03.05.2024 | 10:00

Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»

Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.

Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар бэриллэн, эмиэ наһаа эйэлээхтэр, куруук бииргэ оонньууллар, кыһын устата ахтыһаллар.

Биһиги Кэптэнигэ биир оннук сыттык-сыҥаһа ыалларбытынан Лидия, Егор Бурнашевтар диэн элбэх оҕолоох ыал буолаллар. Билигин аҕалара Дьөгүөр суох, Лидия Николаевна бу сайын 85 сааһын туолаары сылдьар эйэҕэс эбээ, иһирэх ийэ.

Кини былырыыҥҥа диэри дьиэтин таһыгар сэрээккэлиир,  ол иннинэ сарсыарда тыҥ хатыыта туран стадиону хаста да эргийэн кэлэр этэ. Дэриэбинэҕэ дьиэлэрин таһа куруук дьэрэкээн өҥнөөх сибэкки арааһынан симэммит, оҕо, сиэн чаҕааркай күлүүтүнэн дуорайбыт, сайын аайы бары мустаннар үс дьиэ толору киһинэн туолар иллээх-эйэлээх ыал.

Бурнашева Елизавета Николаевна (пааспарыгар суруллубут аата), олохтоохтор бары Лидия Николаевнанан билинэбит, 1939 сыллаахха от ыйын 20 күнүгэр Уус Алдан оройуонун Хоро нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. “Сэрии сылын оҕото” мэтээллээх, “Материнская слава” 1, 2, 3 истиэпэннээх уордьан толору кавалера. Дьоруой Ийэ үрдүк аатын 1974 сыллаахха ылбыта.

Кэргэнэ Бурнашев Егор Федоровичтыын 1958 сыллаахха ыал буолбуттара.

Лидия Николаевна оҕо эрдэҕиттэн араас үлэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Бастыҥ оҕуруотчут, бастыҥ повар кини этэ. Кини минньигэс аһын оччотооҕу лааҕыр, интэринээт оҕолоро билигин да наһаа үчүгэйдик саныыллар, ахталлар. Кэлин Лөгөй оскуолатыгар поварынан үлэлии сылдьан биэнсийэҕэ тахсыбыта. Саха сирин дьахталларын бастакы сийиэһин кыттыылааҕа. КПРФ баартыйа чилиэнэ. Билигин кинини 23 сиэн, 15 хос, 2 хос-хос сиэн тулалыыллар.

Лидия Николаевна, эн сэрии оҕото буолаҕын. Төрөппүттэргин өйдүүгүн дуо? Бииргэ төрөөбүт хас этигитий?

– Ийэм миигин төрөтөн баран икки ыйдаахпар Томторго диспансерга сытан өлбүт. Аҕам Бурцев Николай Иннокентьевич диэн этэ, 1950 сыллаахха өлбүтэ, оччолорго 9-10 саастаах этим.

Аҕам өлүөр диэри тыраахтарга биригэдьиирдиирин өйдүүбүн, Лысенконан, Тулунанан, Хомустааҕынан үлэлиирэ, сайын олох көстүбэт этэ, кыһынын тыраахтардарын тоҥорон туруордахтарына эрэ дьиэҕэ көстөрө. Икки убайдаах этим, Кимчик уонна Лэгэнтэй диэн. Лэгэнтэй диэн убайым хоонньубар сытан өлөн хаалбыта. Бука ыалдьан өлөөхтөөтөҕө буолуо. Арай сарсыарда турбутум убайым суох, туспа сабан сытыарбыттар этэ, ону аҕам чугаһаама диэбитэ.

Убайым Кимчик Бороҕоҥҥо сэттис кылааһы бүтэрэн баран аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Онтон үрдүк үөрэҕи кэтэхтэн үлэлии-үлэлии бүтэрэн, антах хаалан борохуокка үлэлии киирбит, мичман эбитэ үһү. Уонна Петропавловскай-Камчаткаҕа 1959 сыллаахха саахалга түбэһэн өлөр.

