07.02.2021 | 17:25

МААСКА ЧАХЧЫ ТУҺАЛЫЫР ДУО?

МААСКА ЧАХЧЫ ТУҺАЛЫЫР ДУО?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2020 сыл устата мааска, бэрчээкки кэтэргэ үөрэннибит, илиибитин күҥҥэ хаста да кичэйэн мыылалаан суунары, илии тутуһуута суох кэҕис гынан дорооболоһору уонна да атын харыстанар албастары бэркэ баһылаатыбыт.

Оттон бу күннэтэ кэтэр мааскабыт чахчы туһалыыр дуо?

Медицинскэй мааска (иккис аата хирургическай) – муруну уонна айаҕы анал фильтринэн сабарга ананар. Мааска вируһу эҕирийэн ылартан хаххалыыр. Маны таһынан бэйэҥ ыалдьа сылдьар буоллаххына ыарыыгын тарҕаппат.

Сорох ыарыы хараҕынан кытта сүһүрдүөн сөп. Оннуктарга коронавируспут кытта киирсэр. Оттон мааска хараҕы хайдах да хаххалаабат.

Билиҥҥи биир өттө халлаан күөх, иккис өттө маҥан өҥнөөх мааскаларбыт 3 хос матырыйаалтан тураллар. Ортотугар баара – фильтр. Сирэйгэ лаппа олордун диэн мурун өттүнэн алюминийтан киллэһиктээх. Бу мааска харыстыыр кыаҕыгар 4 хос тутуллубут х/б таҥастан тигиллибит мааска тэҥнэһиэн сөп эбит.

Арассыыйаҕа олохтоммут санитарнай быраабылалар таҥас мааскалары, медицинскэй суох буоллаҕына эрэ кэтэри уонна оргутан стерилизациялыыры ирдииллэр.

МАСКНЕ ДИЭН ТУГУЙ?

Мааска харыстыыр кыаҕын уонна кэтии быраабылатын элбэхтик суруйдубут. Ол иһин медицинскэй  мааскаттан эмсэҕэлээһин, аллергия уонна ааспыт сыл биир саҥа кыһалҕата буолбут – маскне туһунан кэпсээтэхпитинэ табыллар.

Маскне – 2020 сылга, бэл, аан дойду тылдьыттарыгар кытта киллэриллибит тыл буолла, коронавирус пандемията үөскэппит тыла, неологизм. “Маска” уонна “акне” диэн тыллартан таһаардылар.

Маасканы өр кэттэххэ  маскне тахсар эбит. Бу бытархай, күөх ириҥэлээх ымынах. Иэдэскэ, муруҥҥа, айах тула тахсар – мааска сыстар сиринэн.

Аан дойдутааҕы Доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ уонна РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, уопсастыбаннай тырааныспарга, дьон тоҕуоруһар сиригэр хайаан да мааска кэтэри ирдиир. Ол аата хас биирдиибит күҥҥэ кыччаабыта 30 мүнүүтэ мааска кэтэн ылар.

Маскне туохтан тахсарый?

СӨ Кожно-венерологическай диспансерыгар кэпсээбиттэринэн, маскне тахсарыгар сүрүннээн маннык төрүөттэр бааллар:

Киһи тириитигэр мааска нөҥүө ыраас салгын ситэ киирбэт.

Мааска иһигэр тыынабыт, тиритэбит. Мааскабыт сиигирэр, бактериялар үөскүүллэр.

Мааска матырыйаала киһи тириитин аалар – тирии тас бүрүөһүнэ алдьанар.

Мааскалаах сылдьар киһи тыына кылгыыр, ыгылыйар -  ол аата стресс ылар. Стресс, о.э. күүрүү баар буоллаҕына тирии бэйэтин сыатын (себум) таһаарара элбээн биэрэр. Онно эмиэ патогеннай бактериялар төрүүллэр-ууһууллар.

Мааска иһигэр парник курдук тыыныы буолар, онно киһи бэйэтин микрофлоратын кытта араас бактериялар хойдоллор. Сирэйгит тириитэ урут ымынахтаах, баастаах эбит буолллаҕына, ол хайаан да бэргиир. Оттон ып-ыраас сирэйгэ саҥа ымынах тахсар. Биллэн турар, маскне киһиэхэ барытыгар тахсар диэн буолбатах, олох кыһаммат дьон эмиэ бааллар.

2020 сылга кэрэ буолуу индустриятыгар маскнены утары анал кремнэр, тониктар, суунар пенкалар айылыннылар. Бизнес биир салаата тэтимнээхтик сайдан эрэр. Бастакынан косметология өттүгэр саамай сайдыылаах дойду Корея таһаарда. Билигин Дьокуускайга Кореяттан косметиканы аҕалан атыылааһынынан дьарыктанар предпринимателлэр элбэхтэр, маскнены эмтиир кремнэргэ номнуо сакаас ыла олороллор.

МААСКАНЫ ТАҺЫРДЬА КЭТИМЭҤ!

