ҮЛЭТЭ СУОХ БОСУОБУЙАТЫН КЭЭМЭЙЭ 24 260 СОЛК. БУОЛЛА
Саха сиринээҕи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ саамай үрдүк кээмэйдээх үлэтэ суох босуобуйатын Аллараа Халымаҕа, Мииринэй оройуонун Айхалыгар уонна Удачнайга ылаллар – босуобуйа 24 260 солкуобайга тэҥнэстэ.
Оройуоннааҕы коэфициенынан суоттанан, босуобуйа муҥутуур кээмэйэ Дьокуускайга, киин, илин эҥээр улуустарга ыйга 16 982 солкуобай буолла, Бүлүү бөлөх улуустарыгар — 19 408 солкуобай, Мииринэйгэ — 20 621 солкуобай.
Босуобуйа кээмэйэ бүтэһик үс ыйдааҕы орто хамнаһынан ааҕыллар: бастакы үс ый устата бу сууматтан 75 %, кэлиҥҥи үс ый 60 %. Ол эрэн босуобуйа кээмэйэ оройуоҥҥа ыйыллыбыт муҥутуур кээмэйтэн үрдүө суохтаах.
Бу сууманы алта ый иһигэр (биэнсийэҕэ тахсыан биир сыл иннинэ) сулууспа хантараагынан эбэтэр үлэ дуогабарынан сыл аҥаара үлэлээн баран учуокка турбут гражданин ылар кыахтаах.
Үлэтэ суох буолуу босуобуйатын алын кээмэйэ Дьокуускай куоракка, киин, илин эҥээр улуустарга ыйга 2 100 солкуобайга тэҥнэһэр, Мииринэйгэ — 2 550 солкуобай, Аллараа Халымаҕа, Удачнайга уонна Айхалга — 3000 солкуобай.
Босуобуйа үс ый устата төлөнөр. Бу кэм иһигэр киһи саҥа үлэни кыайан булбатаҕына, үс ый кэнниттэн бу босуобуйа төлөммөт. Оттон үлэ биржэтигэр испииһэккэ төһө баҕарар кэмҥэ сылдьыан сөп.
Дьарыктаах буолуу киинигэр бэлиэтэниэн иннинэ сулууспа хантараагынан уонна үлэ дуогабарынан сыл аҥаара үлэлээбит, өр кэм тохтоон баран үлэтин сөргүтэргэ былааннаммыт, аан бастаан үлэ көрдүүр, буруйу эбэтэр сыыһаны оҥорон ууратыллыбыт, предпринимательствоттан тохтообут гражданиҥҥа босуобуйа алын кээмэйэ ананар.