Өлбүтүн кэннэ туох баар малын барытын ыыппыттара, харчытын, таҥаһын-сабын, көстүүмнэрин, хаартыскатын эҥин. Бииргэ төрөөбүт соҕотох балта мин эрэ буоллаҕым. Ону ол уста баралларыгар, өлөр түбэлтэбитигэр, баар малын, харчытын кимиэхэ тиэрдэллэригэр анаан аадырыстаан илии баттыыллар эбит. Ону убайым соҕотох балтыбар ыытаарыҥ диэбит. Ол иһин харчы бөҕөтө кэлбитэ, онон кыаҕыран олорбуппут.

Уопсайынан дьонум кыахтаахтар этэ, иһит-хомуос да баара, кийииттии кэлэрбэр аймахтарым Ховровтар дьаһайан, барытын биэрэн ыыппыттара.

Оҕо сааһыҥ хайдах ааспытай, аас-туор олоҕуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

– Этэллэрин курдук оонньооботох, ыарахан оҕо саас аастаҕа.  Омуннаах Лэгэнтэй диэн убайдаах этим, аҕам быраата, ол кэргэнигэр биэстээхпэр хотоҥҥо тымтык тутарым. Оҕо сааспыт аас-туор, куруук аччык аҥаардаах аастаҕа.

Оскуолаҕа үөрэммитиҥ дуо? Хас кылааһы бүтэрбиккиний?

– Икки сыл Чараҥ оскуолатыгар үөрэммитим да, доруобуйам кэбирээн наар балыыһа киһитэ буолбутум. Оскуолабыт да тымныы, таҥаспыт да чараас, халтаҥ, онон оччолорго үгүс оҕо ыалдьар этэ. Миигин тыҥатыгар оҕустарыа диэн уураппыттара. Онтон ыла салгыы үөрэммэтэҕим, онон суруйбаппын, аахпаппын.

Сэрии кэмигэр эн 5-6 саастаах кыысчааҥҥын. Ол ыарахан кэмнэртэн туох эмит өйдөбүл хаалбыта дуо?

– Төһө да сааспынан кыра буолларбын, киһи ыарахан кэмнэри ааспытын умнубат эбит. Сэрии кэмигэр биһиги остолобуой бөх кутар сиригэр бырахпыт уҥуохтарын хомуйан сиир этибит. Ону тоҕута сыстахха, элбэх да астаах буолара, силиитэ, иҥиирэ эҥин.

Ити кэмҥэ нууччалар кэлэн олорбуттара, кинилэр остолобуойдаахтар этэ, олор быраҕар ас тобохторуттан тугу эмит булаары хаһарбыт.

Кыайыы буолбут сураҕын ханна истибиккиний?

– Кыайыы буолбут диэн МТС-ка (массыына-тыраахтар станцията) истибиппит, бары үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуттара. Бороҕоҥҥо тахсан кыайыыны бэлиэтээбиппит, ураа, хаһыы-ыһыы, ытаһыы-соҥоһуу барыта баара, өйбөр ол хаалан хаалбыт. Аҕам миигин кууһан ылан массыынаҕа олордон илдьэ барбыта, убайым ханна кыбыллыбытын билбэппин. Дьэ, ол баар этэ, киһи олоҕор умнуллубат гына хатанан хаалбыт саамай үөрүүлээх күн, билэрдиин-билбэттиин бука бары эҕэрдэлэһиилэрэ, куустуһуулара, харах уулаах сирэйдэрэ хаһан даҕаны хараххыттан, өйгүттэн-санааҕыттан сүппэт эбит. Мин оччолорго быыкаа, алталаах эрэ кыыс буоллаҕым.

Биэс көлүөнэ

Оҕо сааһыҥ саамай өйдөнөн хаалбыт күнэ, кэмэ ханныгый?

