Үлэтэ суох ахсаана 12 төгүл элбээтэ
Пандемия кэмигэр СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин Дьокуускай куораттааҕы управлениетын үлэтэ атын таһымҥа таҕыста. Үлэ үксэ электроннай эйгэнэн барар буолла, бэл, үлэ дьаарбаҥкалара онлайн ыытылыннылар.
Ол туһунан уонна билиҥҥи кэмҥэ туох саҥа сүүрээннэр киирбиттэрин салайааччы Мария Трофимовна Слепцова кэпсиир:
– Дьарыктаах буолуу киинэ пандемия кэмигэр хайдах үлэлиирий?
– Пандемия кэмигэр биһиги тэйиччи олорон үлэлиир ньымаҕа толору көстүбүт. Ол аата офиска үлэ көрдөөччүлэр кэлбэттэр, барыта интэриниэт, төлөпүөн, электроннай почта нүҥүө оҥоһуллар. Арай интэриниэттэрэ, электроннай почталара суох дьон учуокка турарын эбэтэр турбатын туһунан ыспыраапкалара эрдэттэн күнүн, бириэмэтин суруйтарыынан бэриллэр буолла.
СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин Дьокуускай куораттааҕы управлениетын аадырыһа: П.Алексеев уул., 19/3.
“Моя работа” офис быһа линията: (4112) 508-800
– Үлэтэ суохтар учуоттарыгар туруу бэрээдэгэ уларыйбыта дуо? Учуокка турарга ханнык докумуоннар наадаларый? Ханна туттаралларый?
– Үлэтэ суох киһи үлэ көрдүү билигин «Работа в России» диэн ааттаах сайт эбэтэр судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорор портал нөҥүө сайабылыанньа биэриэн сөп. Манна, бастатан туран, судаарыстыбаннай өҥөҕө туттуллар логин, пароль баар буолуон наада. Сайабылыанньаларын, пааспардарын, үлэ киниискэтин, үөрэхтэрин, квалификацияларын туоһулуур докумуоннарын толорон уонна ханна бастайааннай пропискалаах миэстэлэриттэн көрөн, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин талан ыыталлар.
Бу сайабылыанньалара тутатына «Работа в России» порталга кэлэр, ону биһиги көрөн учуокка туруорабыт уонна билигин биһиги базабытыгар сөптөөх үлэ миэстэтэ баар буоллаҕына, үлэҕэ киирэргэ направление биэрэбит. Бу направлениены электроннай почталаах дьоҥҥо почталарыгар ыытабыт, суох буоллаҕына эрдэттэн күнүн, бириэмэтин суруйан офиска ыҥыран биэрэбит.
Куоракка үлэ булбатахтарына, өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннуктарыгар баран үлэлиэхтэрин баҕарар буоллахтарына, эмиэ көмөлөһөбүт. Холобур, Чаяндаҕа Дьокуускайтан бастакы, иккис хомуурга 10 киһи барбыта, 3-с хомуурга 17 киһи бараары медицинскэй чинчийиини бара сылдьар.
Бу балаҕан ыйын 18 күнүттэн ыла судаарыстыбаннай бырагыраамабытыгар уларыйыылар киирэн, промышленнай эрэ тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбит киһиэхэ буолбакка, биһиги өрөспүүбүлүкэбит араас тэрилтэтигэр үлэҕэ киирэр киһиэхэ харчынан көмө көрүллэр. Быстах үлэҕэ киирэр дьоҥҥо тырааныспарка ороскуоттарын, суточнайы, биирдэ төлөнөр босуобуйа 17400 солк., 3 ыйга диэри олорор дьиэ куортамын, 1 сууккатыгар 550 солкуобай иһинэн.
Оттон үлэ булан куораттан көһөн барар үлэтэ суох киһиэхэ уонна кини дьиэ кэргэнигэр тырааныспарка ороскуоттарын, суточнайы, биирдэ төлөнөр 17400 солк. босуобуйа, 5 тоннаҕа диэри таһаҕас төлөнүөн сөп.
Пандемиянан үлэтэ суох хаалбыттарга үрдүк босуобуйа төлөнөн бүтэр
– Пандемиянан сибээстээн үлэтэ суох хаалбыт дьон туох көмөнү ылалларый?
