07.04.2023 | 10:00

Маҥан таҥаһы сууйарга 7 тэттик сүбэ

Маҥан таҥас сыыйа-баайа саһарар. “Хаарыан футболкам бүтээхтээбит”, “пахай, сөбүлүүр ырбаахым киһи кэппэт буолбут”, “былаачыйам саһаран хаалаахтаабыт” диэн муҥатыйыыны үгүстүк иһиттэххит. Инньэ диэбэт туһугар бу судургу сүбэлэри тускутугар туһаныҥ.
Маҥан таҥаһы сууйарга 7 тэттик сүбэ
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

1. Сотору-сотору сууйуҥ, ол эрээри анал химиянан үлүһүйэр наадата суох. Наһаа элбэх бороһуоктан туттунуҥ, гранулалара таҥас быыһыгар мунньуллан хаалыахтарын, быылы тарда сытыахтарын сөп. Аҕыйах сириэстибэнэн сууйар уонна кичэйэн сайҕыыр ордук.
2. Хлордаах сириэстибэ таҥаһы маҥхатар, ол эрээри намчы быһыылаах таҥаһы алдьатар, кэбирэтэр. Ол түмүгэр сөбүлүүр таҥаскыт бөххө эрэ быраҕыллар туруктаныаҕа. Бу оннугар лимон суогун туһаныахха сөп. Олус күүскэ киртийбэтэх таҥаһы сууйарга үчүгэй, быһыытын, тутулун алдьаппат. 
3. Уопсайынан, сырдык таҥаһы тута сууйтаран иһиҥ. Пластик контейнерга өр сытан, салгына тиийбэккэ саһарар. Кирдээх таҥаһы лүөн эбэтэр джут корзинаҕа мунньар ордук диэн сүбэлиибит.
4. Таҥаһы сырдык эрэ диэн барытын бииргэ хаалаамаҥ. Маҥан таҥаһы туспа сууйуҥ. Маны сэргэ, өҥнөөх таҥастан уратыта диэн – итии ууттан куттаммат.
5. Маҥхатарга синьканы туһанар үчүгэй. Саһарбытын сүтэрэр. 1 лиитирэ ууга чаайынай ньуоска 4 гыммыт 1-рин кутуҥ. 
6. Кыаллар буоллаҕына, таһырдьа куурдуҥ. Күн – бастыҥ маҥхатааччы.
7. Уһун кэмҥэ харайа ууруох иннинэ хайаан да сууйуҥ. “Биирдэ эрэ кэппитим, киртийбэтэҕэ” диир сыыһа. Сорох бээтинэ таҥас уһуннук сыттаҕына тахсан кэлэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...