Кыһын, ордук биһиги курдук тыйыс усулуобуйаҕа олорор дьоҥҥо, мааска кэтиитэ туһалыырынааҕар буортута элбэх буолуон сөп эбит. Таһырдьа мааскалаах аҕыйах хардыыны оҥордубут да хаххалыыр мааскабыт кырыарар, сиигирэр, тыыммытын хаайан барар. Киһи организмыгар кислород киириитэ мөлтүүр, хаан эргиирэ бытаарар. Ол иһин быраастар маасканы таһырдьа кэтимэҥ диэн хаһыатынан, араадьыйанан, телевидениенэн, социальнай ситимнэринэн тэҥинэн биллэрэ олороллор.

Ол үрдүнэн  биһиэхэ таһырдьа мааскалаах дьону элбэхтик көрсүөххэ сөп. Ордук кырдьаҕас эмээхситтэр, оҕонньоттор уулуссаҕа мааскалаах хаама сылдьалларыттан сөҕөбүн... Мааска курдат уһуннук тыына сырыттахха, кислород киириитэ мөлтүүр, организмҥа эттиктэр эргиирдэрэ бытаарар, иммунитет мөлтүүр, ол иһин киһи ханнык баҕарар вируска сүһүрүөн сөп буолар.

Быраастар суруйалларынан, маасканы кыра оҕоҕо кэтэрдэр буортулаах. Кини тыҥатын үлэтэ улахан киһи киэнинээҕэр мөлтөх, мааска нөҥүө тыынарыгар организмын кислородунан байытыытын таһыма түргэнник түһэн барарын учуонайдар быһаарбыттар.

Вирустан харыстанар маасканы таһырдьа кэтимэҥ!

ОПТУОБУСКА ТАҤАС МААСКА ОРДУК

Дьокуускай куорат Тырааныспарга уонна суол-иис инфраструктуратыгар управлениета оптуобустарга мааска кэтии эрэсиимин тутуһууну бэрэбиэркэлиир рейдэлэри ыытар.

Оптобуска мааската суох айааннаабыт киһиэхэ 5 тыһыынча солк. тиийэ ыстараап ууруллуон сөп.

Оптуобуска мааската суох дьоҥҥо кондуктордар өйдөтөр үлэни ыытыахтаахтар, полицияны ыҥырыахтарын да сөп. Суоппардар харыстаныы миэрэлэрин тутуһалларын эмиэ ирдиэхтээхпит.

ЯПАК оптуобустара уонна куорат иһинэн айанныыр чааһынай оптуобустар бары, Роспотребнадзор ирдэбилигэр олоҕуран, толору дезинфекцияны ааһаллар.

Билигин оптуобуска мааскалаах олордоххо сиигирэр, онтубут хороччу тоҥон хаалар. Салгыы ол мааскабытын кэппитинэн тахсан барабыт. Үчүгэйдээтэхпитинэ үлэбитигэр, тэрилтэҕэ киирэн ол мааскабытын уларытыахпыт, кыһаммакка салгыы дьыалаларбытынан-куолуларбытынан бара турдахпытына,  доруобуйабытыгар дьэ буортуну оҥоробут.

Оптуобуска таҥас мааска ордук табыгастаах. Сааамай сүрүнэ – сиигирэн баран хороччу тоҥон хаалбат.

ААТА-СУОЛА СУОХ МААСКА ЭЛБЭЭТЭ

Дьокуускайга медицинскэй мааска сыаната ортотунан 6 солк. буолан турар. Былырыын саас бу дьаҥ бастаан кэлэрин саҕана мааска сыаната 126 солкуобайга тиийэ сылдьыбыттаах. Аптекалартан да көстүбэт буолбутугар, таҥастан мааска тигиитэ бизнес саамай дохуоттаах салаата буола түспүтэ.

Ол саҕанааҕы курдук буолбатах, мааска билигин атыыга дэлэйдэ. Хаһаайыстыбаннай маҕаһыыннарга 50-нуу устууканан салапааҥҥа сууламмыт маасканы көтөҕүнэн сүгэн тахсыахха сөп. Ол эрэн бу мааскалар туох да этикетката, суруга-бичигэ суох атыыланаллар. Ханна, ким оҥорбутун дуу, аҕалбытын дуу ким да билбэт...

Регионнааҕы лизинг хампаанньата  медицина мааскаларын оҥоруунан дьарыктанар “Стандарт 14” хампаанньаҕа 3,5 мөл. солк. судаарыстыбаннай өйөбүлү анаабытын туһунан Предпринимательство министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитэ. “Тирэхтээх сайдыы” бырагыраама чэрчитинэн бэриллэр үп-харчы тэрилтэ маасканы оҥорон таһаарар автоматическай оборудование ыларыгар туттуллуоҕа, оччоҕо Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар мааска ахсаана биллэ элбиэхтээх”, – диэн биллэрбиттэрэ. Ол эрэн Саха сиригэр оҥоһуллубут маасканы харахтаан көрө иликпин... Арай Кытайтан кэлбит мааска лааппы аайы ыһылла сытар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...