– Өскөтүн 10 хонук иһигэр үлэ көрдүүргэ сайабылыанньаларын ыыппыттарын кэннэ үлэ булбатахтарына, быһаарыы ылыллар. 11-с хонук иһигэр бу киһини үлэтэ суоҕунан ааҕыллар уонна регистрацияламмыт күнүттэн саҕалаан босуобуйа ананар. Бу көмө уруккуттан баар. Пандемиянан сибээстээн кулун тутар ыйтан үлэлэриттэн уурайбыт дьон атырдьах ыйыгар диэри улахан кээмэйдээх босуобуйаны ылбыттара, босуобуйа кыра кээмэйэ муус устар ыйтан атырдьах ыйыгар диэри 1500 солкубайтан 4500 солкуобайга диэри үрдээбитэ. Бу оройуоннай коэффициеннаах Дьокуускай куоракка 6300 солкуобайга тэҥнэспитэ. Уонна ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри оҕолоох төрөппүттэргэ биирдэригэр 3 тыһ. солк. хас биирдии оҕоҕо эбии харчы босуобуйаҕа көрүллүбүтэ.
Үлэтэ суох учуотугар турбут киһи босуобуйатын кээмэйэ: Балаҕан ыйыттан босуобуйа алын кээмэйэ урукку курдук 1500 тыһ. солк., үрдүк кээмэйэ 12130 солк., Дьокуускай куоракка оройуоннай коэффициеннаах 2100 солк. уонна 16982 солк. буолар.
Онлайн үлэ дьаарбаҥкалара
– Үлэнэн хааччыйааччыларга, тэрилтэлэргэ туох көмө көрүллэрий?
– Үлэнэн хааччыйааччыларга анаан бу пандемия кэмигэр, бастатан туран, аһаҕас үлэ миэстэтин иһитиннэрдэхтэринэ учуокка үлэтэ суох дьонтон сүүмэрдээн сөптөөх идэлээх дьон туһунан испииһэк ыытабыт, онтон үлэ биэрээччи бэйэтэ төлөпүөнүнэн эрийэн үлэҕэ ыҥырыан сөп эбэтэр биһиэхэ бу дьонтон хас киһини талбытын эттэҕинэ, үлэтэ суох дьоҥҥо направление бэриллэр. Иккиһинэн, үлэ дьаарбаҥкатын ыытабыт, эрдэттэн күнүн, чааһын ханнык тэрилтэ кыттыыны ыларын, аһаҕас үлэ миэстэлэрин ыйан туран, онно бу тэрилтэлэргэ киирэн үлэлииргэ сөбүлэспит дьонтон резюмеларын хомуйабыт уонна дьаарбанка буолар күнүн иннинэ бассаап бөлөххө киллэрэн дьаарбанкаҕа хайдах киирэн кыттыыны ылалларын сүбэлээн биэрэбит. Онтон онлайн дьаарбаҥка ыытыллар. Маны таһынан, үлэнэн хааччыйааччыларга онлайн семинардар ыытыллыбыттара.
– Быстах кэмҥэ үлэ булан биэрии хайдах ыытылларый?
– Балаҕан ыйыттан ыла үлэтэ суох дьоҥҥо быстах кэмҥэ үлэ булан биэрии үлэнэн хааччыйааччылары кытта дуогабар түһэрсэртэн саҕаламмыта. Ол курдук, 21 дуогабар түһэрсиллэн, 130-тан тахса киһи үлэлии сылдьар. Бу тэрилтэлэр сыл бүтэһигэр үлэтэ суох дьоҥҥо уопсастыбаннай үлэ тэрээһинин түмүктээн, хамнастарын төлөөн баран, субсидия ыларга куонкуруска докумуоннарын биэрэн үлэлэппит дьоннорун хамнастарын сороҕун төннөрүөхтэрин сөп. Ол курдук, холобур, биир ыйга үлэлэппит киһи хамнаһын, страховой взноһун эбэн, үлэнэн хааччыйааччыга 22110,56 солк. төлөнүөн сөп.
Үлэтэ суох буоллаххына саҥа идэни баһылаа
– Үлэтэ суохтары үөрэттэрии хайдах ыытылларый? Ким хапсарый?
– Биһиги быйыл 4 бырагырааманан дьону үөрэттэрэбит. Ол курдук, быйылгыттан «Демография» национальнай бырайыак киирбитэ. Бу бырайыак нөҥүө саҥа идэ ылыахтарын эбэтэр квалификацияларын үрдэтиэхтэрин сөп:
- биэнсийэҕэ тахсыбыт уонна биэнсийэҕэ тахсаллара 5 сылтан аҕыйах хаалбыт дьон;
- тэрилтэ нөҥүө 3 сааһыгар диэри оҕо көрөн олорор уонна 6 сааһын туола илик оҕолоох үлэлээбэт уонна ханнык да тэрилтэ учредителэ, салайааччыта буолбатах ийэлэр.
Эһиилгиттэн, 2021 сылтан, аныгы экономика эйгэтигэр наадалаах идэлэргэ үөрэттэрэр кыахтаныахпыт: графическай дизайн, ландшафтнай дизайн, программирование, бухгалтерия, делопроизводство, закупки уонна д.а.