– Дьэ ол кыайыы ыам ыйыгар буолбутун кэннэ, аны сайыныгар Кыайыы ыһыаҕар аҕабын, убайбын кытта тахса сылдьыбыппыт. Томторго буолбута, наһаа үчүгэй ыһыах ааспыта. Кэнсиэр буолбута, киһи бөҕөтө, бырааһынньык бөҕөтө, сахалыы таҥастаах дьахталлар тусталларын өйдүүбүн, араас күрэхтэһии, мас тардыһыыта эҥин буолбута быһыылаах. Аҕам миигин наар илдьэ сылдьыбыта, сүтэн хаалыа диэн. Ыһыахха таһаҕас тиэйэр массыынанан киирбиппит. Миигин илдьэ бараары дьонтон таҥас  уларсан кэтэппиттэрэ. Дьэ, ити Кыайыы күнэ уонна Кыайыы ыһыаҕа оҕо сааһым саамай умнуллубат түгэннэрэ, кэмнэрэ этилэр.

Сэриигэ эн дьоҥҥуттан кимнээх барбыттарай, эргиллибиттэрэ дуо?

– Аҕам бырааттара сэриигэ баран кэлбиттэрэ. Икки Лэгэнтэй, биирэ Омуннаах Лэгэнтэй, иккиэн Уйбааныбыстар уонна Бурцев Дьөгүөр Баһылайабыс диэн, сорохторо кэлбиттэрэ, сорохторо хаалбыттара, ханнык хайысхаҕа, хайа диэки тыыннарын толук уурбуттарын билиҥҥэ диэри билбэппин.

Таайым Дьөгүөр Баһылайабыс Дьоппуонньуйа сэриитигэр Көстөкүүннүүн (мин аҕабын этэр - Ааптар) бииргэ сылдьан сэриилэспиттэр, таайым синиэлин уордаран ылан эн аҕаҕыныын биир синиэли бүрүнэн утуйаллара эбитэ үһү.

Таайым буҕаалтыр этэ, онон манна отчуокка кэлэрэ. Онно кэпсэтэллэрин истэр этим. Уу-уот ортотунан сылдьан киһи буолан, тыыннаах ордон кэлбиппит дииллэрэ. Кытаанах кэм, ас-үөл суох, дэлби аччыктыырбыт диэн кэпсииллэрэ. Убайым сыл аайы миэхэ кэлэн олороро, эһиэхэ онно хайаан да тахсара, сылдьара, Көстөкүүннүүн наһаа эйэлээхтэр, доҕордуулар этэ.

Сэрии кэнниттэн хайдах олорбуккутуй?

– Сэрии кэнниттэн айылҕабыт кытта саҥаттан тиллэн, тыллан киирэн барбыта. От-мас, бурдук, сиэмэ үүнэн, куобах, кус дэлэйэн, олохпут көнөн, бука бары сиэмэ бөҕөнү астаан, үүнүү бөҕөнү ылан, олох-дьаһах тупсан барбыта.

Аччыктааһыны, өлүүнү-сүтүүнү көрүстэҕиҥ. Ол кэмҥэ саамай тугу сиэххин баҕарар этигиний?

– Саамай сиэхпин баҕарарым сахалыы лэппиэскэ этэ, аҕабыт син үлэлиир буолан хааһы сиир этибит, бурдук хааһыта дэнэрэ.

12 хостоох уопсайга олорбуппут, онно хантан эрэ куотан кэлбит нууччалар олороллоро, олор оҕолорун барыларын уочаратынан көрөммүн миигин сууйаллар да этэ, аһаталлар да этэ. Ол сылдьан син нууччалыы саҥара, быһаарса, кыратык да буоллар үөрэммитим, онтум кэлин туһалаабыта.

18 сааскар Кэптэнигэ кийиит буолан кэлбиккин. Оччотооҕу ыалларыҥ наһаа муодунай, көбүс-көнө, уп-уһун уҥуохтаах, кыраһыабай да кыыс кэлбитэ дииллэр. Сүктэн кэлбитиҥ туһунан кэпсээ эрэ.

– Икки атынан сүктэн кэлбитим. Дьөгүөрүм балта Балбаарыс кэргэнэ Ыстапаан буолан айаннаан кэлбиппит, таҥастаах-саптаах, оччолорго кыахтаах кыыс кэлбитим, мааны бөҕөтө, уп-уһуммун, синньигэспин.

