28.12.2021 | 19:00

Лука Николаев: «Баҕалаах баҕанаҕа ыттар»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн кэпсиир киһим – доруобуйатынан хааччахтаах, ол эрэн ыарахаттартан чаҕыйбакка, «Баҕалаах баҕанаҕа ыттар» диэн девизтээх холобур буолар күүстээх санаалаах, норуот маастара, Үөһээ Бүлүү Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Лука Николаевич Николаев.

Лука Николаевич, ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн. Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буолаҕын? Хаһааҥҥыттан уһанаҕын, ким уһуйбутай, туохтан саҕалаабыккыный?

Үөһээ Бүлүү Өргүөт нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, Герой-ийэ саамай кыра оҕотобун, уопсайа 15 бииргэ төрөөбүппүт. Намҥа күндү күтүөт буолан көһөн кэлбитим, онтон бэттэх манна олохсуйдум. Манна кэлиэхпиттэн кыралаан маһынан, муоһунан дьарыгыран барбытым. Ханна да үөрэммэтэҕим, бэйэм ис-испиттэн баҕаран туран саҕалаабытым. Арааһа, удьуор утума диэххэ сөп буолуо, тоҕо диэтэххэ аҕам уонна кини төрүттэрэ уһаналлар этэ. Оҕо сылдьан аҕам уһанарын көрөрүм, ат сыарҕатын, тыыны эҥин оҥороро. Бэйэм тайах муоһуттан массыынаҕа иилэр харысхаллары, илиигэ кэтэр браслеттары оҥорон саҕалаабытым. Ону кэргэним өйөөн, “кытаат, оҥорон ис» диэн, улам сайдан барбытым. Дьиэ кэргэн өйөбүлэ наһаа наадалаах дии саныыбын, кинилэр көмөлөрүнэн бу таҕыстаҕым. Кэргэним Евдокия Тимофеевна оҕо уһуйааныгар үлэлиир, үс улахан оҕолоохпут, куоракка олороллор. Кэргэним эмиэ олоххо көхтөөх киһи, гитаранан ыллыыр, хоһоон суруйар.

Уһанар киһиэхэ араас тэрил наада буолуо дии, туох үнүстүрүмүөнүнэн туттаҕын уонна саҥа таһымҥа тахсан баран ордук тугу оҥороҕун?

Маҥнай саҕалыырбар маҕаһыынтан кыра үнүстүрүмүөннэри ылааччыбын. Онтон түөрт сыллааҕыта социальнай бырайыак куонкуруһугар кыттан, субсидияҕа хапсан, дьиэм күүлэтин итиини тутар гына өрөмүөннэнэн мастарыскыай оҥостубутум уонна станоктары ылыммытым. Уопсайа 195 тыһыынча солкуобайы биэрбиттэрэ, итинник бырайыактарга өссө кыттыбыт уонна сайдыбыт киһи диэн баҕа санаалаахпын. Бу соторутааҕыта, ый анараа өттүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарын аатын ыллым, онон үөрүүм улахан. Бэйэм 2007 сыллаахтан инбэлииппин, илиибин эчэтэн, сорох тарбахтарым суохтар. Ол эрэн? баҕалаах баҕанаҕа ыттар диэбит курдук, туохтан да чаҕыйбаппын, инним диэки баран иһэбин. Нэдиэлэ аайы сакаас киирэ турар. Сахалыы иһити – кытыйаны, чороону, быһах угун, дэйбиири, сэлии муоһуттан араас сувениры оҥоробун. Ордук саха быһахтарыгар уонна дэйбииргэ элбэх сакаас киирэр. Нэһилиэк дьоно миигиттэн сүбэлэтэр, күн аайы дьиэбит аана сабыллыбат. Сүгэ, быһах буоллун, барытын аҕалан иһэллэр. Барыларыгар сүбэлээн-амалаан, хайа сатанарынан көмөлөһөн иһэбин. Ураты уһанар дьон бааллар, холобур, остуол, олоппос оҥорор уолаттар. Кинилэр эмиэ миэхэ кэлэн сүбэ-ама ылан барааччылар. Куруук дьоҥҥо тугу эмэ оҥорор буоллаххытына хаачыстыбалаах, бөҕө-таҕа гына сатааҥ диэн сүбэлиибин.

