ЛЮБОВЬ КИПРИЯНОВА: “КИИН КУОРАТ АЙЫЛҔАТЫН ХАРЫСТАБЫЛА БЫСТАР МӨЛТӨХ”
Арассыыйа үтүөлээх эколога, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Айылҕа харыстабылын бэтэрээнэ Любовь Даниловна Киприянова билиҥҥи Саха сирин экологическай балаһыанньатыттан саҕалаан, бүтүн планета экологиятын сытыы боппуруостарыгар тус санаатын хорсуннук этэр, айылҕа харыстабылын эйгэтигэр үгүһү оҥорсубут киһи.
Кини уопутун, өйүн-санаатын, этэр тылын уонна олоххо көрүүтүн аныгы кэм салайааччылара истиэхтэрин наада.
ШТУКАТУР-МАЛЯРТАН САҔАЛААН
– Мин бэйэм Хаҥалас Хачыкаатыттан төрүттээхпин. 1948 сыллаахха төрөөбүтүм. Аҕам Данил Васильевич Киприянов үйэтин тухары холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн Сэбиэскэй сойуус Үрдүкү сэбиэтин 4-үс ыҥырыылаах мунньаҕар дьокутааттаабыт, Ленин уордьаннаах, бэйэтин кэмигэр биллибит, ытыктанар киһи этэ. Ийэм Анастасия Николаевна Маркова холкуоска оҕуруотчут этэ. Бииргэ төрөөбүт иккиэйэхпит – балтым Светлана Даниловна быраас идэлээх.
Сэрии кэннинээҕи ыарахан сылларга төрөөбүт оҕолор кыра эрдэхпититтэн үлэҕэ эриллэн улааппыппыт. Сойуус урусхаллаах сэрии кэнниттэн өрүттэр, атаҕар турар кэмэ этэ. Холобур, биһиги 2-ыс кылааска сылдьан пришкольнай учаастакка оҕуруокка күүстээхтик үлэлиир этибит. Хортуоппуй, хаппыыста көрөбүт, оннооҕор брокколи үүннэрэр этибит. Оччотооҕуга юннаттар хамсааһыннара наһаа сайдан турара. Александра Николаевна Прокопьева диэн учуутал дьаһайан үлэлэппитэ. Ол үүннэрбит оҕуруоппут аһын нэһилиэнньэҕэ ыаллары кэрийэ сылдьан атыылыырбыт.
Ол кэнниттэн 5-ис кылаастан окко киирбитим. Бастаан оҕус, онтон ат сиэппитим, онтон волокушанан от мустарыытыгар сылдьыбытым. Оччотооҕу “оскуола-производство-үрдүк үөрэх” бэрээдэгинэн, Хачыкаат оскуолатын кэннэ 1966 с. Булгунньахтаах орто оскуолатын бүтэрэн баран, Хомсомуол анааһынынан, Главякутстройга СМУ-1 үлэҕэ киирбитим. Саха ыччата тутуу эйгэтигэр халҕаһалыы анньан киирбит кэмэ этэ. Саха кыргыттара түмсэн, Торохова Наташа биригэдьиирдээх, штукатур-малярдар биригээдэлэрин тэриммиппит.
Дьокуускай куорат бөдөҥ тутууларыгар үлэлээбиппит. Биология институтун, билигин областной балыыһаҕа баар оҕо инфекционкатын, үүт собуотун тутуутугар үлэлээбиппит. Саамай улахан объекпыт, холобур, СГУ кылаабынай үөрэнэр корпуһа этэ. Туох да улахан тиэхиньикэ суох, барыта илии үлэтэ. Университекка олунньуга үлэлии кэллибит – тыбыс-тымныы. Бастакы этээскэ штукатуркабытын оҥорор “растворнай” диэн хос баар. Онтон растворбутун наһыылкаларга кутта-кутта кыргыттар бэйэбит таһан сыбыыбыт. Эбэтэр бүтүөннэринэн аҕалбыт кырааскаларын төрдүс этээскэ диэри таһааран кырааскалыыбыт. Ыарахан, илии күүһүн үлэтэ эбит. Оннук 1967 сыллаахха диэри үлэлээтим.