Кэлбиппэр ыалларым Даайа, Муоча, Өкүлүүн бааллара, бары дьэ оһоххо мас сыыһа уураннар отуннарбыттара, оһоҕум умайан чачыгырыы түспүтэ. “Оо бу үчүгэй бит, оҕолоох-уруулаах киһи буолсугун”,– дэспиттэрэ. Балбаарыс астаабыт алаадьытынан оһохпун аһаппытым.

Ол курдук хонон турдаҕым сарсыныгар 50 киһилээх уруу тэрийбиттэрэ. Оччолорго бэлэхтэрэ диэн биир ыстакаан, биир киилэ арыы, ким эрэ от биэрбитэ, кэлэрбэр энньэм диэн үс сүөһүлээх – ынахтаах, тыһаҕастаах, ньирэйдээх этим. Таҥаһым да буолунай, сундуук муҥунан. Анарааттан эдьиийим Ховрова Дуунньа барытын бэлэмнээн, тэрийэн ыыппыта.

Кэргэҥҥиниин Дьөгүөрдүүн ханна, хайдах билсибиккиний?

– Мин Чараҥҥа хотон пиэрмэтигэр үүт астыыр этим. Кэптэниттэн Тандаҕа эр дьон, уолаттар оттуу баран эрэллэр эбит, дойдуларыгар от үүммэккэ, онно билсибиппит. Бастаан миигин көрбөтөхтөр этэ, дьүөгэм кэннигэр утуйа сыппытым. Сарсыныгар сарсыарда “ити кимий” диэбиттэригэр, “эмээхсин утуйа сытар, тыытаайаххытый,  уһугуннарымаҥ” диэбиттэр. Ол отчуттар кэлэн хоноллор этэ. Сарсыарда ойон туран таҥнан, үлэбэр хотоммор тахсабын. Арай уп-уһун баттахтааах, уп-уһун кыыс тахсан кэлбиппэр бары соһуйа көрбүттэр. Онно Дьөгүөр миигин аан бастаан көрөн, астынан, сэмээр кэлэн билсэр, кэпсэтэр. Тугу кэпсэтиэхпитий, туох дьоннооххунуй эҥин диэн ыйыталаһабыт, кини балтылаахпын, мин убайдаахпын дэһэбит. Онтон дьэ кэлэ-бара сылдьан, билсэн ыал буолбуппут.

Бастакы оҕоҕут 1959 сыллаахха күн сирин көрбүтэ, онтон ыла утуу-субуу төрүүллэр, Дьоруой Ийэ буолаҕын. Элбэх оҕолоох буолар дьол буоллаҕа.

– 12 оҕону төрөппүтүм, алтата уол, алтата кыыс этэ, иккитэ игирэлэммитим. Билигин аҥаардара бааллар, бары этэҥҥэ олороллор. Бастакы икки оҕобун биир сылга оҕоломмутум, Колялаах Кимчик 1959 сыллаахтар. 1960 сылга Риталаах Гоша игирэлэр төрүүллэр, онтон субуруччу атыттар кэлэн иһэллэр. 24 сааспар хайыы-үйэ 5 оҕолоох этим.

Ити игирэлэрим бэрт дьиктитик төрөөбүттэрэ. Сарсыарда алта аҥаарга кыыс кэллэ, онтон уол киэһэ сэттэ аҥаарга төрөөтө. Шунаев диэн нуучча быраас кэлэн уолбун ыган таһаарбыта. Тандаттан кэлээттин кытта Кэптэнигэ дьахтар кыайан төрөөбөккө сытар дииллэрин кытта кэлбит. Игирэлэр баалларын бэйэм да билбэт этим. 12-13 чаас арыттаах төрөөбүттэрин дьон иһиттэхтэринэ соһуйаллар. Икки хаа тус-туһунан буолан оннук төрөөтөхтөрө.

Олоххор араас ыарахан түгэннэри көрсүбүтүҥ, оҕолоргун да сүтэрбитиҥ. Олус кытаанах санаалаах буолаҥҥын ол кэмнэри аһардаҕыҥ. Нэһилиэккэр дьон холобур оҥостор, киэн туттар киһитэ буолаҕын. Ол кэмнэри хайдах аһарыммыккыный?

