30.10.2020 | 10:14

Лианаҕа биһиги көмөбүт наада

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу ый саҥатыгар эрэдээксийэбитигэр көмө көрдөөн эдэр ийэ кэлэн барбыта. Оҕото эмтэнэригэр кыахтаах, тойон-хотун, бизнесмен дьонтон үп-харчы көрдөһөрүгэр нууччалыы, сахалыы туһаайыы сурук суруйарыгар көмөлөспүппүт. Ол саҕана наадалаах 15 мөлүйүөнтэн иккитэ эрэ хомуллубут этэ...

Билигин кырачаан Лиана Салиева куһаҕан ыарыыны утары охсуһарын өрөспүүбүлүкэ барыта иһиттэ. Норуот көмөтүнэн наадалаах суума аҥаара хомулунна – 8 флакон эмэ атыылаһылынна. Бастаан 15 мөлүйүөн наада эбит буоллаҕына, билигин евро курса уларыйан, 16 300 000 солк ирдэнэр буолла.

Оҕо олоҕо салҕанарыгар, саха биир ыала дьоллоох буоларыгар хас биирдиибит кыттыһыан, кылаатын киллэриэн сөп.

– Мин Светлана Александровна Львова диэммин, Сунтаар улууһун Күндэйэтиттэн төрүттээхпин. Кырачаан кыыһым Лиана Салиева 2016 сыллаахха атырдьах ыйын 2 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Оҕом ыалдьыан иннинэ биһиги Сунтаарга олорбуппут, онтон кэнники Дьокуускайга көһөн кэлэргэ күһэллибиппит.

Оҕом бастаан 2019 сыл кулун тутарыгар ыалдьыбыта. Муннун хаана кэлэр буолбута, дэлби тиритэр этэ, сөп буола-буола температурата тахсара. Улуус стационарыгар киирэн рентген түспүппүтүгэр сэбиргэхтэппит (пневмония) диэн буолбута. Антибиотигынан эмтэммиппит, туруга улам мөлтөөн барбыта. Оҕом дьүдэйэн, ыран испитэ.

Муус устар ортотугар Медицинэ киинигэр кэлэн киирбиппит. Уһун чинчийии, анаалыс түмүгүн кэтэһии кэнниттэн “Нейробластома правого надпочечника с метастазами в лимфоузлы, костный мозг, в кожу, в кости скелета, 4 стадия, группа высокого риска” диэн ынырык диагноһы истибиппит. Онтон ыла мин олоҕум тосту уларыйбыта.

Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!

Ийэҕэ саамай улахан дьоло – төрөппүт оҕото этэҥҥэ улаатара. Оттон Светлана оҕото  кып-кыра сааһыттан куһаҕан ыарыыны утары охсуһар. Ийэ @salievaliana инстаграм страницаҕа эмтэниилэрин, оҕотун туһунан аһаҕастык суруйар. Киирбит харчыны отчуоттаан иһэр, көмөлөспүт дьоҥҥо махталын тиэрдэр:

Кыракый кыысчааным сылтан ордук ынырык ыарыыны утары хорсуннук кииристэ:

— биопсия ылыытын эпэрээссийэтин этэҥҥэ ааста;

— 6 блок күүстээх, немецкэй протоколунанан бэриллэр, химимотерапияны ааста;

— искэнин ылан бырахтылар;

— үрдүк дозалаах химиотерапияны ылла;

— сэлии трансплантациятын ааста (пересадка костного мозга).

Маны барытын Москва куоракка Д.Рогачев аатынан Оҕо гематологиятын, онкологиятын, иммунологиятын чинчийэр медицинэ киинигэр босхо, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин квотатынан аастыбыт. Оҕобутун быыһыыр туһугар туохпутун барытын ууран биэрэргэ бэлэммит. Эпэрээссийэбит этэҥҥэ ааспыта. Аны бөҕөргөтүөхпүтүн наада.

Билигин мин оҕом доруобай буоларыгар суһаллык “Иммунотерапия GD2 антителами” (динутуксимаб бета) диэни ааһыан наада. Бу терапияҕа киирэр олус ыарахан сыаналаах эмтэр Арассыыйаҕа регистрацията суохтар, ол эрэн Европаҕа уонна Америкаҕа искэн ыарыылаахтары эмтээһиҥҥэ киэҥник туттуллаллар. Урут маннык эмтэниини омук сиригэр эрэ ааһыахха сөбө, быйылгыттан Д.Рогачев аатынан кииҥҥэ, эми бэйэбит атыыластахпытына, эмтэнэр кыахтанныбыт.

Мин оҕом олоҕун салҕыыр эмп 15 000 000 (уон биэс мөлүйүөн) солкуобай сыаналаах.

