Ленинградка бастакы поезд
Бүгүн тохсунньу ый 27 күнэ. 1944 сыллаахха Ленинград блокадаттан босхоломмут күнэ. Оо, төһөлөөх үөрүүлээх күн эбитэ буолла?! Бүтүн дойду үрдүнэн күн бүгүҥҥэ диэри бэлиэтээн эрдэхпит. Сэрии ыарын билбит Ленинград дьоно. 872 күн ньиэмэс сэриилэрин тула хаачыкатыгар олоруу. Хоргуйуу, тоҥуу-хатыы, өлүү-сүтүү дьаралыктаммыт күннэр. Чуолаан төгүрүктээһин бастакы сылын күннэрэ. Чугас доҕотторгун туппутунан олорон былаҕайга былдьатыы. Кинилэргэ тугунан да көмөлөһөр кыаҕа суох буолан дууһа муунтуйуута. Ол саҕана Ленинградка үөрэнэ барбыт саха устудьуон кыргыттарын ахтыыларын уйадыйбакка эрээри кыайан аахпаккын. Аччыктаан, дарбаччы иһэн, уолаттар бииртэн биир тононон өлөн барбыттар. Айылҕа араҥаччылаан айан кыргыттар кэм тулуспуттар, уолаттары көрө-истэ бүөбэйдэһэ сатаабыттар да, кыайбатахтар.
Халлаан тымныйан, Ладога күөл мууһунан суол арыллан, бастаан атынан, онтон массыыналарынан сырыы тэрийэн, кэм куорат дьонугар өйүөк буолбута. Ас-таҥас, сэрии сэбэ-сэбиргэлэ онтон да атын таһаҕас тиэйиитэ син биир кыайтарбат этэ. Ол иһин сэриилэһэ сылдьар сорох чаастары уларытан тэрийтэлээн, тимир суол оҥоруутугар туруортаабыттара. Саллааттар «красноармеец» диэн оннугар «трудоармеец» диэн ааттаммыттара. Ленинградтан тимир суол тутуутугар олохтоохтортон таҥыллыбыт хамаандалар кэлэн үлэлэһэллэрэ. Муус үрдүнэн мас сваялары саайталаан, тимир суол тутуута саҕаламмыта. Үлэни Ладога күөл икки өртүттэн саҕалаабыттара. Күөл кытыыта барыта кутаҥнас бадараан дойду. Ону таһынан аата ахсаана биллибэт элбэх үрэхтэрдээх, аҥхайдардаах түбэ. Хас үрэх, улахан аҥхай аайы муоста туталлара. Тимир суол оҥорорго мастары тэлгэтэн, буор кутан томтотон, сорох сиргэ сваялары туруортаан үлэ барара. Бэл, ыксал тирээн, хаар кутан, уунан ыһан муус килиэ онорон томтотолоон, тимир суол шпалаларын уурталаабыттара, рельсэни тэлгэппиттэрэ кытта баара. Итинник сирдэри кэлин буор кутан күүһүрдүбүттэрэ. Үлэни түүннэри-күннэри симиэнэнэн ыыталлара. Өстөөх харса суох бомбалыыра, артиллериянан ытыалыыра, диверсия оҥорон тимир суол тутуутун туорайдаһара. Саҥа тимир суол тутуутунааҕар алдьаммыт тимир суолу хаттаан сөргүтэн оҥоруу үгүс этэ. Ону үлэни кэлимсэ тэрийэн ыытарга анаммыт управление аата УВВР-2 (Управление военно-восстановительных работ) диэн ааттаммыта кытта туоһулуур. Бу управление сүрүн күүһэ 11-с тимир суол үлэтин механизированнай биригээдэтэ этэ. Үлэ кэҥиириттэн уонна көрүҥүттэн көрөн управлениеҕа атын биригээдэлэри, батальоннары, хамаандалары биэртэлииллэрэ. Управление кыаҕынан 1942 сыл саҥатыгар 40 км усталаах тимир суола оҥоһуллубута.
