Ленскэйгэ дьон клещкэ ытыттарара элбээтэ
Ленскэйгэ биир ый иһигэр клещкэ ытыттарыы 132 түгэнэ бэлиэтэннэ.
68 анаалыс бэрэбиэркэлэннэ, киһи олоҕор кутталлаах инфекция суох. Ол эрэн икки анаалыска "клещевой боррелиоз" (болезнь Лайма) диэн ыарыы баара көһүннэ.
Биир эр киһи уонна кыра оҕо эмсэҕэлээтилэр. Кинилэри билигин антибиотиктарынан эмтииллэр. Өссө биир партиянан клещтэри Дьокуускайга анаалыска ыытыахтаахтар.
Роспотребнадзор быраабылаларыттан:
Клещ муус устартан алтынньыга диэри кутталлаах. Араас инфекционнай ыарыыны тарҕатар, ол иһигэр энцефалиты.
- Айылҕаҕа тахсаргытыгар эккитин барытын бүөлүүр таҥастаах буолуохтааххыт.
- Акарициднай ыстарар эмтэринэн туттуҥ.
- Сөп буола-буола, клещ сыстыбытын-суоҕун бэрэбиэркэлэнэр үөрүйэхтэниҥ.
- Дьиэҕэ киириэххит иннинэ үчүгэйдик тэбэниҥ.
Клещ эккитигэр сыстыбыт буоллаҕына төбөтүн быспакка тууран ылан эбэтэр травмпууҥҥа туурдаран баран, хайаан да анаалыска туттарыҥ.