Үлэтэ суох киһи ханнык да тэрилтэ учредителэ, салайааччыта буолбатах буоллаҕына «Местные кадры в промышленность» диэн бырайыагынан СӨ бүддьүөтүттэн үбүлэнэн, хас сыл ахсын саҥа оробуочай идэлэри баһылыахтарын сөп. Манна С, Е, Д категориялаах суоппар, бульдозер машиниһа, экскаватор машиниһа, бортунуой, повар, электромонтер, сварщик, электрогазосварщик, делопроизводитель, маникюр специалиһа, санитар, парикмахер, иитээччи эбэтэр үөрэхтээх буоллахтарына квалификацияларын үрдэтиэхтэрин сөп: «1С бухгалтерия», «1С торговля», «Управление персоналом», «Управление государственными и муниципальными закупками».
Биһигини кытта АГАТУ, Автодорожнай техникум, БГУЭП, Медколледж, Практическай психология, педагогика уонна социальнай үлэ Сибиирдээҕи института, «Навигатор» ЧПОУ УЦ, ЦДПО «Луч» ХЭТ, «ЭРКИН” ЧПОУ УЦ, «Профресурс» үөрэтэр киин үлэлииллэр.
Билиҥҥи туругунан, уопсайа 279 үлэтэ суох дьон, 14 учуокка турбат үлэлээбэт ханнык да тэрилтэ учредителэ, салайааччыта буолбатах дьон «Местные кадры в промышленность» хайысханан үөрэнэ барбыттара. «Демография» бырайыак нөҥүө 11 тэрилтэ нөҥүө 3 сааһыгар диэри оҕо көрөн олорор уонна 6 алта сааһын туола илик оҕолоох официальнайдык үлэлээбэт уонна ханнык да тэрилтэ учредителэ, салайааччыта буолбатах ийэлэр, 5 биэнсийэҕэ тахсыбыт киһи уонна биэнсийэҕэ тахсара 2 сыл хаалбыт 1 киһи үөрэх баран саҥа идэлэммиттэрэ.
Билигин үлэтэ суох дьону «Местные кадры в строительство» бырайыак чэрчитинэн оробуочай идэлэргэ үөрэххэ ылабыт. Ол курдук, повар, “оператор заправочных станций”, “слесарь по ремонту автомобилей”, “электросварщик ручной сварки”, стропальщик, Д категориялаах погрузчик суоппара (фронтальнай), Д1, С категориялаах суоппар идэлэригэр ылабыт.
Эһиил үөрэнэргэ маннык идэлэргэ идэлэргэ сурутуу бара турар: электрогазосварщик, конвейер машиниһа, миэлиҥсэ машиниһа, дробильщик, сушильщик.
Үөрэхтэрин бүтэрэн баран «Южно-Верхоянская Горнодобывающая Компания» («Полиметалл») диэн тэрилтэҕэ үлэҕэ киириэхтэрин сөп.
Үөрэниэн баҕалаахтар, бу нүөмэрдэргэ эрийэн суруйтарыахтарын соп: (4112) 507-526. WhatsApp 8-962-735-30-13, e-mail: oproff@bk.ru
“Самозанятайдар” тустарынан
– “Самозанятай” аатын ким ылыан сөбүй? Кинилэргэ туох көрүллэрий?
– Үлэтэ суох киһи бэйэ дьыалатын арынан үлэлиэн сөп, ол курдук, бу от ыйын 1 күнүттэн “самозанятай” буоларга бэйэтэ нолуогабайга регистрацияланан үлэлиэн сөп, манна туспа нолуогабай эрэсиимнээх, сыллааҕы дохуотуҥ 2,4 мөл. солкуобайтан кыра буоллаҕына, өҥөнү оҥоруунан, атыылааһынынан атын киһини үлэҕэ ылбакка үлэлиир буолаҕын. Маны таһынан, кассовай аппарата, дохуотун туһунан декларацията суох уонна страховой взнос төлөөбөккө үлэлиэхтэрин сөп, нолуок 4%-тан 6%-ҥа диэри буолуон сөп.
– Үлэтэ суох киһи ахсаана төһө элбээтэ?
– Бу алтынньы 1 күнэ көрдөрүүтүнэн, биһиэхэ учуокка турар киһи ахсаана 13355, мантан үлэтэ суоҕунан ааҕыллыбыт киһи 12715 буолла. Бу сыл муус устар 1 күнүгэр 1519 үлэтэ суох киһи учуокка турар этэ, маны кытта тэҥнээтэххэ, 8 төгүл элбээтэ. Онтон былырыыҥҥы алтынньы 1 күнэ көрдөрүүтүнэн, үлэтэ суох киһи ахсаана 1023 этэ, ол аата быйыл 12,4 төгүл элбээтэ.
Дьарыктаах буолуу сокуонунан уонна от ыйын 10 күнүгэр 844 нүөмэрдээх Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, бу ыйтан 6838 киһи босуобуйата төлөнөн бүттэ.