02.10.2020 | 11:11 | Просмотров: 643

Маҕан орто оскуолатыгар саҥа киин үлэлээтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аҕыйах хонуктааҕыта Маҕан орто оскуолатыгар “Точка роста” киин аһылынна. Үөрэнээччилэри, оскуола кэлэктиибин үөрэх кыһатыгар бэлиэ күнүнэн Арассыыйа үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов онлайн эҕэрдэлээтэ. 

Тэрээһиҥҥэ социальнай боппуруостарга куорат баһылыгын солбуйааччы Наталья Степанова, Үөрэх управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов, “Ритм” култуура дьиэтин дириэктэрэ Татьяна Тарасенко, 69 №-дээх “Брусничка” оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Варвара Татаринова, “Библиополе” нэһилиэк модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Мария Тимофеева, о.д.а. ыҥырыылаах ыалдьыттар кытыннылар. 

Наталья Степанова информатизация уонна цифровизация киһи олоҕор суолталарын, аныгы технологиялар үүнүү-сайдыы тирэҕэ буолалларын бэлиэтээтэ.

Арассыыйа үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов дойду хас биирдии оҕо хаачыстыбалаах үөрэҕи ыларыгар, талаанын сайыннарарыгар дьулуһарын туһунан эттэ. Ону таһынан “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн тыа сиригэр уонна кыра куораттарга, уопсайа 27 тыһыынча оскуола аныгы оборудованиенан хааччылларын туһунан иһитиннэрдэ.

Үөрэх управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов бырайыак аналын, уратытын кэпсээтэ, бу кииҥҥэ оҕолор элбэх саҥаны билиэхтэрэ, саҥа арыйыылары оҥоруохтара диэтэ.    

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.