тэрилтэ баар эбит. 
«СмартОм» тэрилтэ анал аппаратнай комплекс быһыытынан үлэлиир. Үс сыл анараа өттүгэр өрөспүүбүлүкэ программанан хааччыйыы бастыҥ оҥорооччулара холбоһорго санаммыттар. Онон билигин биир өйдөөх-санаалаах саха уолаттара аатырар Н.Э. Бауман аатынан Москватааҕы университет,  «Ростех», «АЛРОСА» уонна да атын баараҕай тэрилтэлэри кытта тэҥҥэ үлэлэһэллэр, туспа тэрилтэ арынан, сайдыы аартыгын арыйаллар. 

«СмартОм» тэрилтэ туһунан

«СмартОм» IT-тэрилтэ ааспыт сыл кулун тутар ыйтан саҕалаан үлэлиир. Үс доҕордуулар – Максим Михайлов, Артем Болтунов уонна Иван Филиппов тэрийбиттэр. Кинилэр бары – М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет выпускниктара.

«СмартОм» хамаандата тоҕус киһиттэн турар. Кинилэр Дьокуускай куорат IT-пааркатын уонна «ОРЕХ» резиденнэринэн буолаллар. Ааспыт сылга «Б8» акселераторы ааһаннар, судаарыстыбаттан 1,6 мөл. солк. көмө харчыны ылары ситиспиттэр.

Тэрилтэ бэйэтин иннигэр киэҥ далааһыннаах сыалы-соругу туруорар. Агропромышленнай комплекска, хайа уонна ньиэп-гаас промышленнаһыгар, куорат хаһаайыстыбатыгар цифровой эйгэни тэрийэн үлэлэтэр, хааччыйар. 

Максим Михайлов, “SmartOm” хампаанньа генеральнай дириэктэрэ:

— Биһиги тэрилтэбит  тус сыаллаах логическай хонтуруолу оҥордо, программнай-аппаратнай комплекстары тэрийэр кыаҕы үөскэттибит. Ол курдук тустаах дааннайдары хомуйар уонна ырытар эрэ буолбакка, туспа туруоруллубут садаачаларга, хас биирдиилэригэр анаан тутар-таҥар кыаҕы төрүттээтибит. Куруук буоларын курдук, маннык программалар үксэ “пакетнай” буолаллар, ол эбэтэр онно инструменнар хомуурунньуктара киирэр диэххэ сөп. Ону барытын тэрилтэ эбэтэр хампаанньа бэйэтин туһугар сатаан туттубат да буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ кинилэргэ сөп түбэспэт буолуон сөп. Онон сиэттэрэн, тэрилтэлэргэ табыгастаах буоллун диэн, наадыйар программнай хааччыйыыларын судургутук оҥорон биэрэбит.

Холобур, биһиги билигин өрөспүүбүлүкэ уу суолун мелиорациялааһыныгар управлениетын уонна уу хаһаайыстыбатын салаатын кытта уу таһымын хонтуруоллуур,  уу ситимин автоматическай салайыы көмөтүнэн программаны оҥордубут. Бу боппуруос экологияҕа уонна өрүс, күөл туруктарыгар эрэ буолбакка, оннооҕор баһаартан сэрэхтээх буолуу боппуруоһугар эмиэ улахан суолталаах. Программа туох баар ымпыгын-чымпыгын барытын учуоттаан, билигин тустаах сертификациятын кэтэһэбит.

— Тыый! Олус интэриэһинэй. Өссө ханнык социальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ үлэлиигит?

— Дьокуускай куорат кырыс буорун байытыы тиэмэтигэр научнай-чинчийэр конструкторскай үлэлэри ыытабыт. Ол инниттэн көҕөрдүүгэ, быыл суох буоларыгар үлэлэһэбит, бырайыактары толкуйдуубут. Манна биири тоһоҕолоон этэбин – маассабай көҕөрдүүнэн эрэ куорат быылын суох оҥоруохха сөп.