– Кырдьык, киһи киһиэхэ баҕарбат уустук кэмнэрин көрсүбүтүм. Ийэ оҕотун сүтэрэрин саҕа ыарахан бу орто дойдуга суох буоллаҕа. Ол кэмнэри чугас дьонум, дьүөгэлэрим, аймахтарым-урууларым, оҕолорум көмөтүнэн, дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннаах буоламмын өйөөннөр, көрөн-истэн, аһартаабытым. Алдьархайдаах ыарахан күннэри аһарбыт эбиппин.

— Дэриэбинэ дьоно эйигин үтүө санаалаах, бэйэҥ оҕолоруҥ таһынан интэринээккэ киириэхтэригэр диэри олус элбэх оҕону олордубут, дэлэй-холой илиилээх, астаах-үөллээх диэн билинэллэр. Аны дьиэҥ таһа сибэкки арааһынан симэнэрэ, оҕуруот аһын олордоруҥ, өссө кийиит кыыс кэлэн оччолорго сибэкки бөҕөтө олордон, олохтоохтору ол “ыарыыга” сыһыарбыт этиҥ.

– Оччолорго, кырдьык, биир да ыалга сибэкки суоҕа. Мин бастаан  Бороҕонтон сибэкки сиэмэтин ыламмын ыспытым. “Кыһыл атах” сибэккини дэриэбинэҕэ бастаан мин үүннэрбитим, онтон арассаадалаан дьоҥҥо бэрсэн, сыыйа тарҕанан, ыаллар олордор буолан барбыттара. Ол “Кыһыл атаҕы” сорохтор “Лида” диэн ааттаабыттар этэ.  Оскуола оҕолоро үөрэххэ киириилэригэр букет оҥорон биэртэлээн ыытар этим.

Биһиги нэһилиэкпит сопхуос киинэ этэ, элбэх учаастактан кэлэн оҕолор үөрэнэллэрэ. Оччолорго 10 кылаастаах Лөгөй орто оскуолатыгар 500-чэҕэ тиийэ оҕо үөрэнэ сылдьыбыт кэмнэрдээх. Биһиэхэ тулаайах оҕолор, аймахтарбыт эҥин оҕолоро, Уһун-Күөлтэн, Тулунаттан, Хомустаахтан диэн, алталыы эҥин буолан олороллоро, интэринээт оччолорго сэтинньигэ биирдэ аһыллар.

Биирдэ сопхуоспут дириэктэрэ Степан Гаврильевич Охлопков түннүгүнэн (хонтуора утары олоробут), оҕо бөҕөтө киирэрин-тахсарын, кэлэрин-барарын көрөн, 15 киилэ эт бириэмийэлээн турар; элбэх оҕолоох эрээри оҕо бөҕөтүн олордор диэн. Онно бука бары олус диэн үөрбүппүт, махтаммыппыт.

Аны ол олордор оҕолорбутун батыһаннар атыттар кытта кэлэн хонсоллор, муоста барыта оҕо, орон бүтүннүү оҕо, сарсыарда нэһиилэ оҕолор быыстарынан хааман тахсар этибит. Онтон бүтүннүү хомунан оскуолаҕа сып гынан хаалаллар.

Мин ол олордон үөрэттэрбит оҕолорум билиҥҥээҥҥэ диэри махтаналлар, наһаа истиҥ, үтүө тыллары этэллэр, бирибиэт ыыталлар. Интэринээккэ аһаан кэлэн баран өссө эһиэхэ тиийэн аһыыр этибит диэн кэпсииллэр. Оччолорго оччо элбэх оҕону хайдах аһатан, утутан, олордон олорбуппун билигин кэлэн сөҕөн кэпсэтэбит.

Эн үөрэҕэ суох, аахпат, суруйбат саха боростуой дьахтара, элбэх оҕолоох ийэ диэтэххэ, соҕуруунан-хотунан, ону ааһан аан дойдунан сылдьыбыт сириҥ олус элбэх. Ол туһунан кэпсиэҥ дуо?

