21.11.2020 | 11:25

Лилия Окорокова: «Ыччат олох ыарахаттарыгар бэлэмнээҕин көрдөрдө”

Лилия Окорокова: «Ыччат олох ыарахаттарыгар бэлэмнээҕин көрдөрдө”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ судаарыстыбаннай статистикаҕа федеральнай сулууспатын дааннайынан, 2020 сыл тохсунньу 14 күнүнээҕи туругунан, киин куоракка 14-тэн 30-гар диэри саастаах  81 799 киһи олорор.

Ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын управлениета Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын структуратыгар киирэр. Бу нүөмэргэ быйыл сайын управление салайааччытынан анаммыт Лилия Окороковалыын ыччат, үлэ, олох-дьаһах туһунан кэпсэттибит.

-Лилия, дорообо! Бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар кэпсии түһэриҥ буоллар.

-Аҕам милииссийэҕэ үлэлиир буолан, оҕо эрдэхпинэ хаста даҕаны көспүппүт. Инньэ гынан, уон оройуоҥҥа олоро сылдьыбытым, оскуолабын сэттэтэ уларыппытым. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ оҕотобун дэнэбин. 11 кылааһы Сунтаар Элгээйитигэр бүтэрбитим. Тыа хаһаайыстыбатын академиятын үөрэнэн, юрист идэтин баһылаабытым, 33 саастаахпын.

-Бу иннинэ ханна үлэлии сылдьыбыккыный?

-Биэс сыл кэриҥэ суукка үлэлээбитим. Ол кэннэ икки аҥаар  сыл Усуйаана дьаһалтатыгар дьиэ кэргэн политикатыгар сүрүннүүүр исписэлииһинэн үлэлээбитим. Онтон Дьокуускайга «Алмаз” атыы-эргиэн маҕаһыыннарыгар каадыр салаатын начаалынньыгынан үлэлээбитим. Онтон киин куорат олохтоох дьаһалтатыгар быраап департаменыгар быраап экспертизатын салаатыгар үлэлээбитим.

-Бу дуоһунуска анаабыттарыгар соһуйдуҥ дуо?

-Бу бэйэтэ туспа историялаах. Кулун тутар ыйга уоппускаҕа сылдьан түүл түһээбитим. Арай тойотторум ыҥыран ылан улахан кэбиниэккэ киллэрэн кэбистилэр уонна: “Бу эн миэстэҥ. Мантан ыла эдэр ыччаты кытта үлэлиир буолуоҥ”, – диэбиттэрин кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта. Дьоммор кэпсээбиппэр күлэн эрэ кэбиспиттэрэ. Онтон быйыл сайын от ыйыгар ыҥыран ылан: “Эдэр ыччат салаатыгар быстах кэмҥэ ананар буоллуҥ, докумуоннаргын сааһылаан, үлэҕин саҕалаа”, – диэбиттэригэр түүлүм чопчу туолбутугар итэҕэйбитим.

-Үлэ, үөрэх таһынан эбии туох интэриэстээххин?

-Кырабыттан интэриэһинэй, сонун аһы астыырбын сөбүлүүбүн. Хаартыскаҕа түһэрбэппин, түргэнник сиэн кэбиһэбин (күлэр). Өссө биир интэриэспинэн дизайн буолар. Эргэ малы-салы саҥардарбын, иккис тыынныырбын сөбүлүүбүн. 

-Аныгы кэм ыччата сайдарыгар ханнык хайысханы көрөҕүн?

-Билигин ыччат сайдарыгар, көхтөөх буоларыгар наһаа элбэх кыах бэриллэр. Ыччат уонна  дьиэ кэргэн бэйэтин дьаһанарыгар араас хабааннаах граннар, субсидиялар көрүллэллэр. Аҥаардас норуот бүддьүөтүн бырагыраамата элбэх үбү эдэр дьоҥҥо, ыалга туһаайар буолла.

Олохтоох салайыныы бырагыраамата, аата да этэрин курдук, куорат олохтоохторугар ананар. Куораты бэйэбит дьаһайан, салайан олорорбутугар көрүллэр.

-Холобура?

-Саҥа сүүрээни киллэрээри, дуоһунаска ананыахпыттан добровольческай көҕүлээһиннэр өйөбүллэрин оҥоруу балаһыанньатын киллэрэн, добровольческай сэбиэт арыйан эрэбин. Манна араас идиэйэлээх оҕолору, ыччаты түмэн, кинилэр тугу саныылларын, куораты хайдах сайыннарыахтарын баҕаралларын истэн, уураах таһааран салгыы үлэлиир былааннаах олоробут.

-Билиҥҥи ыччат төһө көхтөөҕүй?

-Ыччат биир сиргэ турбат, куруук саҥаны билэ, үөрэтэ сатыыр. Пандемия да көрдөрбүтүнэн, биһиги ыччаппыт олох ханнык баҕарар кыһалҕатыгар бэлэмнээҕин көрдөрдө. Социальнай ситим олох таһымын, кэрдииһин кытта инники күөҥҥэ тахсары ситистэ. Бэйэтин кыаҕын сөпкө туһанар киһи хаһан баҕарар үчүгэйи, сырдыгы ситиһиэҕэ дии саныыбын.

-Эн санааҕар, ситиһиилээх ыччат хайдах буолуохтааҕый?

-Мин санаабар, хас биирдии ыччат тугу баҕарарын билиэхтээх. Тугу баҕарарын билэр киһи сыалын ситиһэр. Кини атын дьон эйгэтигэр киирбэт, чопчу кытаанах санаалаах буолар. Ситиһии – киһи баҕа санаатын билиитэ.