СГУ-га биолого-географическай факультекка туттарсан киирдим. Киирии 20 баалыттан мин 19-ка туттардым, онон холкутук киирэн хааллым. Ол инниттэн бэйэм Пушкинкаҕа бэлэмнэммитим, университет төлөбүрдээх куурустарыгар сылдьыбытым. Университекка да үчүгэйдик үөрэммитим. Онон үрдэтиллибит стипендия ылар этим – орто стипендия 35 солкуобай буоллаҕына, 49 солкуобайы ыларым. Бүтэһик кууруспар орто хамнас саҕа 60 солкуобай стипендияламмытым. Ону ааһан ЛОРП иһинэн каартаны оҥорор отделга үлэлээн эбии харчылаһарым.
УСТУДЬУОННАР ХАМСААҺЫННАРЫН СОДУЛА
– 1972 сыллааха СГУ-ну бүтэрэн баран, арай ханна да үлэҕэ анамматым. “Свободный диплом” диэни биэрдилэр. Тоҕо диэтэххэ, 1968 сыллаахха устудьуоннар улахан айдааннара тахса сылдьыбыта. Сэргэлээххэ оҕолору уунан кутуу диэн, араас барыта буолбута... Ол онно мин кыттыспытым. Оҕолору хаайталаабыттарыгар, “оҕолору босхолуу иликкитинэ үөрэммэппит!” диэн тыл этээччи буолбутум, бойкот биллэрбиппит... Ол кэннэ миигин 1968 сыллаахха комсомольскай билиэти уларытыы буолбутугар таһааран кэбистилэр. Улаханнык хомойботум да быһыылааҕа.
Онтон ол “свободнай диплом” диэн биэрбиттэригэр, наһаа соһуйдум. Хайдах да буол диэтилэр. Хата, үөрэхпиттэн уһулбатахтар эбит, учууталым Семен Егорович Мастахов өйөөн бүтэрбитим, кини улаханнык көмүскэспит эбит этэ.
НОРУОТ КҮҮҺЭ
– Биир сыл үлэтэ суох кэриэтэ сылдьан баран, 1973 сыллаахха Дьокуускайга эдэр натуралистар станциялара тэриллибитигэр, онно үлэҕэ ылбыттара. Онно 1979 сылга диэри үлэлээбитим.
Бүтүн Арассыыйатааҕы айылҕа харыстабылын уопсастыбата диэн баара. Онно инструкторынан киирбитим. Бу тэрилтэҕэ 1989 сылга диэри үлэлээбитим.
– Министиэристибэҕэ сыстыбат туспа тэрилтэ?
– Туспа тэрилтэ этэ. Наһаа баай, кыахтаах тэрилтэ. Дьонтон усунуос хомуйар – улахан киһиттэн 30 харчы, оҕоттон 5 харчы. 200-тэн тахса коллективнай чилиэннэрдээх, штатнай үлэһиттэрдээх этэ – кинилэр Горисполком бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта диэн буолаллара. Штатнай үлэһиттэр Нерюнгригэ, Ленскэйгэ, Депутатскайга, Мииринэйгэ бааллара. Усунуос хомуйаллар, экологическай сырдатыы ыыталлар. Дьокуускайдааҕы салаатыгар 10-ча үлэһиттээх. Бэрэссэдээтэл Ю.С. Коркин, мин кини солбуйааччыта этим.
Юрий Семеновичтыын сүрдээх элбэх үлэни ыыппыппыт. Бастатан туран, Дьокуускай куорат айылҕатын харыстыыр үлэ былаанын торумнаабыппыт. Ыыһаммыт гааһы оҥорон таһаарар собуот тутуутун хонтуруоллаабыппыт, “Ыраас салгын” диэн салгыны бэрэбиэркэлиир үлэни ыытарбыт, бөҕү харайар полигон оҥоруутугар үлэлээбиппит, 202-с уонна 203-с микрооройуоҥҥа тутуу ыытыллыытын экспертизалаппыппыт. Биһиги ыҥырыыбытынан Ленгипрогор куорат салгынын киртитэр тэрилтэлэри тутуу схематын уонна экологическай туругу тупсарар үлэлэри оҥорбута. Горисполком уурааҕынан, Туймаада хочотугар булду барытын боппуппут. Ол түмүгэр чугастааҕы күөллэргэ кус-хаас, балык үчүгэйдик үөскүү сылдьыбыта.
– Нэһилиэнньэ бобууну утарыласпат этэ дуо?
– Суох. Административнай хамыыһыйа быһаарар, В.М. Сосновскай сэкирэтээр, Коркин бэйэтэ бэрэссэдээтэл. Бу хамыыһыйа быһаарда да, ким да утары барбат.