– 1964 сыллаахха төрөөбүт Тамарабыт сүрэҕэ ыалдьар этэ. 1976 сыллаахха 6-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына оҕобун ханна эрэ баран эмтэппит, көрдөрбүт киһи диэн куруук саныырым. Улаханнык ханна да дэриэбинэттэн тэйбэтэх киһи, бэйэм күүспүнэн кэриэтэ, сүүрэн-көтөн, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин кытта кэпсэтэн, Бороҕоҥҥо эҥин киирэн көрдөһөн, Москванан Севастопольга, Евпатория санаторийыгар илдьибитим, сүрэҕин көрдөрө диэн. Нууччалыы син билэр буоламмын, ким да сирдээбэтэҕэ, оҕобунуун иккиэбит эрэ. Москваҕа көтөн тиийэммит, салгыы айаннаабыппыт. Ити дойдубуттан, дэриэбинэбиттэн бастакы тэйиим этэ.

Күүлэйдээбит сирим кырдьык элбэх. Кэрэҕэ-сырдыкка тардыһыылаах буолан киэҥ сирдэри көрүөхпүн баҕарар этим, онтубун үксүн толордум диэххэ сөп. Кытайга иккитэ сырыттым, Турцияҕа, Казахстаҥҥа, Киргизияҕа, ону таһынан Хабаровскайга турга баран кэлбитим, Алтайга Белокурихаҕа баран сынньаммытым. Ону таһынан хоту Өлөөнүнэн, Муоманан, Чыыстайынан айаннаабытым, Санкт-Петербурга, Москваҕа иккилиитэ сылдьыбытым. Өлүөнэ очуостарыгар, Саха сирин арааһынай санаторийдарынан эмтэммитим, сынньаммытым.

1986 сылтан “Оһуохай” түмсүүтүгэр сылдьыбытым. Ону таһынан Сайсары түөлбэтигэр “Үһүс көлүөнэ оскуолатын” биир актыыбынай кыттыылааҕабын, кэнсиэрдэргэ бастайааннай кыттарым.

Кыайыы күнэ чугаһаата. Саха сирин олохтоохторугар, кэнчээри ыччакка кэс тылгын, баҕа санааҕын тиэрдиэҥ дуо?

– Сэрии буолбатын. Бары үчүгэйдик, дьоллоохтук үлэлээн-хамсаан олоруоҕуҥ уонна кыайыы туһугар үчүгэйдик сылдьыаҕыҥ.

Билиҥҥи эдэр ыччат  урукку дьон холобурдарынан үлэни батыһан, өссө да сайынныннар, Сахабыт сирэ үүнэ-чэчирии турдун, ыччат үлэҕэ көхтөөх буоллун.

Бачча элбэх оҕону иитиэх-аһатыах диэтэххэ, биллэн турар, аҕа оруола сүҥкэн. Онон ыал аҕата Егор Федорович Бурнашев туһунан ахтыыны кыыстара, үс кыыс, түөрт сиэн эбэтэ, Лөгөй лицей-интэринээт иитээччитэ Сардана Егоровна Егорова кэпсиир: “Аҕабыт сэрии сылларыгар 14-16-лаах уол, инньэ гынан тыылга хаалбыттарга бииргэ төрөөбүт убайын, аҕатын кытта саамай төһүү үлэһиттэрэ. Балбаара диэн балтылаахтара. Фронт туһа диэн алдьархайдаах элбэх үлэни үлэлииллэр. Сүрүн үлэлэрэ балыктааһын эбит. Кини балыксыттар артыалларыгар үлэлэспит. Икки сыл аҕа убайыныын ууһуттарынан биллэллэр эбит, онон улахан муҥхаҕа муҥха иҥиннэҕинэ, ону араарааччынан сылдьыспыттар, саамай сүрүн үлэлэрэ ол эбит.

Маннааҕы кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, иҥнибит муҥханы  убайыныын хардары-таары сынньана-сынньана киирэннэр араараллар эбит. Ону оҕонньоттор махтананнар, маанылааннар, иккилии собону биэрэллэр эбит, атыттарга биирдии собо тиксэрэ үһү. 

