30.08.2024 | 16:00

Людмила Жиркова уонна «Үктэл» айар түмсүү быыстапката арылынна

Людмила Жиркова уонна «Үктэл» айар түмсүү быыстапката арылынна
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Ем. Ярославскай аатынан Саха сирин хотугу норуоттарын култуураларын уонна историяларын түмэлигэр норуот маастара, маастар-педагог, Дьокуускай куоракка “Үктэл” иистэнньэҥнэр айар түмсүүлэрин салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Людмила Жиркова “Национальнай тигии: үгэстэн аныгыга диэри” диэн быыстапката буола турар.

Людмила Жиркова ииһинэн анаан-минээн дьарыктаммыта уонтан тахса сыл буолла. Кини – бары өттүнэн дэгиттэр маастар, үгэс буолбут төрүт иис уонна аныгы тигии ньымаларын дьүөрэлээн, хас биирдии үлэтигэр бэйэтин санаатын уурар, илиитин сылааһын иҥэрэр.

Быыстапкаҕа «Үктэл» устуудьуйа салайааччытын уонна кини уһуйуллааччыларын ураты буочардара көстөр. Людмила Петровна үөрэнээччилэрин кытта араас таһымнаах тэрээһиннэргэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна тас дойдулар быыстапкаларыгар, таҥас көрдөрүүлэригэр кыттыбыта.

Маастар биир улахан бырайыагынан быысапканан тигиллибит Саха сирин каартата буолар. Бу каартаны “Үктэл” устуудьуйа 2023 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы “Вышитая карта России” куонкуруска анаан тикпитэ. Ураты уһулуччу айымньыны Людмила Петровна норуот маастардарын Ульяна Миронованы, Ньургуйаана Игнатьеваны уонна СӨ үтүөлээх архитектора Сергей Мироновы кытта алта ый устата айан-тутан таһаарбыттара. 

Каарта түөрт өрүтэ иккилии миэтэрэ уһуннаах уонна бу иһигэр 500-чэкэ кэриҥэ араас кыра быысапка ойуулардаах: от-мас, кыыл-сүөл, бырамыысаланнас, олох-дьаһах, айылҕа кэрэ көстүүлэрэ уонна Саха сирин норуоттара – барыта биир айымньыга түмүллэн, хатыламмат үлэҕэ кубулуйбут. Маастардар хас биирдии дэтээлин ымпыгар-чымпыгар тиийэ быысапкалаан таһаарбыт уруһуйдарын өйдөөн-дьүүллээн көрөргө аҕыйах мүнүүтэ тиийбэтэ биллэр.

Маны таһынан араас көстүүлээх саха таҥаһа, уран тигиилээх бууктаах соннор, кыбытык тигиилээх көбүөрдэр, оҕуруо оһуордаах киэргэллэр, сиэдэрэй симэхтээх суумкалар уонна аныгылыы туттар тэриллэр иистэнньэҥнэр хас биирдии үлэлэригэр сүрэхтэрин сылааһын, сатабылларын көрөөччүгэ тиэрдэллэр. Ол да иһин хас биирдии үлэ хатыламмат уратылаах, эриэккэс дьиктилээх. Төрүт үгэс өрө тутуллар, саха ииһэ-ууһа сайдар, утум салҕанар.

Быыстапка балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

 

Ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....