Лука Николаевич, оҥоһуктарыҥ төһө сыаналаах буолалларый уонна ханнык күрэхтэргэ кыттааччыгыный?

Быһах оҥоруутун кэпсиир буоллахха, докумуоннаах эрэ быһаҕы сакаастыыбын норуот маастардарыттан. Ыыттылар да, ону уктуубун, кыынныыбын, ыраастыыбын, онтон биирдэ атыылыыбын. Сокуонунан билигин докумуоннаах эрэ быһаҕы атыылыыр көҥүллэнэр. Биир быһаҕым сыаната 7-8 тыһыынча солкуобай буолар. Сылгылаахпыт, онон дэйбиирбин бэйэм матырыйаалбынан – сылгы кутуругунан оҥоробун. Ити тэрил наһаа үлэлээх – баайаҕын, сууйаҕын, угун оҥороҕун. Онон биир дэйбиир сыаната  4-5 тыһыынча солкуобай буолар. Хаһы да оҥоробун, холобур, үс оҥоһуктан иккитэ атыыга барар, биири быыстапкаҕа кыттарбар хаалларабын. Сэлии муоһунан массыынаҕа иилэр харысхаллары, киэргэллэри чочуйан таһаарабын. Хас биирдии харысхал бэйэтэ туспа суолталаах, ону сахалыы кинигэлэртэн көрөн бастаан үөрэтэбин, онтон ис хоһоонун, ымпыгын-чымпыгын билэн баран биирдэ оҥоробун. Ханнык да оҥоһугу ыарырҕаппаппын, төбөбөр, испэр киллэрдим да, айан-тутан барабын. Оҥоруохтаахпын диэн сорук туруорунабын. Араас күрэхтэргэ бары кыттааччыбын, ол гынан баран пандемиянан сибээстээн кыттыбатах  ыраатта. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт күрэхтэргэ барыларыгар кыттааччыбын, волейболугар тиийэ. Кытын диэтилэр да, аккаастаммаппын, барытыгар үөрэ-көтө баран иһэбин, сатаабаппын эҥин диэбэппин, киирсэн иһэбин. Инньэ гынан грамота бөҕөлөөхпүн.

Оҥорор, уһанар ньымаларыҥ кистэлэҥнэрин сэгэтэ түс. Матырыйаалгын хаһан, хайдах, бэлэмниигин, туохтан саҕалыыгын?

Этэн аһарбытым курдук, сахалыы иһити-хомуоһу оҥоробун. Ити бэйэтэ технологиялаах, уустуктардаах үлэ. Ыллыҥ да, түбэһиэх маһы кэрдэн барбат буоллаҕыҥ дии. Көнө, үчүгэй, барсар маһы булуохха наада. Иһиттэри хатыҥ мастан оҥоробун, тоҕо диэтэххэ хатыҥ кытаанах, үйэлээх, сымалата суох. Онон былыргыттан иһити-хомуоһу хатыҥ мастан оҥороллор, онтулара билигин да баар, туох да буолбат. Бастаан суулларан баран таҥастыахха уонна үчүгэйдик куурдуохха наада. Холобур, сааһыары сайын, халлаан лаппа сылыйдаҕына быһан баран, күн уота көрбөт, самыыр хоппот, сиигэ суох сиргэ куурда уурабын. Оччоҕо биирдэ хайа хаппат, күн уота сиэбэт. Күн көрдө да, хайыта барар буоллаҕа дии. Дьиэм үрдүгэр сарай иһигэр эбэтэр ампаарга харайааччыбын. Итинник сыл курдук сытар. Холобур, сайын бэлэмнээтэхпинэ, саҥа дьыл кэнниттэн биирдэ туттабын.  Кытыйаларбын, чорооннорбун оҥорон баран аны обработкалыыбын. Ол курдук, иһиттэрим иһигэр сахалыы арыыны (оргуйбут ынах арыытын) сылаастыы кутабын, холобур, чороон ортотунан буолуор диэри. Ону иһитиҥ барытын аа-дьуо оборон ылар, бүтүннүү тарҕанан, икки эҥин күнүнэн курдары таһыгар тахсан кэлэр. Онтукаҥ дьэ үйэ-саас тухары сылдьар, бөҕө-таҕа иһит буолар. Аны таһынан лаахтаабаппын эҥин, химияны туттубат буола сатыыбын. Өҥүн тупсарарга станокка эргитэ турар кэммэр хатыҥ бэйэтин туоһун сыһыары тутабын, оччоҕо мас өҥө бэйэтэ тахсан кэлэр. Былыр даҕаны оннук гыналлар эбит, аҕам инньэ диэн кэпсиир буолара.

