09.08.2020 | 17:11

Маһы ыллатар уус кыргыттар Саргылана уонна Валентина

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи кэмҥэ  кыргыттар эр дьонтон хаалсыбат буоллулар. Кэрэ аҥаардар билигин уһанар буолбуттара, кинилэр бу эйгэҕэ эмиэ талааннаахтарын туоһулуур. Мин бүгүн сырдатар кыргыттарым уһаммыттара олох ыраатта. Күн аайы илиилэриттэн лобзик диэн тэрили араарбаттарын кэриэтэ. Анал уһанар мастарыскыайдарыгар күн  аайы тахсан ити тэриллэрин, кэрэ музыка курдук имигэс тарбахтарынан “дыыгыната” оонньотоллор. Дьэ, маһы ыллатар кыргыттар...

Саргылана Ньурба улууһун Антоновкатыттан, Валентина уустар төрүт дойдуларыттан, Таатта улууһун Баайаҕатыттан төрүттээхтэр. Бүгүҥҥү нүөмэргэ кинилэр айылҕаттан уонна удьуордарыттан бэриллибит дьоҕурдарыттан оҥоһуллубут мас  оҥоһуктары, муоһунан таҥыллан оҥоһуллубут сувенирдары көрөн, хараххытын сымнатыҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабын. 

                          Биир түгэн уус буоларбар кыахпын арыйбыта

Саргылана Пантелеймоновна Алексеева, Ньурба улууһун Антоновка сэлиэнньэтигэр олорор элбэх оҕолоох ийэ, эбэ:

– Бу дьикти идэбин баһылыырбар Дьылҕа Хаан бэйэтэ сирдээбитэ. 2007 сыллаахха саҥа дьиэ тутта сылдьан, кэргэним Андрей Владимирович илиитин эчэтэн улаханнык моһуоктаммыта. Үлэбит барыта тохтоон хаалбыта. Күһүн ыган кэлбитигэр ыксаан, илиибэр  устуруус ыламмын, муостам маһын, кэргэним ыйан биэрэринэн, бэйэм устуруустаан барбытым. Онтон салгыы саҥа дьиэлээх киһи, дьиэм иһин-таһын киэргэтэр баҕаттан уонна харчы кырыымчыга кыһайан, дьиэ тээбириннэрин, киэргэллэрин маһынан оҥорон саҕалаабытым. Ити курдук, бу эйгэҕэ ыллардар ылларан испитим. Ол кэнниттэн кэргэним миэхэ анаан уһанар мастарыскыай тутан биэрбитэ. Сөбүлүүр идэбинэн  дьарыктанар усулуобуйам тупсан, күн-дьыл кэмиттэн тутулуга суох, мастарыскыайбыттан тахсыбаппын. Билигин күн аайы үлэлээх киһи курдук, онно тахсан уһанан, күммүн билбэккэ аһарабын. Онон уһаммытым 14-с сылыгар барда.

  Мас арааһын, сааһын кистэлэҥин, куурдуу уустуктарын, ыпсарыы ымпыгын-чымпыгын, кыһар ньымалары, туттар тэрил уратытын барытын баһылаатым. Маска оһуор ойуутун түһэрэн баран, ону батыһыннара лобзигынан быһан оҥоробун. Ойууларбын бэс, хатыҥ хаптаһыҥҥа, фанераҕа түһэрэбин уонна онон сирдэтэн быһабын. Кыра дьиэ тэриллэриттэн уһанан саҕалаабытым. Билигин чааһынай дьон уонна тэрилтэлэр сакаастарынан миэбэл гарнитуру, улахан утуйар ороннору, эбиэттиир остуол, устуул кэмпилиэктэрин, оҕо олоппосторун, остуолларын, түннүк араамаларын, онтон да атын тэриллэри сакааска ылан үлэлиибин. Күн бокуой олох суох, нэһилиэнньэттэн сакаас  элбэх киирэр. Кэмигэр бүтэрэ охсорго дьулуһабын, оччоҕуна санаам чэпчиир. Оҥорбут үлэлэрбиттэн дуоһуйууну ылабын.

