07.05.2020 | 10:13

Мааскалары босхо тарҕаттылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куораппыт уулуссаларыгар үс оҕо бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн аһымал аахсыйа ыыттылар. Ол курдук, Екатерина киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэр, Алексей – куруусчут, Олег рестораҥҥа асчыттынан үлэлиир. Кинилэр маарыланан мааска тигэн, уулуссаҕа ааһан эрэр дьоҥҥо түҥэттилэр.

“Биһиги ханнык да уопсастыбаннай тэрилтэҕэ турбаппыт. Аптекаларга сыананы наһаа үрдэттилэр, ол иһин бу маарыланан мааска тигэн, уулуссаҕа ааһан эрэр дьоҥҥо түҥэттибит. Барыта 100-чэкэ устууканы бэлэхтээтибит. Дьон-сэргэ араастык сыһыаннаһар, ким эрэ аккаастанар, ким эрэ олус үөрэ- көтө, махтана ылар. Сүрүннээн, саастаах дьоҥҥо түҥэттибит”, - диэн оҕолор кэпсииллэр.

Санатан эттэххэ, Дьокуускайга булгуччулаах мааска кэтэр эрэсиим киирбитэ. Онуоха вирустан көмүскэнэр тустаах средствоны киһи аптекалартан булбат, оттон маҕаһыыннар ыаратан атыылыыллар. Онон маннык аахсыйалар билигин олус наадалаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....