Уһанаргыттан ураты атын туох дьарыктааххыный? Инники өттүгэр туох былааннардааххын?

Иллэҥ кэммэр айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн, бултуубун, балыктыыбын. Итинник сырыттахпына, сынньанабын, күүс, сэниэ ылан кэлэбин. Сайыҥҥы өттүгэр кыһын уһанар матырыйаалбын бэлэмнэнэбин, ойуурга маһы-оту кытта кэпсэтэ сылдьабын. Сайыҥҥы өттүгэр кэргэмминээн сир астыыбыт. Былааннарбын кэпсиир буоллахха, улахан мастарыскыай оҥостуохпун уонна үлэһиттэрдэниэхпин баҕарабын. Биир эмэ оҕону, уолу уһанарга уһуйар былааннаахпын, баҕалаах дьон бааллар. Билиҥҥитэ бэйэм уолаттарым итиннэ сыста иликтэр. Кэлэр 2022 сылга улахан мастарыскыайдаммыт киһи, оччоҕо ким баҕалаах кэлэн иистэниэ, уһаныа этилэр. Өссө биир дьарыкпын кэпсээбэккэ олоробун – унтуу улларабын, абырахтыыбын, ити ийэлээх аҕам үөрэхтэрэ. Ийэм Маруся Поликарповна Сидорова оҕо сырыттахпына бытовойга үлэлиир этэ. Кини унтуу улларарын күнү быһа көрөн олорооччубун, ону ийэм хайдах гыныллыахтааҕын миэхэ кэпсии-кэпсии оҥорор буолара. Хайдах тигэрэ, улларара билигин даҕаны харахпар баар. Ийэлээх аҕам биһигини, 15 оҕону аһатаары-таҥыннараары, үлэҕэ умса түспүт дьон. Аҕам Николай Николаевич сүрүн үлэтэ сопхуоска сылгыһыт, отчут этэ, иллэҥ кэмигэр уһанара, бултуура, балыктыыра. Өргүөт дьоно билигин даҕаны кини байанайдаах булчутун туһунан кэпсииллэр, саныыллар. Үлэтэ түбүктээх буолан, дьиэҕэ биирдэ эмэ көстөр этэ. Аҕабын лаппа улаатан эрэ баран, сааһыран дьиэҕэ тохтуур эрэ буолбутугар көрөр буолтум.  

Лука Николаевич, түмүккэ ааҕааччылар-бытыгар тугу баҕарыаҥ этэй? Уһаныан баҕарар эрээри, саҕалыы илик дьоҥҥо тугу сүбэлиэххиний?

– Уһаныан баҕарар дьоҥҥо күүстээх санаалаах буолуҥ, кыра оҥоһуктартан саҕалааҥ, ылсыбыккытын тиһэҕэр тириэрдиҥ, туохтан да толлумаҥ диэм этэ. Үчүгэй үнүстүрүмүөн наада уонна дьиэ кэргэн өйөбүлүттэн улахан тутулуктаах. Онон кэргэннэрэ өйүөхтэрин, тирэх буолуохтарын наада. Хаһыат ааҕааччыларыгар «Киин куорат» хаһыакка суруттарыҥ, сахалыы тыллаах хаһыаппытын сэргээҥ, өйөөҥ диибин. Кэлээри турар Саҥа дьылынан барыгытын эҕэрдэлиибин, чэгиэн доруобуйаны, нус-хас олоҕу баҕарабын!

Норуот маастара Лука Николаевич Николаев саамай дьэтигэр сылдьар киһи, баара-суоҕа 44 саастаах. Онон ситиһиилэрэ – иннигэр. Ити курдук инниҥ диэки кимэн ис, сайда-чэчирии тур диэн хаһыаппыт аатыттан алгыс бастыҥын анаатахпыт буоллун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...