Сакаасчыт оҥорбут үлэбин үрдүктүк сыаналаатаҕына, ол – саамай улахан астыныым, үлэм түбүктээх түмүгэ. Онон мас ууһун оскуолатын толору аастым диэххэ сөп. Бэйэм сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору чөлүгэр түһэрэр “Арчы” кииҥҥэ үлэлиибин. Быыспар уһанабын. Тугу да оҥорботохпуна, айбатахпына-туппатахпына тыыным-быарым хаайтарар.

Саргылана маны таһынан мастиканан торт оҥорор, сахалыы эр киһи хомуһуолун, дьахтар халадаай ырбаахыларын тигэр бэртээхэй иистэнньэҥ.

Үлэлиир тэрилтэтин оҕолоругар эмиэ тигэр. Онон иннэтин кытта лобзик – бу күннээҕи туттар тэриллэрэ.

Бары өттүнэн дэгиттэр ыал хаһаайката.Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар быыстапкаларга кыттан элбэх номинация, анал ааттаах дипломнар, грамоталар хаһаайкалара буолар.

                            Ас астыырдааҕар маһы кытта тиниктэһэрбин ордоробун

Валентина Колодезникова, Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх, Дьокуускай куоракка олорор. Худуоһунньук-маастар, муосчут. Оҥоһуктарын барытын илиинэн кыһан оҥорор. 

Уһанар кэммэр өйүм-санаам ырааһырар, иэйии киирэр. Биллэн турар, хас биирдии киһи ис сүрэҕиттэн уһанар буоллаҕына, үлэтэ хаачыстыбалаах буолар. Идэбинэн да буолуо, сэлии муоһуттан  сувенирдары, харысхаллары оҥоробун. Онтум быыһыгар тайах муоһун эмиэ туттабын. Туоһунан илин-кэлин кэбиһэрдэри, бөҕөхтөрү, курдары,  ону таһынан брелоктары оҥоробун. Бэйэм анал үлэлиир мастарыскыайдаахпын. Онно таҕыстым да, бүтүүтэ. Миигин онтон ким да кыайан соһон таһаарбат. Оннук умсугуйан, ылларан туран уһанабын диэтэхпинэ, бука, омун буолбата буолуо. Төһө да быыллаах үлэ буоллар, мин онтон дуоһуйууну ылабын. Оҥорор оҥоһуктарым эскизтэрин барытын бэйэм уруһуйдуубун.

Уот харахтаах хахай утары турар ойуутун ким баҕарар кэрэхсии, тыыннааҕымсыта көрөр. Удьуорбар уус дьон бааллар. Маһынан эмиэ уһанабын. Аҕабыныын иккиэйэҕин 6*6 –лаах дьиэбитин бэйэбит туппуппут. Онон дьиэ тутарга кыра үөрүйэх баар. Бэйэм фантазиялаан беседка тутабын. Остуол, олоппос бу күннээҕи ааһан иһэр оҥоһуктарым буолаллар. 2011 сылтан уһанабын, миигин ким да анаан уһуйбатаҕа. Бэйэм үөрэммитим.

Инструменнарым – лобзик, устуруус, бормассыына, шуруповерт, шлифовальнай чочу, фреза. Бу тэриллэринэн күн аайы уһанабын, сүгэбин, көтөҕөбүн, туох да уустуга суох. Ас астыырдааҕар маһы кытта тиниктэһэрбин ордоробун. Сакааһынан үлэлиибин. Билигин кыра оҕобун көрөн олоробун, онон иллэҥ кэммэр уһанар дьарыктаахпын. Кэргэним Бииктэр эмиэ уус. Онон бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит.

Валентина сахалыы суумкалары, чаппараактары, кычымнары эмиэ тигэр эбит. Онон кини уһанар да, иистэнэр да.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....