Биһиэхэ хас биирдии салгынынан тыынар сөкүүндэбит күндү буолла. Ыарыыта салгыы хайдах буолуо биллибэт, хаһан баҕарар уһуктан кэлиэн сөп.

Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс! Ким төһө кыахтааҕынан көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүн.

Мин оҕом үҥкүүлүүрүн таптыыр, оҕо-оҕо курдук оонньуон-көрүлүөн баҕарар, оҕо саадыгар талаһар, оскуолаҕа үөрэниэн баҕарар.

Хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан туран, сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран, бар дьоммуттан, хас биирдиигититтэн, көмө харчы көрдөһөбүн.

Биһиги тугу кыайбатахпытый?!

Хомойуох иһин, судаарыстыба уйунар-уйуммат, үбүлүүр-үбүлээбэт эмтээх. Ыалдьыбыт дьон тыыннаах хаалар туһугар туохтарын барытын атыылаан, сүүстэрин тэбэнэн, кирэдьиит киирэн туран эмкэ бараллар. Кыайбатахтарына эрэ дьонтон көмө көрдүүллэр.

Маннык түгэннэргэ норуот тугу кыайбатаҕай? Өйдүүгүөт, кыракый Айтал Кашкин араак ыарыыттан эмтэнэригэр саха дьоно оччолорго хайдахтаах курдук үтүмэн үбү аҕыйах хонук иһигэр хомууйбуттарай! Хомойуох иһин, Айталы ыарыы ытарчалыы ылан баран ыыппатаҕа. Ол эрэн кини кып-кылгас уонна сырдык олоҕо саха дьонун олус күүскэ түмпүтэ. Онтон ыла аһымал аахсыйалар киэҥ хабааннаахтык ыытыллар буолан барбыттара.

Былырыын эдэр ийэ Альбина Дуткина араактан эмтэнэригэр Саха сирин олохтоохторо улахан көмө буолбуттара. Соҕуруу Кореяҕа баран эпэрээссийэлэнэн этэҥҥэ буолла. Билигин киниэхэ көмө хомуйарга арыллыбыт инстаграм страница аһымал хамсааһыҥҥа кыттыһан @pomogi_ykt страница буолан, көмө көрдүүр дьону таһаарар улахан балаһаакка буолла.

Сунтаардар кыыстарыгар Лианаҕа көмөлөһөн таһаарбыт хамсааһыннарыгар өрөспүүбүлүкэ барыта кыттыһан эрэр. Пандемиянан хааччахтар турбатахтара эбитэ буоллар үп-харчы хомуллара чахчы түргэтээбит буолуо этэ.

Социальнай ситимнэргэ кэлиҥҥи кэмҥэ бу ынырык ыарыыны  утары охсуһар дьон көмө харчы көрдөһөллөрө наһаа элбээбитин бэлиэтии көрөр буолуохтааххыт. Бу дьоҥҥо, эн уонна мин эрэ көмөлөһөр кыахтаахпыт. Кинилэр судаарыстыбаттан көмө эрэйэр кыахтара суох, бэйэлэрин кыахтара барыта баранар, ол иһин дууһаларын кыланыытын киэҥ эйгэҕэ таһаарарга тиийэллэр.

***

Кырачаан Лиана Салиева бэйэтэ эмтэнии сүрүн түһүмэхтэрин ааста. Аны киниэхэ биһиги өйөбүлбүт эрэ наада. Биир күн кофе ылан иһэртэн, остолобуойга, кафеҕа эбиэттииртэн туттуна түһүөххэ, 100 солкуобайы, 200 солкуобайы да буоллун, иэдээҥҥэ түбэспит ийэҕэ ыытыахха!

Үтүөнү оҥордоххо үс төгүл үксээн бэйэҕэр  эргиллэр дииллэр. Чахчыта да оннук.

Көмө буолар, күн аайы харчы ыытар дьоҥҥо ийэ махтала муҥура суох. Кыра-кыралаан наадалаах сууманы хомуйуохпут, Лиана дьоллоох оҕо саас диэни билиэҕэ!

Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас!

Лиана ийэтин реквизиттэрэ:

Мобильный банк +7 964 429-87-43

? Сбербанк Львова Светлана Александровна 4276 7616 4810 5936 ?Алмазэргиэнбанк 4278 4300 0075 4925

? Тинькофф: 5536 9138 0537 7385

?ВТБ: 2200 2407 1993 2044

?АТБ: 5329 4758 9620 2790

?Яндекс кошелек: 4100 1157 1651 8537

Сбербанк для юр.лиц: Якутское отделение #8603 ПАО Сбербанк БИК 049805609 к/с 30101810400000000609 р/c 40817810676000427600

Инстаграм страница : @salievaliana

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...