-Үлэлээбитиҥ төрдүс ыйа. Бу кылгас кэм иһигэр туох үлэни-хамнаһы ыыттыгыт?

-Быйыл дьаҥ туран, олох ханнык баҕарар эйгэтигэр сүрдээх ыарахан сыл ааһан эрэр. Оруобуна бу кэмҥэ анаммыт буолан, сүрүн үлэбин  пандемия утары ыыттым.

Баҕа өттүнэн көхтөөх ыччаты сайыннарар санаалаахпын. Ол курдук, волонтердары уонна сонун бырайыактаах, этиилээх ыччаты өйөөһүн. Иккиһинэн, волонтердары өйөөһүн эмиэ уурахтанна. Билигин үлэбит сүнньүн волонтердары, добровольчество хамсааһынын кэҥэтэргэ көрөбүн.

Биһиги ыччаппыт пандемия кэмигэр административнай хамыыһыйаны кытта  тэрилтэлэри, түүҥҥү кулууптары, маҕаһыыннары тэбис-тэҥҥэ сылдьан бэрэбиэркэлиир үлэлэри ыыттылар. Түгэнинэн туһанан, баҕалаах ыччаты волонтердуу кэлэргитигэр ыҥырабыт!

-Пандемия куорат ыччатыгар төһө охсуулаах буолла?

-Пандемия кэмигэр ыччат олус түмсүүлээҕин көрдөрдө. Уустук кэмҥэ волонтердар хорсун быһыылаахтарын дакаастаатылар. Куораппытыгар уопсайа 10-ча ыччат волонтердарын түмсүүтэ тэрилиннэ. Ону таһынан дьон бэйэтэ түмсэн, гуманитарнай көмө киинин арыйдылар. Ийэ дойдуга бэриниилээх, түмсүүлээх буолуу маннык кэмҥэ ордук наадалаах.

Тэрээһиннэрбит үксэ инстаграмҥа буоллулар. Тоҕо диэтэххэ, Ил Дархаммыт ыйааҕынан 15-тэн элбэх киһини мунньар кыахпыт суох. Ыччаты ситимнэргэ түмэн, биир санаанан салайтаран, тэрээһиннэрбитин ыыттыбыт, ыыта да олоробут.  Күн бэҕэһээ ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин төлүү барар куорат ыччатын «Zoom» платформа нөҥүө атаардыбыт. Оннооҕор кэнсиэртэрбит култуура салаатын инстаграм балаһааккатыгар буолаллар. Онон ыччат көр-нар да өттүнэн, духуобунас да өттүгэр охсууну ылбата дии саныыбын.

үрүн үлэҕит туохха туһуланарый?

-Ыччат уонна дьиэ кэргэн управлениетын исписэлиистэрэ чөл олоҕу көҕүлүүргэ, эдэр дьоҥҥо быраабы араҥаччылыыр усулуобуйаны тэрийэргэ,  духуобунай, сиэр-майгы сыаннастарын уонна гражданскай култуураны олохтуурга, итиэннэ дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буоларыгар кыһамньыларын уураллар. Бары эрчимнээх эдэр дьон мустан үлэлиибит.

-Ыарахаҥҥа түбэспит дьиэ кэргэни, ийэни, оҕону өйүүр бырагыраамаҕыт үлэлиир дуо?

-Бу киин управление иһинэн сэттис сылын үлэлиир. Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ыалларга, ийэлэргэ, оҕолорго биир кэлим көмөнү оҥоробут. Ол курдук, кииммит сүрүн үлэтинэн ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ыалларга социальнай, психологическай, педагогическай уонна юридическай көмөнү оҥоруу буолар. Маны таһынан оҕолор уонна төрөппүттэр сокуоннай интэриэстэрин көмүскүүр, дьиэ кэргэн конфликтарын туоратарга, аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан кытта тиийэ көмөлөһөр. Өссө ыарахан быһыыга-майгыга түбэспит дьахталларга босхо олорууну киллэрэн турабыт, 20 миэстэлээх койка миэстэлээхпит. Кэргэттэрэ атаҕастаабыт дьахталларга олохторун былаанныырга көмөлөһөбүт, сокуон өттүнэн интэриэстэрин көмүскүүргэ үлэ ыытабыт.

Үтүө санаалаах киһи, дьиҥэр, куораппытыгар олус элбэх. Ардыгар барытын инстаграмҥа сырдатар кыахпыт суох. Хас биирдии хамсаныыбытын хаартыскаҕа түһэрбэппит, сонун оҥостубаппыт.

-Ыччакка тугу сүбэлиигин?

-Ыччат саҥаны билэрин, сэргиирин тохтоппокко, иннин диэки баран иһиэхтээх. Сыалыттан туораан хаалбакка, олоххо киллэрэргэ дьулуһуохтаах.

Коронавирус ыччат дьиҥ ис туругун бэрэбиэркэлиир курдук көрөбүн. Бу ыарыыны утары охсуһар, үлэлиир эдэр дьон, бары бииргэ сомоҕолоһон, аҕам саастаахтарбытын харыстыаххайыҥ, көмөлөһүөххэйиҥ. Олохпут – ыччат илиитигэр!

Хорсун санаалаах ыччакка үлэҕитигэр ситиһиини, тулууру баҕарабын. Лилия, эйигиттэн куорат ыччата элбэҕи эрэнэ күүтэр!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...