Сайын-күһүн тимир суол үлэтэ салгыы барбыта. 1943 сыл тохсунньу ый саҥатыгар «Кыым» диэн ааттаммыт Ленинградскай уонна Волховскай фроннар кимэн киириилэрэ саҕаламмыта. Тохсунньу ый 18 күнүгэр аҕыйах биэрэстэ кэтиттээх сир босхоломмута. Сонно тутатына Ладожскай күөлгэ тимир суол тутуутун тохтоппуттара, үлэлии сылдьар чаастары күөл кытыытынан Поляна – Шлиссельбург 33 км усталаах тимир суол тутуутугар туруортаабыттара. Тимир суолу сэргэ Нева өрүһү туоруур муоста тутуллубута. Муоста уһуна 1,3 км, муус үрдүнэн сваялары туруоран, шпаланы мууска хам тоҥорон туппуттара. Ньиэмэстэр муостаны тутар уонна тимир суолга үлэлии сылдьар дьону бастаан Шлиссельбургтан, онтон кэлин Синявиноттан куруук артиллериянан ытыалыыллара, төһө кыаналларынан буомбалыыллара. Трасса устун сэрии саҕана Кыһыл Аармыйа да, ньиэмэстэр да туруортаабыт миинэлэрэ, эстибэтэх снарядтар, буомбалар мэһэй-таһай буолаллара. Трудоармеецтар өлөллөрө, бааһыраллара, үлэҕэ туһаныллар тиэхиньикэ алдьанара. Үксүн түүн үлэлээн, былааннаммыт болдьохтон 3 күн урутаан 17 күн иһигэр тимир суол таҥыллыбыта, муоста тутуллубута. Олунньу ый 7 күнүгэр Ленинградка бастакы поезд тиийэн кэлбитэ. Трасса «Коридор бессмертия» диэн ааттаммыта. Ленинградка коридор устун сылдьарга анал колонна тэриллибитэ. Синявиноттан ньиэмэстэр муостаны, тимир суол трассатын үксүн ырылыччы көрөн олороллоро, ытыалыыллара. Сүтүк элбэх этэ. Сыл иһигэр колонна 600 киһититтэн үс гыммыт биирэ ити трассаҕа хаалбыта. Онтон ыктараннар, хараҥаны былдьаһан, муостанан күҥҥэ 3 эрэ поезд ааһара. Кэлин трассаҕа поездтар аасыһар учаастактарын эбии оҥортообуттара, түүн светофордары туппут дьонру трассаҕа туруортаабыттара. Инньэ гынан коридор устун күҥҥэ 20-22 поезд сылдьар буолбута. Буомбаттан, снарядтартан тимир суол алдьаныыта элбэхтик тахсара, поезд сырыыта харгыстанара. Поезд сырыытын элбэтээри 1,5-2 км арыый тэйиччинэн уонна талах хаххалаах сиринэн иккис 18,5 км уһуннаах тимир суол тутуллубута. Күҥҥэ трасса устун 35 поезд ааһар буолбута. Кыһыннары-сайыннары поезд сырыытын хааччыйарга атын саҥа муоста тутуута саҕаламмыта. Муоста салгыҥҥа ыйанан турар курдук үрдүк сваяларынан оҥоһуллубута. Төһө да саҥа муоста тутулуннар, бастакы муоста син биир туһаныллара. Муосталар иккиэн алдьаннахтарына, паром сырыыта саҕаланара.
1941-42 сыл тымныы кыһын буолбута. Нева өрүс мууһа халыҥаабыта. Муостаҕа сааскы муус барыыта туһунан кыһалҕа буолбута. Үөһэттэн устан кэлэр халҕаһа муустар муоста сваяларын алдьаппатыннар диэн дэлби тэптэрэр хамаандалары туруортаабыттара.
1942 сыл күһүнэ сылаас турбута. Муус чараас буолан бэл ахсынньы ыйга саҕаланыахтаах «Кыым» операцияны 1943 сыл тохсунньу ыйыгар көһөрбүттэрэ. Муус чараас буолан, уонна субу-субу снаряд, буомба тоҕо тэбэриттэн, өрүс сул турара. Муус муосталары алдьатыаҕа диэн дьиксинии тохтообута. Ол эрэн хонтуруоллуурга дьон туруортаабыттара. Дьэ бу маннык хонтуруолга 1943 сыл кулун тутар ый 30 күнүгэр турбут Бордоҥтон төрүттээх саха уола старшай сержант Алексей Спиридонович Федоров граната үлтүркэйигэр табыллан, санбакка өйө-төйө, аатын да этэр кыаҕа суох киирэн, сураҕа суох сүппүт аатырбыта. Улахан уола Иннокентий сэриигэ өлөн, кыра уол Никитэ сураҕа суох сүтэн, онтон аны бу ортоку уол Алексей эмиэ сураҕа суох сүппүтүн истэн, ийэлэрэ Өрүүнэ кыайан хаампат буолбут, устунан уһаабатах, өлөөхтөөбүт. Бу уолаттартан Никита кыыһын Полина Никитичнаны 2018 сыллаахха Ильменҥэ бара сылдьан керсүбүтүм. Аҕата Никита 19-с биригээдэ буойуна Ильмень күөлүн кыргыһыытын, Взвад сэриилэһиитин этэҥҥэ туораан, Балагиж ойуурун кэннинээҕи ньиэмэс окуопаларын сэриилии сылдьан бааһырбытын уонна онтон сылтаан өлбүтүн ырытыһан чуолкайдаабыппыт. Биир убайа Иннокентий Старай Русса таһыгар сэриилэһэ сылдьан Гридино дэриэбинэҕэ көмүллүбүтэ чуолкайдаммыта. Аны билигин ортоку уол Алексей ир суолун ирдээммит, бааһырбыт сирин буллубут. Көмүллүбүт сирин буларбыт буоллар диэн баҕатыйабыт. Маны көрдүүргэ туорайдаһар өрүттэр баар буоллулар. Сураҕа суох сүппүт буойуттар дөкүмүөннэрин барытын, билиҥҥинэн эттэххэ КГБ хамаандата, бүтүннүү хомуйан ылаттаабыт. Кинилэр ытарчаларыттан наадыйар дөкүмүөннэри ыһыгыннарар ылбычча дьыала буолбатах эбит. Ол-бу ирдэбиллэрин ааҕан сиппэккин. Көрдүүргэ кыттыһыан баҕалаах Федоровтар сыдьааннара улам хаҥаан иһэллэр. Онон аны сайыҥҥа диэри тугу эмит туһумурдуур инибит диэн бөҕөх санаалаахпыт.
Алексей Спиридонович Федоров сэриигэ 1941 сыллаахха бастакы хомуурга түбэһэн барбыта. 11-с тимир суол үлэтин механизированнай биригээдэтин 9-с механизированнай батальонугар түбэһэн тимир суол тутуутун анал үөрэҕэр 2 ый үөрэнэн сержант чыыннанан ити үөһээ ахтыбыт Ладогаттан саҕалаан тимир суол тутуутун үлэтигэр барытыгар сылдьыспыт, Ленинградка бастакы поезд кэлэрин хааччыйсыбыт. Төһө да сураҕа суох сүттэ диэтэллэр, суола-ииһэ арыллан эрэр биир дойдулаахпыт буолар.