Дьокуускай куорат былыргы күөл үрдүгэр турар. Буора, сир үрдүнээҕи араҥата – аллювиальнай кырыс, боростуой тылынан эттэхпинэ – өрүс кумаҕа, манна туох даҕаны үүнэр кыаҕа суох. Хайдах даҕаны уларытар кыах суох, баар кумаҕы уонна буору сөптөөхтүк туһаныахха, байытыахха наада. Мульчированнай үүнээйи эбэтэр түгэҕинэн бүрүллүбүт уулаах күөллэр баар буолуохтаахтар. Бу туһунан «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» муниципальнай хааһына тэрилтэтин кытта бырайыак былаанын оҥорбуппут. Аны кэлэр сыллартан үлэбитин өссө тэтимирдэн биэриэхпит. Ону тэҥэ оттук хаачыстыбалаах систиэмэтэ наадатын учуоттуохпут.

Манна эбэн эттэххэ, дьон күөх үүнээйилэри тэпсиэ суохтаахтар, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахтар. Оннук санаа хас биирдии куорат олохтооҕор, ыалдьытыгар үөскүөхтээх дии саныыбын. Ол туһунан элбэхтик кэпсиэххэ, нэһилиэнньэҕэ сырдатар улахан үлэ барыахтаах дии саныыбын.

— Куоракка ханнык үүнээйини олордор табыгастаах буолуо дии саныыгын?

— Мин санаабар, Сибиир акациятын олордор үчүгэй. Бастатан туран, кэрэ. Иккиһинэн, биһиги усулуобуйабытыгар сөп түбэһэр.

 

«АЛРОСА» уонна «Ростех» тэрилтэлэри кытта бииргэ

— «АЛРОСА» тэрилтэни кытта бырайыакпытыгар «Цифровой рудник» диэн ааты биэрдибит. Биһиги сорукпут – оҥорон таһаарар тэрилтэҕэ салайыыны уонна систиэмэ бизнес-бырассыастарын систиэмэлээһин буолар. Судургутук этэр буоллахха, биир ситимҥэ киллэрэн салайыы.

Биһиги икки кыһалҕаны көрөбүт: биллэр биричиинэнэн ырыынакка сүрүн разработчиктар суох буолуулара уонна пакетнай бородууксуйа кыһалҕата. Быраабыла курдук, хампаанньа салаалара программнай утары туруулары көрсөллөр. Тоҕо диэтэххэ бөдөҥ хампаанньалар хас даҕаны программанан үлэлииллэр. Бу манна барытыгар цифровой үллэриилэр биир кэлим тиһигин ырытан оҥоруохтаахтар, олору барытын биир циклга киллэрэн, биир эппиэттээх платформаҕа түмүөхтээхтэр. Ити сыалынан технологическай бырассыастар  содулларын көрөн, үөрэтэн, чинчийэн – биир программа оҥоруохтаахпыт.

«Өйдөөх» гидропоннай ферма

— «Ростех» тэрилтэтин кытта ханнык үлэни ыытаҕыт?

— «Ростех» хампаанньаны кытта роботическай систиэмэлэр бииргэ үлэлээһиннэрин бырайыагын оҥоробут. Билигин чинчийиилэри ыытабыт. Бауман институтун кытары тус сыаллаах соруктары олоххо киллэрэр, биир тирээн турар соругу толорор роботтары айарга сананныбыт.

Манна даҕатан эттэххэ, бүттүүн Саха сирин IT-тэрилтэлэрэ, өрөспүүбүлүкэ инновационнай экономиката уонна биһиги хампаанньабыт өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, аан дойдуга тиийэ технологическай бырассыастары салайарга, хонтуруоллуурга дьулуһар.

Уу таһымын кээмэйдиир тэрил

Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар саҥа таһым

Мин билэрбинэн, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар эмиэ туспа бырайыактааххыт, ол туһунан билиһиннэр эрэ.

— 1000-тан тахса тэрил холбонор, 5-10 км диапазоннаах базовай станциялары уонна модемнары оҥоруунан дьарыктанабыт. Маны промышленнай радиоканал нөҥүө олоххо киллэрэбит. Мин санаабар, «Өйдөөх куорат» систиэмэтигэр уонна ОДьКХ үлэтигэр барсыан сөп. Номнуо хас даҕаны тэрилтэни кытта хантараак түһэрсэн, ситиһиилээхтик үлэлии сыдьабыт.

— Максим, кэпсээниҥ иһин махтанабын, ситиһиилэри баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...