Бөх харайар полигону тэрийиигэ Бүлүү суолун 26-ыс килэмитиригэр сир талыллыбыта. Онно 1986 сыллаахха сыбаалканы көһөрүү бырайыактыыр үлэтин И.И. Афанасьев салайбыта. Ол билиҥҥээҥҥэ диэри олоххо киирэ илик. Ол иһин билигин 9 км баар сыбаалка аһара туолан турар...
1989 сыллаахха Арассыыйаҕа Айылҕа комитета (Госкомприрода) диэн тэриллэр, ол чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ кэмитиэт тэриллэр. Онно экспертиза отделыгар бастаан сүрүн эксперинэн, кэлин начаалынньыгынан үлэлээбитим. Ол Госкомприрода кэлин Айылҕа харыстабылын, онтон Экология министиэристибэтэ буоллаҕа дии. Саха дьылҕатыгар сабыдыаллаах үлэни ыыппыппыт. Холобур, Адыаччыга ГЭС, Устьсреднеканскай ГЭС, Амма баһыгар леспромхоз, Өлүөнэ тардыытыгар гидроузеллар тутууларыгар, тимир суолу тардыыга, Аян суолун тутууга о.д.а. барытыгар сүрдээх улахан экспертизалары оҥортоотубут. Түмүк оҥорон Арассыыйаларга ыытан иһэбит. Онон 1992-1994 сыллардаахха дойду үрдүнэн үчүгэй үлэлээх управление аатырар этибит.
– Быраабыланы кэһиини булаҕыт дуу?
– Экспертиза диэн олорон эрэ бырайыактары көрүү, үөрэтии. Кэһии бөҕөтүн булаҕын. Көннөртөрөҕүн. Сорох тутуулары олох да сабаттаан кэбистибит. Холобур, Адыаччы ГЭС-ин тохтоппуппут. Божедонов уонна Герасимов диэн дьон иилээн-саҕалаан, уопсастыбаннас барыта утары туран, онуоха биһиги идэлээхтэр анаалыстыыр үлэбит кэмигэр баран, элбэх үлэ ыытыллан, айылҕаҕа улахан буортулаах тутуу тохтообута. Дойдуларын көмүскээри Дьааҥыларга “Адыаччы кэмитиэтэ” диэн тэриллибитэ.
Амма баһыгар маһы кэрдээри, Леспромхоз тэрийээри гыммыттарын, биһиги экспертизабыт түмүгүнэн тохтоппуппут. Аар тайҕаны көмүскээри “Амма кэмитиэтэ” тэриллибитэ. Уопсастыбаннас бүттүүн утарбыта. Үлэлэспит дьонтон Эдуард Соколову ахтыахпын баҕарабын. Кини кылаата улахан этэ.
Кэнники “Бүлүү кэмитиэтэ” үөскээбитэ. Билигин да үлэлииллэр.
ЮНЕСКОҔА ҮСТЭ ТӨХТҮРҮЙЭН
– Өссө биир суолталаах үлэҥ “Өлүөнэ очуостара” национальнай пааркаҕа ыытылыннаҕа дии?
– 1993 сылтан “Өлүөнэ очуостара” национальнай паарка бырайыага оҥоһуллан барда. Онно мин үлэлэстим. Бастакы идеята “ураты харыстанар сирдэр” диэн 80-ус сылларга саҕаламмыта, онтон бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев Уурааҕа тахсыбыта. Бырайыагын Новосибирскай институт оҥорбута. Элбэх сөбүлэһии үлэтигэр кыттыспытым. Араас министиэристибэлэр, салалталар сөбүлэҥнэрин оҥорууга 2 сыл устата сүүрбүппүт. Кыраныыссатын оҥоруу туспа үлэ этэ. Оччотооҕуга компьютер суох, муостаҕа тэлгии сытан каартаҕа үлэлиир этибит.
1995 сылга “О создании национального парка “Ленские столбы” диэн Бырабыыталыстыба Уурааҕа тахсар. Мин онно дириэктэрдии барар санаам да суох этэ, бэйэм экспертиза отделын хотунабын уонна профком бэрэссэдээтэлэбин. Онтон миниистир В.Г. Алексеев ыҥыран ылан, “дириэктэринэн тахсаҕын” диэтэ. Үс күн толкуйдаан баран, сөбүлэстим. Дьиҥэ, билигин санаатахха, судаарыстыбаннай сулууспаттан баран хаалбыт эбиппин. Туох да суох сиригэр тиийэн үлэбин тэринним. Военкоматтан икки хос куортамнаатыбыт, счет арыйдыбыт, 6 үлэһиттэнним. Нэһилиэктэргэ 4 госинспектордары ыллыбыт. Бастакы харчыбытынан “Вихрь” мотуор уонна лодка атыыластыбыт.
