Маҥан олохтоохторо Ил Дархан Дьокуускай социальнай-экономическэй сайдыытын бырайыагын туһунан Ыйааҕын дьүүллэстилэр
Куорат баһылыга Евгений Григорьев атырдьах ыйын 19 күнүгэр Маҥан сэлиэнньэтин олохтоохторун кытта көрсөн киин куорат 2022-2032 сылларга социальнай-экономическэй сайдыытын бырайыагын билиһиннэрдэ.
Көрсүһүүгэ Евгений Григорьев быйыл «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн Маҥан сэлиэнньэтигэр Кыайыы 40 сыла уулусса өрөмүөннэнэрин эттэ. Маны сэргэ Брусничнай уулуссаҕа сырдатыы ситимэ оҥоһуллар. Маҥанныыр тракт куорат диэки барар өттүгэр быйыл «Аэропорт» уонна «Маҕаһыын» сылаас тохтобуллары туруоруохтара.
«2024 сылга Сосновай уулусса суолун, Алымов 7 №-гэр баар стадион территориятын элбэх функциялаах спорт балаһааккатын оҥоруохпут. Түргэнник тутуллар спорт саалатын курдук оҥорор былаан баар. Модульнай эбийиэк тутан онно оскуоланы уонна оҕо уһуйаанын киллэрэр санаалаахпыт», – диэн бэлиэтиир куорат баһылыга.
Маҥан сэлиэнньэтин сүрүн кыһалҕата – кииннэммит уу ситимэ суоҕа. Икки оробуочай скважина баар даҕаны уулара иһэргэ барсыбата биллибит. «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МКТ салайааччыта Айаал Егинов ити кыһалҕаны быһаарарга бырайыактыыр тэрилтэни кытта хантыраак түһэрсиллибитин эттэ.
«Ити үлэ чэрчитинэн инники сайдыыны учуоттаан үс хайысханы көрөбүт. Бастакы вариант — резервуар тутан иһэр ууну аҕалааһын. Иккис – Маҥанныыр тракт уонна Экспериментальнай уулуссалар быһа охсуһууларыгар 13 км кэриҥэ усталаах уу ситимин тутуу. Үһүс – ууну бэлэмниир станцияны тутуу», – диэтэ Айаал Егинов.
Сөбүлэҥ кэнниттэн кииннэммит уу ситимин түмүк вариана ылыллар. Куорат баһылыгын сорудаҕынан бырайыагы Маҥан сэлиэнньэтин олохтоохторун кытта дьүүллэһиэхтэрэ.
Олохтоохтор оҕо уһуйаанын тутуутун, аптека пуунунан хааччыйыыны, ынах-сүөһү аһылыга тиийбэтин туһунан уо.о.д.а. ыйытыктары биэрдилэр.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев Маҥан сэлиэнньэтин олохтоохторун бары ыйытыктарын тус хонтуруолугар ыларын туһунан эттэ.