Сэрии бастакы сылларыгар сир дойду барыта кууран-хатан, олох тута ыараан барбытыгар оҕолор барахсаттар наар кутуйах хасааһын көрдүүллэр эбит. Ол кутуйах хасааһа элбэх оҕону абыраабыт,  бэйэлэрин таһынан аччыктаабыт дьоҥҥо бэрсэллэрэ үһү.

Аҕабыт 1947 с. аармыйаҕа баран 4 сыл сулууспалыыр, ис дьыала оборонатыгар. Алдаҥҥа охранаҕа үлэлиир. Сулууспалара диэн хаайыылаахтары харабыллааһын эбит. Онно наһаа үчүгэй дьоннор бааллара, уопсайынан сахалар син элбэхтэр эбит, эйэлээх этибит диирэ, онон хаайыылаахтарга да өйдөөх, үөрэхтээх дьон бааллара диэн кэпсиирэ, эмискэ биир эмит киһини санаан ылара.

Аармыйаттан кэлэн баран син милииссийэ эйгэтигэр үлэлиэ эбитэ буолуо. Ол кэмнэргэ оннук сулууспалаан кэлбиттэр милииссийэҕэ киирэллэр эбит. Ону кини кырдьаҕас аҕалаах буолан ханна да кыайан барбатах, сопхуоһугар үлэлии хаалбыт.

1959 сыллаахха эдэр ыал аҕата, бастакы убайбыт төрөөбүт, ийэбит иккиһигэр ыарахан сырыттаҕына, Булгунньахтаах сайылыкка сөтүөлүү сылдьар үс оҕоттон биир кыыс ууга тимирэр. Ыһыы-хаһыы, аймалҕан буолар, биһиги аҕабыт оруобуна онно сиэрдийэ маһа тиэйиэхтээх буолан чугас сылдьыбыт. Онно оҕолору ыытаннар, ыҥыраннар, сүүрэн кэлэн ууга түспүт оҕону иккитэ умсан киирэн олох дүөдэ түгэҕэр тимирбит биэстээх-алталаах кыыһы таһаарар. Ол оҕону быыһаабытын туһунан улууска биир гына тилийэ көтөр, хаһыакка Бэрииһэп Уйбаан аҕабыт хорсун быһыытын туһунан суруйар. Аҕабытын наҕараадаҕа түһэрээри докумуонун көрдөөбүттэригэр, оччолорго сэрии бэтэрээнэ элбэх,  дьоруой элбэх диэн, олох сапсыйан кэбиспит, эмиэ тугун дьоруойай диэн. Ити кини сэмэйин, көнөтүн көрдөрөр биир ураты майгыта диэн оҕолоро билигин сыаналыыбыт.

Ол кыыс улаатан, Павлова Ирина Семеновна диэн үрдүк үөрэхтээх учуутал буолбута. Аҕабытын иккис аҕа оҥостон, үйэтин тухары махтанар этэ. Ийэлээх аҕата эмиэ аҕабытыгар куруук махтаналлара.  Оҕо сырыттахпытына Ирина Семеновна устудьуоннуу сылдьан кэлэригэр биһиэхэ барыбытыгар кэһии аҕалан ыалдьыттаан барара. Аҕабыт улахан кыыһым кэллэ диэн сэргэхсийэр этэ. Бу биһиги дьиэ кэргэҥҥэ да, аҕабыт олоҕор да биир саамай умнуллубат түгэн буоллаҕа.

Кэлин наар тутууга, нэһилиэк сайдыытыгар, кулууп, оскуола  тутуута да буоллун, оробуочайынан үлэлэспит эбит. Ыаллар дьиэ тутталларыгар эмиэ күүс-көмө буолан бэйэтин мас ууһун быһыытынан көрдөрбүт.

Сэрии кэмигэр балыкка үлэлээбитэ олоҕун устата сөбүлүүр дьарыга буолан, наар илимнээн тахсара. Чугас ыалларын илим балыгынан күндүлүүрэ. Кэнники балыгы атын сирдэргэ көһөрүүнэн дьарыктаммыта.

Ити курдук биһиги бары холобур оҥостор киһибит бэйэтин туһугар сэмэй, кыайыылаах-хотуулаах, дьоллоох олоҕу олорон аастаҕа”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...