2012 сыллаахха диэри дириэктэрдээбитим. 2006 сылга регионнартан “национальнай “ диэн сыһыарыыны ылан кэбиспиттэрэ. Былырыын эрэ “национальнай” диэнин төннөрдүлэр. Кэнники 36 үлэһиттээх, туспа хонтуоралаах тэрилтэ буолбута.
2005 сылтан ЮНЕСКОҕа киирэбит диэн былааннанныбыт. Үс төгүл төхтүрүйэн номинациялаан ылбыппыт. Тас сибээс министиэристибэтигэр Е.А. Сидорова идея киллэрбитэ. Н.Г. Соломонов, П.Н. Колосов уонна мин буолан үлэлээн барбыппыт. Бастаан 2006 сыллаахха Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ дьаһайан оҥотторбутун ЮНЕСКОҕа илдьибиттэрин сирдилэр. Ирдэбиллэргэ эппиэттээбэтэх.
Хос оҥордубут, элбэх каарта толордубут – үүнээйилэрин, көтөрдөрүн, ландшафт каартатын уонна да атыны улахан научнай үлэлэргэ тирэҕирэн. Бу үлэни бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Е.И.Михайлова дьаһайда. 2010 сыллаахха ЮНЕСКО штабквартиратыгар Парижка илдьэн туттардыбыт. Онтон Севильяҕа (Испанияҕа) ЮНЕСКО кэмитиэтин мунньаҕар тиийдибит. Эмиэ ааспатыбыт. “Ураты геологическай объектар”, “Кыһыл кинигэҕэ” киирбит көтөрдөрдөөх”, “Ураты хотугу экосистема” диэн үс хайысханан киирэ сатаабыппыт. Объект ураты сыаннастарыгар эппиэттээбэккит, аан дойдуга маннык сир элбэх диэтилэр. Онон номинацияттан Арассыыйа устан кэбистэ. Төннөн кэлбиппитигэр дьон саҥата сүрдээх, кими буруйдуохтарын көрдүүллэр. Манна Евгения Исаевна буруйу бэйэтигэр ыланан кэриэтэ, дьоҥҥо барытын саас-сааһынан быһааран биэрбитэ.
Үсүһүн номинацияҕа докумуон оҥордубут. Аан дойдутааҕы Айылҕа харыстабылын Киинигэр Германияҕа бардыбыт. Делегациябытын М.Е. Николаев бэйэтэ салайан илтэ. Салайааччы Ханс Кнаб геологическай чааһын саҥаттан оҥоруҥ диэтэ. “Өлүөнэ Очуостара” аҥаардас “ураты” диэнинэн барбат, “Сир планетатыгар биологическай олох үөскээһинин туоһулара” диэн дакаастааҥ диэтэ. Уонна “кылаабынай экспербит Тим Бедман WBF эксперэ уонна карстолог, онон карстологиятын кыайбатаххына эмиэ ааспаккыт” диэн сүбэлээтэ. Аны туран, аан дойду Кыһыл кинигэтигэр киириэхтээх эбиппит. Экосистемаҕытынан эмиэ ураты буолбаккыт, инник сир элбэх диэтэ. Төннөн кэлэн хаттаан оҥордубут. Геологическай олоҕун РАН Палеонтологическай института оҥордо. Карстологиябытын оҥороору, географическай институт сүрүн карстолога Трофимова 2011 сыллаахха экспедицияҕа кэллэ. Аан дойду биллэр карстолога Мартен Вереж кэлэн үлэлээтэ. Трофимова аан дойду карстологтарын конгресстарыгар Словенияҕа баран кытынна, онно сөбүлээтилэр. 2012 сыллаахха иккистээн бардыбыт – үһүс номинация. Ол иннинэ Парижка докумуоннарбытын туттардыбыт, онтон бэс ыйыгар ЮНЕСКО мунньаҕа Санкт-Петербурга буолбутугар тиийдибит. Бедман утара олорор, биһиги карстологтар сөбүлэҥнэрин тэлибирэтэ сылдьабыт. Өлүөнэ очуостарыгар 540 мөл. сыл анараа өттүгэр 3000-тан аҕыйаҕа суох кыыл баар этэ диэн дакаастаан, англия уонна нуучча тылынан атлас таһаарбыппыт. Онтукабытын эмиэ тута сылдьабыт. Инньэ гынан, дьэ билиннилэр. Биир категориянан “Кембрийскэй дьапталҕаларыгар ирбэт тоҥ баар” диэнинэн эрэ аастыбыт. Атын ирдэбилгэ эппиэттээбэтибит. Куоластааһыҥҥа 21 судаарыстыбаттан 18 биһигини өйөөбүтэ. Швейцария, Германия, Франция – куоластыыртан туттуннулар...
Арай үөрэн аҕай кэллибит. Дойдубутугар ким да айхаллыы көрсүбэтэ. Глушко “мин оҥордум” диэтэ. Оннук ааһан хаалла, грамота да ылбатахпыт.
– ЮНЕСКОҕа киирии тугу биэрэрий? Очуостар да буоллуннар, Хаҥалас геопарката да буоллун...
– Билигин мин Биологическай ресурсалар дирекцияларыгар үлэлии сылдьабын. Ураты харыстанар территорияларга исписэлиис диэммин. Хаҥалас геопаркатын тэрийиигэ үлэлии сылдьабыт.
Боростуойдук быһаардахха, маннык: бу Өлүөнэ Очуостара Буотама үрэҕин кирбиитигэр диэри киирдэ. Манна эбэҥкилэр дойдулара – 7 родовой община баар. ЮНЕСКОҕа киллэрбэтэхпит буоллар, билигин манна бүтүннүүтүгэр буровой массыыналар туруо этилэр. Билигин Мэҥэ Хаҥаласка, Аммаҕа о.д.а. сиргэ үлэлии тураллар.
Харысхал ыллыбыт. Үйэ тухары бу ураты харыстанар сирбит аны тыытыллыбат. Холобур, Буотама сиртэн хостонор баайа элбэх – алмаас, сурьма, ниобий, уран о.д.а. барыта баар, барытын хаспыт буолуо этилэр... Мэҥэҕэ Чыамайыкыга алмааһы буллулар дии, аҕыйах сылынан хостоон барыахтарын сөп...
Хаҥалас геопарк диэн, ЮНЕСКОҕа киирбэккэ хаалбыт сирдэрбитин киллэриэхпит. Бу оптуорунньукка Сахамин Милановичка мунньахтаатыбыт. Кини:“Айылҕа пааматынньыктарын (Титириктээх, Еланка, Кэтэмэ, Бачык уо.д.а.) үйэлэр тухары харыстабылга киирэллэр уонна бу пааматынньыктарга олоҕуран экологическай туризм сайдан, нэһилиэктэр өҥө оҥоруутунан сайдалларыгар, үлэ миэстэтэ тахсарыгар улахан төһүү буолар”, – диэтэ.
АТЫН ЦИВИЛИЗАЦИЯ УОННА ПЛАНЕТА УРАТЫ ХАРЫСТАНАР СИРДЭРЭ
– Айылҕаттан туһанарбытын эрэ билбит дьон, өйбүт-санаабыт уларыйыан наада буоллаҕа...
– Оннук. Биһиги сир баайын хостоон, промышленнаһынан эрэ сайдыахтаах курдук санаан кэлбиппит. Билиҥҥи сайдыы кэмигэр бу сыыһа өйдөбүл. Хаһан эрэ алмаас бүтүө, хаһан эрэ сир баайа түгэҕэ көстүө... Сири-дойдуну барытын түөрэ хаһан, хоромньу бөҕөтүн оҥорон, сайдыы уйгутугар киирбиппит сыыһа.
Аан дойду үрдүнэн “атын цивилизация” диэн өйдөбүл киирэн эрэр. Айылҕаны алдьаппакка эрэ сайдыы барыахтаах диэн. Онно экологическай туризм, ыраас аһы аһааһын (биһиги төрүт дьарыкпыт барыта), сир аһын хомуйуу, балыктааһын барыта киирэр. Маны бренд оҥостон, үрдүк таһымҥа таһааран, ол суолунан сайдыахтаахпыт.
Оннук цивилизацияҕа бытааннык да буоллар тиийэн эрэбит. Биһиги планетабыт наһаа улахана суох – экваторынан 40 тыһ. км эрэ, джиптээх дьон биир сайын эргийэн кэлэллэр. Ол иһин наар буортулуурунан эрэ дьарыгырдахпытына, коллапс диэҥҥэ тиийиэхпит. Океаҥҥа билигин сүүнэ улахан пластик бөх арыылары үөскэттилэр. Океан олохтоохторо бу пластигы сиэн, өлөн бүтэн эрэллэр. Австралия бүтүннүү уокка былдьанна. Айылҕа бэйэтин катаклизмнарын таһынан, киһи аймах оҥорор дьайыыта коллапска тиэрдиэҕэ. Оччоҕо хаалбыт дьон ханна барыай? Биһи диэки суксуруһуохтара!
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үс гыммыттан биирэ ураты харыстанар сирдэр – бу уопутунан аан дойдуга бастакы миэстэҕэ таҕыстыбыт. Монголия, Аляска эккирэтэ сатыыллар. Маннык эрэ гыннахпытына, планета ураты харыстанар сирэ диэн тыыттарбатахпытына эрэ, эстиэ суохпут. Хаҥалас геопаркатын билиннэриэхпит, оччоҕо кэнники эмиэ атын геопаркалар үөскүөхтэрэ.
Арктиканы бас билиигэ Арассыыйа улахан политиканы ыытан эрэр. Айылҕаны буорту гыммат оҥорон таһаарыы диэн суох. Арктикаҕа сайдыы дьайыытын сабыдыала куһаҕан буолуо. Климат итийиитэ түргэтиэн сөп. Ол иһин манна Хотугу форум мунньаҕар “Планетаҕа олох тыытыллыбыт сирдэр баар буолуохтаахтар” диэн этиини киллэрдим. Сүрдээҕин сэҥээрдилэр. “Планета тыытыллабат сирэ” диэн өйдөбүлү Саха сирэ олохтуон уонна туһаныан наада.
ДЬОКУУСКАЙГА БАРАР ҮЛЭ БЫСТАР МӨЛТӨХ
– Дьокуускай экологическай кыһалҕаларыгар туох көрүүлээххиний?
– Мээрийэ кыһалҕата алдьархай элбэх. Уопсастыбаннай сэбиэккэ мээрийэни иккитэ ыҥыран кэпсэтэ сырыттыбыт. Дьокуускайга айылҕа харыстабылыгар үлэлиир олохтоох былаан диэн суох. Биһиги оҥостуҥ диэн этии киллэрбиппит. Туймаада Хочотугар биир да Айылҕа пааматынньыга суох, Ураты күөл суох... Суох диэн буолбатах, дьиҥэ, сокуоҥҥа олоҕуран оҥоһуллубат! Аны туран, булду көҥүллээн кэбистилэр, даачалар диэки саанан ытан биллиргэтии...
Урукку былаан быһыытынан, экспертизэлэр түмүктэринэн эбитэ буоллар, 203-с микрооройуоҥҥа тутуу бобуллуохтаах этэ. Билигин 204-с микрооройуон тутан барыахтарын сөп буолан эрэр... Күөх Хонууга тутуу барда да, Дьокуускай кирдээх салгыныгар бопторуоҕа. ГРЭС-2, сыбаалка буруота куоракка киирэр – ону барытын Күөх Хонуу ыраастыыр. Куорат билигин итиннэ үлэ ыытан, Генпланыгар 203 тутууну тохтотон баран, Күөх Хонууну Айылҕа паарката оҥоруохтаах.Очооҕо куорат тыҥата чөл хаалар, дьон да сынньанар сирдэнэр.
– Онуоха туох нааданый?
–2017 сыллаахха Экология сыла буолан ааспыта, улуустар бары үлэлээбиттэрэ, киин куоракка күттүөннээх үлэ барбатаҕа. “Кэмитиэт баар дии” дииллэр. Кэмитиэт диэн хонтуруоллуур эрэ уорган – кэһиини булла, сэрэтии оҥордо, ыстарааптаата. Тэрээһиннэри, тутуулары мээрийэ бэйэтэ оҥоруохтаах. Сыбаалка да кыалла илик, баар бырайыагы сатаан туһамматылар, харчыны кыайан ылбатылар... Биир “Жилкомсервис” салайааччыта кыыс соҕотох тугу кыайыай? Бары тоҕута түһэн үлэлиэхтээхпит буоллаҕа дии! Бөҕү көрүҥүнэн араарыы тэриллибэт. Араас ааксыйа, флешмоб оҥорон, ыччатынан бөх хомуттарбыттара туһата кыра, туох да куһаҕана суох эрээри, көдьүүһэ суох – көннөрү харах баайыыта. Онон айылҕа харыстабылыгар Дьокуускайга барар үлэ быстар мөлтөх диибин.